Бүгүн, ол эбэтэр 15.05.22, Хатас сэлиэнньэтин «Сардаҥа» түөлбэтин көхтөөх дьоно, дьиэтээҕи түбүгү, дьиэни-уоту быраҕан туран, биир сынньалаҥ күннэрин нэһилиэкпит көстүүтэ үтүө буоларыгар, сылдьар ыырбыт ырааһырарыгар анаммыт субуотунньугу тэрийдилэр.
Үлэ сарсыарда 10 чаастан саҕаланна. Бары да билэрбит курдук, «Сардаҥалар» территорияларыгар «старай конечка», «күөх эрэстэрээн», «Халанча» биэрэгэ, «Ремикс» маҕаһыын тулата киирэллэр. Дьэ, этэргэ дылы, бэйэ кэнниттэн кэннини хайыһан көрбөт буолуу диэн хартыыната, айылҕаҕа сыһыан сатарайыыта, өй-санаа ыһыллыыта бу этиллибит сирдэргэ дьэҥкэтик көстөр. Ону бу түөлбэ дьоно-сэргэтэ кэккэ сылларга сыал-сорук туруорунан туран, кэмиттэн кэмигэр хомуйар буолан, бу бүгүҥҥү күҥҥэ урукку сыллардааҕар лаппа аҕыйах куулу хомуйдубут диэн үөрэллэр.
«Сардаҥа» түөлбэ олохтоохторо нэһилиэкпит уопсастыбаннай олоҕун тыгыалас тымырын тутан олорор сүрдээх оҥоруохха-тутуохха баҕалаах, көхтөөх дьон. Этэргэ дылы, ырыа диэтэххэ -- ырыа, үҥкүү диэтэххэ -- үҥкүү, театр, үлэ-хамнас бастыҥнара, чөл, чэгиэн олох чаҕылхай холобурдара манна бааллар. Бэрт соторутааҕыта Нохсоороптор, Соровтар тустарынан суруйан турабын.
Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэ кэргэнинэн кыттыбыт Ольга, Олег Михайловтарга, Маргарита, Николай Андросовтарга, оҕолорун,куораттан кэлбит тастыҥ быраатын, балтын - Егоминнары мунньан, халыҥ хамаандалаах Дария Герасимоваҕа, дьиэ кэргэнинэн сылдьыбыт Алеша Соломоновка, сиэннэрин кытта бэйэтэ биир биригээдэ дьонноох Марина Соломоноваҕа, манна даҕатан эттэххэ Марина Васильевна сиэнэ Кирилл Григорьев бу субуотунньукка анаан куораттан кэллэ, Шура, Наталья Нохсороваларга, Саргылана Петроваҕа, Мария Казановаҕа, Ксенофонт, Амелия Ивановтарга, Максим, Данил Егоровтарга барҕа махтал буоллун.
Субуотунньукка оҕолор бааллара айылҕаҕа сыһыаҥҥа, ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаҥҥа, ылбаҕай буоларга атыттарга үтүө холобур буолара мөккүөрэ суох. «Сардаҥа» түөлбэ саҥа талыллыбыт салайааччыта Николай Михайлович Андросов бу маннык тэрээһиннэргэ дьонун –сэргэтин кытта көрсөр-кэпсэтэр, инникини былааннаһар. Субуотунньугу тэрийээччилэртэн, көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ Марина Васильевна бэлиэтииринэн, оҕолор улаатаннар тутталлара-хапталлара, сатыыллара, кыайаллара-хотоллоро элбээбит онон үлэлииргэ-хамсыырга да бэрт диир.
Туох барыта ким эрэ көҕүлээһиниттэн, саҕалааһыныттан саҕаланар. Бу түгэҥҥэ Марина Васильевна Агафья Алексеевна Черноградскаяҕа махталлаах: «Күннээҕи түбүккэ ыктаран умна быһыытыйдахха даҕаны, кини "хайа хаһан" диирэ олус үчүгэй» - диир.
Дьэ ити курдук бүгүҥҥү күн «Сардаҥа» түөлбэ үтүө дьыаланан өйгө-санааҕа хаалар тэрээһини тэрийдэ.
Н.Руфова. Хатас. Ыам ыйа.
- 8
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0