Саха литературатын төрүттэспит суруйааччы, бастакы комедиограф Н.Д. Неустроев 2020 сыллаахха төрөөбүтэ 125 сылын туолбута. Хомойуох иһин, ити кэмҥэ хоруона хамсыга дойду үрдүнэн туран, араас хааччахтааһыннартан элбэх дьаһал, тэрээһин харгыстаммыта.
Хата, өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө, саха куттаах дьоҥҥо бэртээхэй бэлэх буолла – Дьокуускай 203 түөлбэтигэр баар саҥа СМАРТ 2.0.3. бибилэтиэкэҕэ Н.Д. Неустроев аатын иҥэрэр буоллулар.
Гордума мунньаҕар дьокутааттар бу быһаарыы иһин 100% куоластаабыттара үөрдэр. Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун уонна Николай Денисович биир дойдулаахтара, таатталар, өр кэмнээх туруулаһыылара үтүө түмүктэннэ!
Ыспыраапка
Николай Денисович Неустроев 1895 с. ахсынньы 15 күнүтэр Байаҕантай (Таатта) yлyyhyгap төрөөбүтэ. Билиҥҥинэн Уус Тааттаҕа. Кини драматург уонна прозаик быһыытынан ордук биллэр. Бастакы кэпсээнэ нууччалыы -- "Дикая жизнь" (1917 с). Саха литературатыгар кэмиэдьийэ жанрын төрүттээбитэ. Бастакы кэмиэдьийэтэ "Кукаакы Кулуба" 1920 с. суруллубута. Саха драматическай театра кини суруйбут "Kyhaҕaн тыын" драматынан үлэтин саҕалаабыта (1925 с.) "Балыксыт" кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр. “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэтэ уус-уран киинэ буолан таҕыста.
Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча литературата. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Ойуунускайдыын Н.В. Гоголь "Ревизорун" тылбаастаспыта. Кинини эмиэ баһааҕырдан, буржуазнай националиһынан ааттыы сылдьыбыттара. Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г.П.Башарин улахан үтүөлээх.
Өссө да элбэҕи айыах киһи эдэр caaһыгap, баара-суоҕа 33-тээҕэр, 1929 с. от ыйын 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ. Балта Анна Денисовна Неустроева эмиэ суруйааччы этэ.
- 5
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0