- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
Культура
“Уруйдан, Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар!”
«Уруйдан, Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» диэн девизтээх Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн олоҥхону истии киэһэтэ Балыктаахха тэрилиннэ уонна чугас сытар нэһилиэктэри ыҥыран Дойду, Мөҥүрүөн, Мэҥэ нэһилиэктэрин ыччаттарын хамаандаларын икки ардыларыгар өбүгэ оонньууларын күрэхтэһиитэ буолан ааста.
- Информация о материале
- Мария Захарова, Балыктаах
- 1123
«Уруйдан, Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» диэн девизтээх Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн олоҥхону истии киэһэтэ Балыктаахха тэрилиннэ уонна чугас сытар нэһилиэктэри ыҥыран Дойду, Мөҥүрүөн, Мэҥэ нэһилиэктэрин ыччаттарын хамаандаларын икки ардыларыгар өбүгэ оонньууларын күрэхтэһиитэ буолан ааста.
2006 сыллаахха ЮНЕСКО Саха Олоҥхотун Аан дойду култууратын шедевринэн билиммит өбүгэбит улуу айымньытын олоҥхону дьоҥҥо, эдэр ыччакка тиэрдэр-өйдөтөр сыалтан сахабыт баай тыла-өһө олоҥхо оһуор тылыгар, кылыһахтаах тойугар үөрэтиигэ, саҥа саҕалааччыларга күүс-көмө буоллар диэн эрэл санаанан ыытылынна. Тэрээһин саха фольклоруттан эҕэрдэ нүөмэрдэринэн саҕаланна. Хомусчуттар бөлөхтөрүн толоруутугар Айсен Аммосов репертуарыттан "Дьөһөгөй", "Ай-Тыас" бөлөх толоруутугар "Чаа Буо" аныгылыы чабырҕах, Дойду нэһилиэгиттэн ыалдьыттар толорууларыгар норуот ырыатынан попурри, "Татыйаас" ырыаны Дария Андросова ыллаан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
"Олоҥхо оҕо хараҕынан" диэн тиэмэҕэ оскуола үөрэнээччилэрин уруһуйдарын быыстапката дьон интэриэһин тарта, сөхтөрдө. Бу дьоро киэһэ ыҥырыылаах ыалдьытынан Дьабыыл нэһилиэгин ыччата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев аатынан бириэмийэ стипендиата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуохай этээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан оһуохай этээччитэ ,алгысчыт, эмчит Денис Оконешников "Дьорҕостой бэргэн" олоҥхоттон быһа тардыыны итэҕэтиилээхтик толорон истээччилэр биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Үс нэһилиэк ыччаттарын "Өбүгэ оонньуулара-2023" күрэхтэһиилэрэ олус сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Барыта сэттэ көрүҥҥэ ыалдьыттар уонна олохтоох ыччаттар хамаандалара илин-кэлин түһүстүлэр. Күрэҕи иилээн-саҕалаан Балыктаах орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала, мас тардыһыыга тириэньэр Андрей Николаевич Винокуров ыытта. Судьуйанан Иван Мохначевскай, Павел Кычкин үлэлээтилэр.
Бастыҥнарынан ааттаннылар "Кырынаастааһын" көрүҥҥэ - Щербак Андрей, Мөҥүрүөн нэһилиэгин ыччата.
"Ойбонтон уулааһын"- Евгений Кривошапкин, Дойду нэһилиэгэ.
"Түү мээчиги быраҕыы"- Дмитрий Фадеев, Мэҥэ нэһилиэгэ.
"Өһөс торбос"- Петр Кычкин, Мөҥүрүөн нэһилиэгэ.
"Кириэс тэбии"- Михаил Попов, Дойду нэһилиэгэ.
"Тутум маһы эргийии"- Николай Мордискин, Мэҥэ нэһилиэгэ.
"Күлүүстэһии" - Айтал Васильев, Мэҥэ нэһилиэгэ.
Күрэх балаһыанньатынан көрүҥ аайы эриэ-дэхси түмүгү көрдөрөн, бастакы миэстэ Мэҥэ, иккис миэстэ Дойду, үһүс миэстэ Мөҥүрүөн ыччаттара тигистилэр. Кыайыылаахтар анал мэтээллэринэн, грамоталарынан бэлиэтэннилэр. Саха дьонун үгэһинэн мустубут дьон, тэрээһин кыттыылаахтара Чыпчаал оһуохайы оройуттан туттулар, оһуохайы Денис Оконешников таһаарда. Алыптаах олоҥхону, оһуохайы уонна өбүгэ оонньууларын өрө тутан,үтүө үгэстэрбит өссө да сайда турдуннар диэн санаалаах сылдьыбыт-кыттыбыт дьон-сэргэ бу сэргэх тэрээһини биһирээбиттэрин биллэрэн астынан тарҕастылар.
Технологии
В президентский нацпроект включили строительство атомной станции малой мощности
Строительство атомной станции малой мощности в Усть-Янском районе Якутии включили в…
11.09.24 19:48
Общество
Молодежную политику хотят систематизировать
В Госдуму по инициативе «Единой России» внесли законопроект о систематизации сферы…
11.09.24 19:46
Уопсастыба
Учууталлар учууталлара Василий Оконешниковка пааматынньык туруордулар
Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бэлиэ күн буолан ааста. Бу күн Василий…
11.09.24 16:36
Общество
Журналистов приглашают принять участие в конкурсе «СМИротворец»
ХVI Всероссийский конкурс «СМИротворец» выявит лучших по освещению в средствах массовой…
11.09.24 15:01
Общество
С 1 марта начнут обязательную сертификацию самокатов
Обязательная сертификация самокатов начнется с 1 марта 2025 года. Это следует из проекта…
11.09.24 14:59
Экономика
При покупке жилья супруги могут вернуть 910 тысяч рублей
При совместной покупке квартиры каждый из супругов может получить вычет, в сумме максимум…
11.09.24 09:44