Ол тэҥэ үгүс көрөөччү: “Мэҥкээрэп уһуллубатаҕа эбитэ буоллар, “Дьулуур” хайдах киинэ буолуо этэй?” – диэн толкуйдуон сөп курдук.
Чахчыта да, Арассыыйаҕа (“Легенда 17”, “Движение вверх”, “Лев Яшин”, о.д.а), аан дойдуга даҕаны (“Сила воли”, “Пеле”, о.д.а.) маннык ис хоһоонноох спортивнай драма элбэх: күүстээх санаанан улахан спорка кыайыыны ситиһии туһунан.
Ол эрээри бу “Дьулуур: мас-рестлинг” сүрүн оруолун толорбут Гаврил Менкяров уобараһын ураты истиҥник арыйбытынан киинэ умсугутуулаах буолан биэрдэ.
Дэлэҕэ көрбүт киһи барыта: “Уолу аһынан, дэлби ытаатым”, -- диэ үһү дуо? Ол аҥаардас артыыс итэҕэтиилээхтик оонньууруттан эрэ буолбатах, Гаврил тас көстүүтэ эмиэ абылыыр айылгылааҕа элбэҕи быһаарда: киһи эрэ сөбүлүөх сахалыы ис киирбэх номоҕон дьүһүнэ, туох да ордук хоһо суох орун-оннугар дьып-дьап курдук хатарыллыбыт быһыыта-таһаата, сэмэйдик туттара-хаптара – барыта сүрэх-дууһа ортотунан киирэр.
Үөһэ ахтыбычча, били Бодровпут эмиэ, төһө да өлөрүөхсүтү оонньоотор, көрөөччүнү тас көстүүтүнэн, оннооҕор омуннаан эттэххэ, бэйэтигэр бэркэ барсар бээһиҥкэ сибиитэрэтинэн кытта сүүйбүтэ. Ол эрээри Данила Багров, аармыйаттан кэлэн баран, олоҕун суолун криминалы кытта ситимниир эбит буоллаҕына, биһиги дембельбит Дьулуур, дойдутугар эргиллээт, араас оһоллору-моһоллору көрүстэр даҕаны, онтон тэмтэрийбэккэ, куһаҕаҥҥа умньаммакка, спорду кытта доҕордоспута – киинэ ыччаты иитэр сүрүн суолтата, сценарист сөптөөх быһаарыыта, биһирэмнээх герой уобараһын өссө үрдэтэргэ тутаах тутул буолла.
“Дьулуур: мас-рестлинг” диэн аата да этэринии, киинэ спорт бу көрүҥүн киэҥ эйгэҕэ пропагандалыырга туһуламмыт. Ол иһин хайдах дьарыктаналларын, сүүмэрдииллэрин, туох албастары тутталларын, приемнарын, быраабылатын, күрэхтэһэллэрин, ол тыынын-тыҥааһынын – барытын хабан көрдөрбүттэр.
Ол гынан баран, ханнык да айымньы сүрүн идиэйэтин күүскүнэн соҥнообоккун, хас биирдии киһи бэйэтин эйгэтинэн, толкуйунан, таһымынан хайдах ылынара, өйдүүрэ араас буолар аналлаах. Этэргэ дылы, “Каждый видит то, что хочет увидеть”. Ити санаанан салайтардахха, киинэҕэ мас тардыһыытын түгэннэрин эр бэртэрэ ордук сэҥээрбит, оттон презентацияҕа ыҥырыллан кэлбит дьокутаат, оҕону опекалар кэлэн былдьыылларын, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, ыччат үлэтэ суоҕун, о.д.а. баар кыһалҕалары, бука, сокуон хараҕынан көрө, хайдах гынан маннык олоҕу тупсарар туһунан толкуйдуу олорбут буолуохтаах дии саныыбын.
Улаатан эрэр оҕом саалаттан тахсан иһэн: “Ити интэринээккэ тоҕо чуолаан биһиги эрэ кыыспытын (Нарыыйа Лаптева) туората, атаҕастыы сатыылларый? “Миигин убайым кэлэн ылыа”, -- диэн киһиргиирин иһин буолуо дуо?” – диэн конфликт төрүөтүн таайа-сэрэйэ сатаата. Көр, обургу оҕо хараҕа киинэ атын проблематыгар хатаммыт.
