Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Бүгүн Украинаҕа байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар Сахабыт Сирин уолаттара төрөөбүт дойдуларын дьонугар-сэргэтигэр видеонан эҕэрдэлэрин ыыттылар.

Бүгүн Украинаҕа байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар Сахабыт Сирин уолаттара төрөөбүт дойдуларын дьонугар-сэргэтигэр видеонан эҕэрдэлэрин ыыттылар.

Улуу Кыайыыны уһансыбыт аҕа көлүөнэҕэ сүгүрүйэн, уруй-айхал тылларын анаатылар.
Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин бүгүн байыаннайдары уонна федеральнай судаарыстыбаннай уорганнар дьиэ кэргэннэрин өйүүргэ эбии өйөбүл миэрэлэри киллэрэр дьаһалга илии баттаата.
Докумуоҥҥа олоҕуран, РФ Бырабыыталыстыбата уонна Россия үрдүк үөрэхтэрин кыһалара Украина анал эпэрээссийэтигэр кытта сылдьар, кыттыбыт быйыаннайдар оҕолорун анал квотанан үөрэххэ ылыахтаахтар. Маныаха бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларынан үөрэххэ көрүллэр бүддьүөт миэстэлэриттэн 10%-на ананыаҕа.
Байыаннай эбээһинэстээхтэр, итиэннэ байыаннай дьайыыларга өлбүт эбэтэр эчэйбит байыаннайдар оҕолоро үрдүк үөрэххэ, Суворов уонна Нахимов училищеларыгар, кадетскай уонна казачий куорпустарга киирии эксээмэнэ суох быһа ылыллыахтара. Быраабылаттан туорааһын -- айар эбэтэр профессиональнай тургутуу эрэ баар буолуон сөп.


Байыаннайдар уонна судаарыстыбаннай уорганнар үлэһиттэрин оҕолоро бу дьаһалга олоҕуран, чэпчэтиинэн туһанарга анал бигэргэтэр докумуоннары ылыахтара. Маныаха анал методическай мэктиэлээһини биир ый иһигэр бэлэмниэхтэрэ.
Маны тэҥэ Владимир Путин эрэгийиэннэр баһылыктарыгар РФ эрэгийиэннэрин, бүддьүөттэн ассигнованиеларынан туһанан, үрдүк үөрэххэ киирэр байыаннайдар уонна сотрудниктар оҕолоругар эбии өйөбүл оҥорорго ыҥырда.
Бу иннинэ дойду Бэрэсидьиэнэ Россия олохтоохторун Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээбитэ. Кыһыл Болуоссакка тыл этэригэр РФ байыаннайдара анал эпэрээссийэ чэрчитинэн Донбасс олохтоохторун көмүскүүллэрин, Россия куттала суох буолуутугар уонна кэскилин туһугар киирсэллэрин бэлиэтээтэ. Бэрэсидьиэн Россия дьайыыларын "күһэллиилээх бириэмэҕэ
агрессияны кэмигэр уҕарытарга соҕотох сөптөөх быһарыныы " буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон эппитэ.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением