Хотон Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тус бырагырааматынан тутуллубут. В.Е.Ефремов бааһынай хаһаайыстыбата Хаҥалас улууһун биир бигэ туруктаах, сылын аайы сүөһүтүн ахсаанын элбэтэр, туттарар үүтүн кээмэйин улаатыннаран иһэр хаһаайыстыбанан буолар. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Валерий Ефремов 2019 сыллаахха министиэристибэ биллэрбит куонкуруһугар кыайан, хотонун кэҥҥэтэригэр грант ылбыт. Хаһаайыстыбаҕа билигин 60 төбө баар, онтон 35-һэ ыанар ынахтар. Быйыл сайын бааһынай хаһаайыстыба 150 туонна от бэлэмнээбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0