2019-2020 сылларга бырайыактыыр институт Ленин проспегын сир аннынааҕы инженернэй коммуникацията сир араҥатыгар хайдах дьайарын, коллектордара сылааһы төһө биэрэллэрин, онтон ирбэт тоҥ төһө ирэрин барытын үөрэтэн-чинчийэн, изыскание үлэтин ыыппыта. Ол түмүгэр “замена грунта и стабилизация многолетних грунтов” диэн бириинсибинэн сирин араҥатын уларытарга эппиттэрэ.
Онон 2021 с. алтынньы 1 күнүттэн улахан үлэ саҕаламмыта уонна, былаан быһыытынан, 2023 сыл алтынньытыгар 100% силигин ситиэхтээх.
Билигин Короленко уонна Дзержинскэй уулуссалар туһаайыыларынан учаастакка, итиэннэ Октябрьскай уулуссаҕа үлтүркэй тааһы кутан, суол бастакы кэрчигин бэлэмнии сылдьаллар. Проспект реконструкциятын уопсай сыаната 1,5 млрд солкуобайга тэҥнэспит.
Владимир Макаров, «Главстрой» хампаанньа суолу тутар салаатын салайааччыта:
-- Үгүс киһи: “Куоракка хас да уулуссаны (Каландаришвили, Чернышевскай уо.д.а) тоҕо барытын биирдэ сабан кэбистигит? Чаас-чааһынан арааран оҥорбоккутуй?» -- диэн ыйыталлар. Итиннэ мин маннык этиэм этэ: Дьокуускай балысханнык сайда турар. Барытын утуу-субуу оҥордохпутуна, үлэ уопсай бириэмэтэ уһаан-тэнийэн хаалар. Дьэ, хаһан да бүппэт өрөмүөн онно буолуоҕа. Ол иһин тэҥинэн водоканаллар, гаастар үлэлии сылдьаллар. “Саҥа аспаалы тэлгэтээт, аны турба уураары алдьаттылар”, -- диэбэттэрин курдук. Ол иһин аҕыйах кэм тулуйа түһүҥ. Атырдьах ыйыттан аспаалы ууран саҕалыахпыт. Онуоха диэри, олохтоохтору наһаа эрэйдээбэт туһуттан, ГАИ-ны кытта сөбүлэһиннэрэн, быһа охсууларга курдары ааһар быстах кэмнээх суоллары оҥоруохпут.
Ленин проспегын 4 балаһа гынан кэҥэтиэхтэрэ. Кэлэр сылга манна гранит тротуар ууруллуо, бэлисипиэт ыллыга, уу түһэр лотога баар буолуо.
Уулуссаны көҕөрдүү үлэтэ аны сайын күүскэ ыытыллара күүтүллэр. Дьаабылыка маһа, харыйа, рябинокизильник олордуллуохтаах. Киртийбит эркиннээх дьиэлэри, куһаҕаннык көстөр вывескалары тупсарарга, уларытарга үлэ барыахтаах. Сүүс аҥы буолбакка, барытын биир дизайн гынар сорук турар.
Онон, төһө да барарга-кэлэргэ харгыстаах буоллар, үйэлээх үлэ ыытылларыттан үөрүөх тустаахпыт.
- 5
- 1
- 0
- 0
- 1
- 0