Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Саас барахсан салаллан кэлбитин дьиэҕэ хааллан олорооччулар сорох-сорохтор билбэттэрэ да буолуо. Оттон туундара киэҥ нэлэмэн ньууругар табаһыттар дьиэ кэргэттэрэ ыстаадаҕа көһөр кэмнэрэ.

Үөһэ Дьааҥы Табалаах бөһүөлэгин дьокутаата, «Хара салаа» көс община бэрэссэдээтэлэ Дьулустан Потапов сонунун үллэстэр:

«Биэс буранынан 270 биэрэстэлээх сиргэ аара иккитэ хонон тиийдибит. Бөһүөлэктэн үс оҕону уонна ийэлэрин илтибит. Аҕалара ыстаадаҕа баар. Бастаан дьону хааллардыбыт, онтон салгыы 36 биэрэстэлээх сиргэ бородуукталарын тиэртибит. Биһигини кытта тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга барса сырытта. Кини улуус баһылыгыттан көрдөһөн, ыстаада үлэһиттэригэр босхо бородуукта биэрбиттэрэ. Ону илтибит. Александр Александрович табаһыт дьиэ кэргэн олорор усулуобуйаларын көрөн, кэпсэтэн, инники былааҥҥа кыстык дьиэни туттарар санаатын эттэ. Бу күннэргэ өссө биир ыал ыстаадаҕа айанныыра былааннанар. Эмиэ тэринэн, хомунан уһун айаҥҥа оҕолуун-уруулун турунуохпут».

«Хара салаа» көс община бас билиитигэр уопсайа 150-чэ таба баар, 300-чэ табаны бөрөлөр кыйдаан, ханна барбыттара биллибэт. Күн аайы табаһыттар көрдүү бараллар эбит. Сайылыыр сирдэригэр эбэтэр абына-табына ыһыллан хаалбыт буолуохтарын сөп диэн уопуттаах табаһыттар сабаҕалыыллар.

«Кэлиҥҥи сылларга бөрө мэнээктээн, таба үөрүгэр үгүс кыһалҕаны үөскэтэр. Бу боппуруос бары общиналарга сытыытык турар”, - диэн Дьулустан Потапов этэр. Кини инникитин көс община олорор усулуобуйаларын тупсарар былааннааҕын, дьиэ, хараал тутуутун олоххо киллэрэр санаалааҕын үллэһиннэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0