Степан Степанович үйэтитиигэ туһуламмыт ол бэртээхэй идиэйэни олоххо киллэрэригэр олохтоох уустан, норуот скульпторыттан, Германияҕа тиийэ быыстапкалаабыт В.И. Кулачиковтан көрдөспүт. Вячеслав Иванович дойдутугар үйэлээх бэлэҕи оҥорон хаалларар саргылаах санааттан тута сөбүлэспит.
Дьэ, аны матырыйаалыгар хантан үп-харчы булар уустук боппуруос күөрэйэн тахсыбыт. Онуоха Вячеслав Ивановиһы өйөөн, кэргэнэ Луиза Саввична Протопопова ханнык эмэ граҥҥа кыттан көрөргө эппит.
--Туох-ханнык граннар баалларын билсэ, Дьокуускайга анаан-минээн киирэн, Ресурснай кииҥҥэ тиийбитим. Онно миигин Т.Е. Дьячковская диэн наһаа үчүгэй консультант кыыс көрсүбүтэ. “Эн бу бырайыагын социальнай өрүттээх, гражданскай уопсастыба сайдыытыгар суолталаах. РФ Бэрэсидьиэнин граныгар “Сохранение исторической памяти” диэн хайысха баар. Онно кыттан көрүөххүн сөп. Ханнык эмэ ити эйгэҕэ сыһыаннаах НКО-ну булан, ол НКО аатыттан биэрэриҥ табыгастаах диэн сүбэлээбитэ”, -- диир Луиза Саввична.
Кини бэйэтэ уруккута Анаабыр оройуонун “Кыһыл сулус” хаһыатыгар эрэдээктэрбит, итиэннэ Өлөөҥҥө нолуок сулууспатын начаалынньыгынан үлэлээбит буолан, докумуону оҥорор уопуттаах буолан биэрбит. Онон улаханнык ыарырҕаппакка, Томарико Евгеньевна сүбэлээбитинэн бырайыагын бастакы барылын суруйан кэбиспит.
Саамай уустуга – грант балаһыанньатын ирдэбилигэр сөп түбэһэр НКО-ну булуу буолбут. Син араас НКО-лары ыйыталаспыт. Онтон Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун устаабыгар “поддержка в сфере сохранения исторической памяти общества” диэн баарын көрөн, тута Сойуус бэрэссэдээтэлэ Г.А. Бочкареваны булан, НКО аатыттан кыттарга көҥүллүүрүгэр көрдөспүт. Маныаха “бу олоххо барыта ситимнээх” дииллэрэ оруннааҕар өссө төгүл итэҕэйэбит. Тоҕо диэтэххэ, айар тыл аҕата Өксөкүлээх айымньыларынан сквер тутуллуутугар эмиэ айар тыллаахтар түмсүүлэрэ -- Саха сирин Суруналыыстарын сойууһа – күүс-көмө, тирэх уонна өйөбүл буоларга сөбүлэспит. Онон бырайыагы көмөлөөн суруйан-чочуйан, иккитэ төхтөрүйэн киирсэн, бастакы сырыыга ааспатах абалара эбии тэбиэһиннэрэн биэрэн, иккис төгүллэриттэн РФ Бэрэсидьиэнин граннарын пуондатын 1 992 670 солкуобай суумалаах гранын ылары ситиспиттэр. Ол туһунан бэс ыйын 15 күнүгэр истэн үөрбүттэр.
-- Онон "Увековечивание памяти основоположника якутской литературы А.Е. Кулаковского-Ексекюляха через создание культурного пространства “11 литературных героев А.Е. Кулаковского" диэн бырайыакпыт олоххо киирэн эрэрин бэлиэтиир тэрээһин атырдьах ыйын 7 күнүгэр буолбута. Билиҥҥитэ Вячеслав Иванович уонна мин инженер быраатым буолан иккиэн “Кырасыабай кыыс” уонна “Өрүс бэлэхтэрэ” диэн скульптуралары пенобетонтан оҥордулар. Барыта 11 арт-эбийиэк дьэндэйиэҕэ. Саамай улахан оҥоһукпут – киирэр аарка буолуоҕа. Түөрт миэтэрэ үрдүктээх, Аал Луук мас быһыылаах, үрдүгэр өксөкү кыыллаах. Бу түһүлгэбит “культурное пространство” дэнэр. Баһылай Атласов туркомплексын кытта холбуу биир култуурунай эйгэ буолуохтаах. 2021 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри бүтэриэхтээхпит. Уопсайа 3 мөлүйүөннээх бырайыак. Сорох тиийбэт үбүн буларга биһиги дьиэ кэргэммит, олохтоох дьаһалта, “Дороги Саха” тэрилтэ, “Сириус” рекламнай хампаанньа көмөлөстө. Бырайыак сүрүн партнердара: В.Н. Атласов арендаласпыт сириттэн сквербитигэр анаан саамай көстүүлээх миэстэтин ттуран биэрдэ, оттон Н.Ф. Протопопова салайар Бүлүүтээҕи "Кадастр Строй Проект" тутар-оҥорор сметабытын буор-босхо оҥордо. Түгэнинэн туһанан, биһиги өйөөбүт Суруналыыстар сойуустарыгар махтанабын.
Чахчыта да, саха тылын илбиһэ-хомуһуна сирдээн, Өксөкүлээҕи уонна Суруналыыстар сойуустарын ситимнээн, бу үйэлээҕи үөдүтэр үлэ оҥоһуллар төлкөтүн түстээбитэ буолуо.
--Сойуус хаста да граҥҥа кыттыбыта да, бииригэр да түбэһэ илик этибит. Оттон бу Өксөкүлээххэ анаабыт бырайыакпыт кыайбыта ураты суолталаах. Саха уус-уран тылын, литературатын биһигэ буолбут Таатта ытык сиригэр өрөспүүбүлүкэ бары суруналыыстарын аатыттан бэлэх курдук буолла. Бу бырайыак чэрчитинэн эдэр суруналыыстарга уонна суруйар талааннаах устудьуоннарга куонкурус биллэрдибит. Аны, Өксөкүлээх "Сайын кэлиитэ" поэматын кыра кээмэйдээх, дьэрэкээн уруһуйдаах, алын кылаас оҕолоругар аналлаах гына кинигэ оҥорон бэчээттэтиэхтээхпит. Иллюстрациятын маастарбыт В.И. Кулачиков бэйэтэ ойуулуоҕа. Онон, айар тыл аҕатыгар анаммыт сквери айар тыллаахтар Сойуустара өйөөбүтэ тоҕоостоох, – диир Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Г.А. Бочкарева.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0