Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, үүнүү куһаҕана суох, хаһаайыстыбалар окко киирэн, бастакы кэбиһиилэр туруоруллан эрэллэр. От ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох 904 киһилээх 457 звено оттуу сылдьар. Ол иһигэр, 131 толору мэхэньисээссийэлээх, 193 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 133 илиинэн оттуур биригэдээлэр итиэннэ араас мааркалаах 378 тыраахтар күөх быйаҥ күрэҕэр сылдьаллар. Кинилэр барыта холбоон, 64 гектар ходуһа охсулуна, 51 туонна от кэбиһилиннэ, рулоннанна.
Хаартыска: эрэдээксийэ пуондатыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