Оттон мин Дьулуур уобараһыгар тыа уолаттарын дьылҕаларын көрөн, хайдах эрэ, аһынан уйадыйан ыллым. Барахсаттар, оскуоланы бүтэрэллэригэр, бары да Дьулуур курдук, оҕотук көрүҥнээхтэр уонна соннук толкуйдаахтар, көнө кэнэн майгылаахтар. Эмиэ биир спортивнай суумкаларын туппутунан, киин куоракка улахан эрэллээх кэлээхтииллэр. Дьэ, уонна манна, дьиэтэ-уота, тирэх буолар аймаҕа-уруута суох сиргэ, арааһы барытын көрсөллөр. Элбэх уол, Дьулуур курдук, ыскылаатынан-гарааһынан хонон, үтүрүм-хатырым сылдьыбыт буолуохтаах. Сорохторо оннук ускул-тэскил сылдьан, араас сабыдыалга киирэн, онно-манна түбэһээхтииллэр.
Оттон бу киинэҕэ Дьылҕа Хаан төһө да өлүүнэн-сүтүүнэн (ийэтин, ииппит аҕатын, эбэтин сүтэрэр) уолбутун муҥнаатар, бэйэтэ айыы айылгылаах буолан, тулатыгар үчүгэй дьону тардан (ийэлии бүөбэйдиир ыала дьахтар (Зоя Попова), харчыга наадыйарын иһин матасыыкылын атыылаһар уонна хаһан баҕарар төнүннэргэ бэлэм чугас доҕоро (Алдан Готовцев), балтын көрөр-харайар интэринээт үлэһитэ (Айталина Лавернова), кыраттан самныбат, дьулуурдаах буоларга көҕүлүүр инбэлиит Гоша (Роман Дорофеев), өйүү-өйдүү сатыыр үлэ биэрээччитэ, эрчийэр-сүбэлиир тренерэ (Иннокентий Луковцев) уо.д.а.), олор истиҥ сыһыаннарынан, сабыдыалларынан, өйөбүллэринэн Дьулуурбут, хата, биирдэ да сыыһа-халты туттубата, көнө суолтан туораабата. Биллэн турар, онно эбээ (Зоя Багынанова) сиэрдээх иитиитэ сүрүн оҥкул, булгуруйбат кытаанах сүнньү буолбута чуолкай.
Бу киинэттэн өссө үөрбүтүм диэн, мадьынылар оруолларыгар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара (Гаврил Менкяров, Владимир Михалев, Дмитрий Хоютанов уо.д.а.) оонньообуттарыттан.
Оҕобор: “Көр, төрүт ырыабытын-тойукпутун, үгэспитин кытта алтыһар буоланнар, үс куттара барыта чөл”, -- диэн астыммычча, киэн туттубучча, өссө быһааран кэпсээтим. Чахчыта да, ийэ куттарыттан иҥэриммит сахалыы сиэрдэригэр, олоҥхо бүтүн куйаарынан эҥсиллэр информацията, салгын куттарыгар сайа киирэн, ол барыта буор куттарын бөҕөргөтөн, тас көстүүлэрин киэргэтэр буоллаҕа эбээт! Кииллийбит бөҕө-таҕа көрүҥнэрэ дьиҥнээх спортсменнар курдук көрүҥнүүр. Гаврил Мэҥкээрэппит, бу чахчы күрэхтэһэ сылдьар киһи курдук, күлүмэх күүһүн күүрдэрэ, быыппастар былчыҥнарын оонньоторо, туох баар бүтэһик сэниэтинэн-эрчиминэн кытаахтаһан тардыһара – көрөргө оһуобай! Ол тыҥааһыннаах көстүүгэ бары өттүнэн кинини баһыйар Ратмир Гарифуллин оннооҕор сабырыйтарбыт курдуга.
Талааннаах удьуор уус ыччата, өй-билии баардааҕа, тыл-өс баайдааҕа, дьоҕур дьоһуннааҕа Гаврил Мэҥкээрэп араас уобараһы барытын итэҕэтиилээхтик арыйар кыахтаах: ардыгар ойуун да буолан кыыран туруо, сороҕор дьикти саастан иэйэн долгуйуо, ырыаһыты да үүт-маас үтүктэн дьүһүйүө, баҕардар 15 киилэтин быраҕан, этин-хаанын эрчийэн, мадьыны бастыҥын да толоруо. Итэҕэтиилээхтик оонньуур артыыс кулун тутарга Тобольскайга ыытыллыбыт «Алафейская гора» диэн куонкуруска номнуо “Эр киһи бастыҥ оруола” ааты ылбыта. Өссө да элбэх күрэххэ бэлиэтиэхтэрэ дии саныыбыт.
