Билигин боруода сүөһүнү тастан киллэриигэ уонна ону тарҕатыыга НДС көрүллүбэт. Маннык чэпчэтиини сүөһүгэ, сибиинньэҕэ, барааҥҥа, козаҕа, сылгыга уонна кинилэртэн ылыллыбыт эмбрионнарга, көтөрдөргө уонна олор сымыыттарыгар, оҕус, сибиинньэ, бараан, козел, сылгы сиэмэлэригэр туһаныахха сөп.
2016 сыллаахха ылыллыбыт сокуонунан, чэпчэтии 2020 сыл бүтүөр диэри болдьохтооҕо. Дьокутааттар бастаан 2025 сыл бүтүөр диэри уһатарга этии киллэрбиттэрин, иккис ааҕыыга уларыттылар— 2020 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри буолла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0