«Кэскил» тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр эт-үүт хайысхалаах саҥа баартыйа кэлэн, адаптацияны ааһарга бэлэмнэнэр. Икки нэдиэлэни быһа айаннаан, ынахтар барахсаттар, ыраас салгыҥҥа тахсан, көҥүл көччүйэн тыын ыла сылдьаллар. Сотору кэминэн, оннуларын буллахтарына, ыанан саҕалыахтара.
Аммаҕа атын субъектартан сүөһүнү аҕалыы уопута баар. Улууска өссө түөрт хаһаайыстыбаҕа 340 төбө Алтайтан кэлэн, дьиэтийбитэ быданнаата. Сүөһү оҥорон таһаарар бородууксуйата нэһилиэнньэ сибиэһэй эт, үүт бородууктатынан хааччылыытын толуйарыгар төһүү күүс-көмө буолара саарбахтаммат.
Бу баартыйа сүөһү эмиэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна оройуон дьаһалтатын көмөтүнэн кэллэ. Уопсайа – 12 мөлүйүөн суумалаах үп баранна. Бу Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар улахан көмө буолар.
Саҥа ынахтар туруктара үчүгэй. Олус сэргэх, сонумсах уонна сымнаҕас майгылаах буолан биэрдилэр. Үлэһиттэртэн толлубакка, үргүбэккэ, имэрийтэрэн-томоруйтаран, сытырҕалаан көрө сырыттылар. Ити курдук сир уларытыы, билсиһии сүөһүлэргэ холкутук ааста.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0