Оттон режиссер Валентин Макаров хайыы-үйэ иккис наҕараадатыгар тигистэ: ити ахтыбыт Тобольскайдааҕы күрэскэ уонна бу соторутааҕыта Ульяновскайга буолбут Валентина Леонтьева аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга.
Манна даҕатан эттэххэ, “Дьулуур: мас-рестлинг” саха киинэлэриттэн бастакынан РФ Култуураҕа министиэристибэтин гранын туһанна. Уопсай бүддьүөтэ 22 мөл. солк. буоллаҕына, 14,2 мөл. солк. харчыта ол субсидияттан. Маныаха Москуба продюсера Филипп Абрютин өҥөтө улахан. Кини үп-харчы буларга улаханнык көмөлөспүт.
Бу бэс ыйын 2 күнүттэн “Дьулуур: мас-рестлинг” өрөспүүбүлүкэ эрэ иһигэр буолбакка, бүтүн Арассыыйа прокатыгар тахсыаҕа. Дьэ, онно сэҥээрэ көрүөхтэрэ. Төрүт көрүҥмүтүн киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэргэ маннык бэртээхэй ньыманы толкуйдаабыттара хайҕаллаах.
Киинэни көрө илик дьон: “Тоҕо дьиҥнээх мадьыныны уһулбатахтарый?” -- диэн ыйыталлар. Кырдьык, мас тардыһыытыгар ситиһиилээх, киинэҕэ уһулла үөрүйэх уолаттар баалларынан бааллар. Чэ, холобура, абааһылаах “Иччи” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Борислав Степанов дуу, биитэр “Бэйбэрикээн” остуоруйа боотура буолбут Николай Матаннанов уо.д.а.
Ол эрээри режиссер Валентин Макаров хара маҥнайгыттан булгуччу идэтийбит артыыһы оонньотор соруктааҕа. Ол өйдөнөр – профессионализм хаһан баҕарар хаачыстыбаны мэктиэлиир. Ити бастакытынан. Иккиһинэн, киинэ ол аҥаардас спорду эрэ ойуулуур буолбатах, сүрүнэ – уол оҕо майгыта-сигилитэ уһаарыллыытын, ыстааллыы хатарыллыытын көрдөрөр. Уйулҕа ол туругун туох да улахан эмоцията арааһа суох, эҥин бэйэлээхтик туттан-хаптан дьүһүлэммэккэ, сыччах биир көрүүнэн даҕаны Гаврил Мэҥкээрэп эрэ сатаан тиэрдэр кыахтаах. Онон чуо кинини талбыта – режиссер табыллыыта.
Уопсайынан, түөрт сценарист (Мария Находкина, Валентин Макаров, Дарья Серенко, Любовь Борисова) куолаан суруйбут киинэлэрэ ис хоһооно бу мин онон-манан одоҥ-додоҥ кэпсээбиппинээҕэр быдан дириҥ буоллаҕа эбээт. Ону барытын биир-биир ырытан киирэн бардахха ыраатабыт. Холобура, Дьулуурга эбэтиттэн “нэһилиэстибэ” буолан хаалбыт кирэдьиитин тиэмэтин таарыйдахпытына, билиҥҥи олох кытаанах кырдьыга, төттөрүтүн, үчүгэй саҕалааһыҥҥа төрүөт буолбутун этэн туран, Өксөкүлээх “Саха интеллигенциятыгар суругар” саха хабалаҕа киирдэҕинэ, онтон өтөрүнэн өрүттүбэт проблематыгар тиийэбит. Онон, кэбис, кэпсэлбин түмүктүүм. Киинэҕэ күлүүс тыл буолбут “ыытыма” диэн тыл бу билигин баары сыаналыырга, сүтэрбэт туһугар туруулаһарга, тутан хааларга кыһалларга, мүччү туппакка харыстыырга туһаайбытын курдук, эһиэхэ эмиэ: “Киинэни көрбөккө ыытымаҥ”, -- диибин.
PS: киинэбит эмиэ, артыыстарын эппитим курдук, үс куттаах кэриэтэ: истиҥ эйгэлээх, элбэҕи толкуйдатардаах, көрөргө кэрэхсэбиллээх. Онон Дьулуур уол курдук, бастыҥ буоллун диэн туран, хартыынаҕа барытыгар уонна айар хамаандаҕа барыларыгар сыһыаннаан, суруйуубун “Үс кута чөл кыайар” диэн ааттыыбын
- 11
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0