Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бу нэдиэлэҕэ буолбут XXXVI пленарнай мунньахха кыра дохуоттаах ыал 7-16 (17-лэригэр диэри)  саастаах оҕолоругар ылар босуобуйаларын туһунан сокуону Ил Түмэн дьокутааттара бигэргэппиттэрэ.

Бу нэдиэлэҕэ буолбут XXXVI пленарнай мунньахха кыра дохуоттаах ыал 7-16 (17-лэригэр диэри)  саастаах оҕолоругар ылар босуобуйаларын туһунан сокуону Ил Түмэн дьокутааттара бигэргэппиттэрэ.

Дьэ, билигин аны төрөппүттэр: “Хаһан? Ханна? Хайдах ылабыт?” – диэн ыйыталлара элбээтэ. Онон РФ Биэнсийэҕэ пуондатын Саха Сиринээҕи салаатын салайааччыта Георгий Степанов тэлэбиидэнньэнэн сиһилии быһаарбытын тиэрдэбит:

Безымянный 47

--Ааспыт ый бүтэһик күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын учуоттаан, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр сыалтан саҥа төлөбүрү киллэрэр туһунан анал ыйааҕы таһаарбыта.

Бу төлөбүрү 8-16 саастаах оҕолоох ыаллар ылыахтарын сөп. Аҕыйах хонуктааҕыта ити туһунан өрөспүүбүлүкэ анал сокуона тахсыбыта. Төлөбүрдэр ыам ыйын 1 күнүттэн төлөнөллөр. Ол гынан баран, ыйаах уонна сокуон муус устартан саҕалаан үлэҕэ киирэр. Ол аата ыам ыйынааҕы бастакы төлөбүр муус устардааҕыны кытта бииргэ төлөнөр. Хат ааҕан, икки ыйдааҕы төлөбүрү бииргэ тэҥинэн биэрэбит.

Бу төлөбүр аҕыйах дохуоттаах ыалларга ананар. Онон сайабылыанньаны суруйар дьон булгуччу дохуоттарын учуоттуохтаахтар. Холобура, 1-кы зонаҕа (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай оройуоннара, Удачнай куорат, Мииринэй нэһилиэнньэлээх пууннара) тииһинэн олоруу бигэргэтиллибит  алын кээмэйэ -- 22500 солкуобай. Ол аата 5 киһилээх ыал ыйдааҕы дохуота 112 тыһ. солкуобайтан кыра буоллаҕына, бу саҥа босуобуйаҕа сайабылыанньа суруйуоҕун сөп.

Өссө иккис ирдэбил баар. Төлөбүр оҥоһуллара баайтан-дуолтан эмиэ тутулуктаах. 2-3 дьиэлээх-уоттаах, элбэх массыыналаах дьон ылбат. Итини барытын учуоттуубут, нолуок уорганнарыттан, Росреестртан дааннайдары көрдүүбүт. Оттон кээмэйбит дифференцированнай. Ол аата төлөбүртииһинэн олоруу  алын кээмэйин 50%-тан 100%-ҥа тиийэ буолуон сөп. Ыал дохуотуттан көрөн быһабыт.

Билигин ыам ыйынааҕы төлөбүргэ ирдэнэр докумуон – аҥаардас сайабылыанньа эрэ. Сайабылыанньалары ыам ыйын 1 күнүттэн ылабыт. Туох баар ирдэнэр докумуоннары, сибидиэнньэлэри, чахчылары атын тэрилтэлэри, муниципальнай уорганнары кытта үлэлэһэн бэйэбит ылабыт. Инньэ гынан, дьон түбүгүн аччатабыт, ороскуотун аҕыйатабыт, бириэмэтин харыстыыбыт. Сайабылыанньа сөпкө сурулуннаҕына, быһаарыыбыт түргэнник ылыллан, төлөбүрдэр оҕолоох төрөппүттэргэ түргэнник тиийиэхтэрэ.

Сайабылыанньаны 3 ньыманан биэриэххэ сөп:

- Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларынан туһанан. Бу саамай табыгастаах, судургу ньыма.

- Биэнсийэ пуондатыгар.

- МФЦ офистарыгар.

Ол гынан баран, мин төрөппүттэргэ судургу ньыманы – судаарыстыбаннай порталы -- туһаныҥ диэн сүбэлиэм этэ.

Аны туран, алтынньы 1 күнүгэр диэри хаһан баҕарар сайабылыанньаны биэриэххитин сөп. Муус устартан саҕалаан, хас да ыйдааҕы босуобуйа барыта мунньуллан, биирдэ төлөнүөн сөп. Ол аата муус устар 1 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри 6 ыйдаах кэрдиис олохтонно. Онон төрөппүттэр ыксаабакка алтынньы 1 күнүгэр диэри сайабылыанньалары суруйуохтарын сөп.

  • 12
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением