Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Билигин Саха Сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 24 909 туонна үүт туттарылынна, бу 2024 сыллааҕы былаантан 45%-на.

Билигин Саха Сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 24 909 туонна үүт туттарылынна, бу 2024 сыллааҕы былаантан 45%-на.

Саха Сирин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, 10%-нан элбэх  үүт ыаммыт. Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү оҥорууга харчынан көмө кээмэйэ 60-тан 65 солкуобайга диэри үрдээтэ.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ бу көрдөрүү 10% элбэх. Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Ньурба, Нам улуустарын оҥорон таһаарааччылара инники күөҥҥэ сылдьаллар.

Дьокуускайга уонна 20 улууска үүтү туттарыы 44 соҕотуопкалыыр тэрилтэҕэ ыытыллар. Субвенция 68% муниципальнай тэриллиигэ ыытыллан турар, ол иһигэр Нам уонна Өлүөхүмэ улуустара 80% ыллылар. Улуустарга барыта 2 млрд 430 тыһ солк. ыытылынна. Үүккэ былаан быйыл - 54 924 туонна.

Хаартыска: СИА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24