Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, Амма-Уус Маайа быыбардыыр уокуругуттан Ил Түмэн дьокутаата Руслан Федотов, Амма улууһун баһылыга Николай Архипов, Амма Наахара нэһилиэгин баһылыга Мария Захарова, Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Ион Кононов кыттыыны ылан, эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Тэрээһин кэмигэр Үлэ Дьоруойа, фронтовик Петр Ионович Яковлев 100 сылын бэлиэтиир былаан тэрэһиннэрин уонна тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар туох сүрүн уларыйыылар быйылгыттан киирбиттэрин тула кэпсэттилэр.
Норуот дьокутаата Руслан Федотов: “Үлэ Дьоруойа, Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Петр Яковлев төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһин ыытылла турарынан барыгытын эҕэрдэлиибин. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар улахан өҥөлөөх киһинэн биллэр. Кини үлэлээн ааспыт сиринэн Амма Наахара нэһилиэгэ буолар. Онно билигин 300-тэн аҕыйаҕа суох сүөһүлээх хаһаайыстыба баар. Түгэнинэн туһанан этэр буоллахха, Үлэ Дьоруойа үлэлээн ааспыт сиригэр саҥа хотону тутан үлэҕэ киллэрэр киһи төрөөбүт дойдутугар бэртээхэй бэлэх, көмө буолуох этэ. Онон ити боппуруоска ылсан үлэлиэхпитин наада”, - диэн санаатын эттэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0