Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Чурапчы көһөрүллүүтүн туһунан “Вечная память народа” диэн документальнай киинэ премьерата кулун тутар 2 күнүгэр “Лена” тыйаатырга буолла. Саала иһэ толору киһи. Бары уйадыйан олорон көрдүбүт...

1jpg

Чурапчы көһөрүллүүтүн туһунан “Вечная память народа” диэн документальнай киинэ премьерата кулун тутар 2 күнүгэр “Лена” тыйаатырга буолла. Саала иһэ толору киһи. Бары уйадыйан олорон көрдүбүт...

1jpg

   Бу бырайыак көһөрүллүү кыттыылааҕа, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Евдокия Федоровна Захарова идиэйэтинэн олоххо киирбит. Кини “Алдьархай аартыгынан айан” диэн пьесата испэктээк буолан, сыанаҕа хаста да турбута.

4b8c368e 6069 4a96 aa85 d9e85e039374

Онно олоҕуран, киинэ устар баҕатын «Женщины-автолюбители Якутии» (дир. Л.М. Баишева) өйөөбүттэр. Маннык уопсастыбаннай түмсүүлэр эрэ нөҥүө РФ Бэрэсидьиэнин граныгар кыттыахха сөп. Дьэ, онон 2019 с. харчы ылан, Лена Баишева бэйэтэ продюсердаан, хартыына дириэктэринэн Е.Ф. Захарова төрөппүт кыыһа Сардаана Захарова ананан, туруорааччы режиссер Марина Калинина салалтатынан эдэр дьонтон турар айар бөлөх устубут: режиссер көмөлөһөөччүлэрэ Наталья Лопатина, Мария Дьячковская; сценаристар Гела Красильникова, Татьяна Павлова; оператордар Серафим Федоров, Гаврил Старостин, Иннокентий Наумов, АйталБойтунов, Евгений Софронеев; таҥааччы режиссер уонна  компьютерной графика худуоһунньуга Мария Софронова; колорист Петр Хики; композитор уонна звукорежиссер Сергей Ярмонов; звукооператор Петр Скрябин; аранжировщик уонна ырыаны толорооччу Алексей Потапов; субтитр тылбаасчыта Алексей Амбросьев.

d6fb9ad5 23b2 4bbc 92f5 40f4294883c7 1

Сардаана Захарова, Марина Калинина, Лена Баишева, Евдокия Федоровна Захарова 

Киинэ көһөрүллүү кыттыылаахтара Е.М. Ефремова, П.П.Дьячковскай, Б.П. Баишев, Н.А.Дьяконов. А.П. Филиппова, М.П. Филиппов, Н.П. Тарасов, У.Е. Пермякова ахтыыларыттан таҥыллыбыт. Быыһыгар устуоруйа билимин дуоктара А.А. Борисов, РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Е.А. Борисов, научнай консультант быһыытынан, ырытан-быһааран биэрэллэр. «Көһөрүллүү» түмэлин тэрийбит Д.П. Чечебутов сүбэ-ама буолбут, ыйан-кэрдэн биэрбит. 

 Андриан Борисов, ааспыт кэм чахчытын чинчийэр учуонай, д.и.н.:

--1942 сыл тохсунньутугар ССРС Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтэ уонна баартыйа Киин кэмитиэтэ “О развитии рыбных промыслов в бассейнах рек Сибири и на Дальнем Востоке” уурааҕа тахсан, хоту дьону аҕалан үлэлэтэр сорук турбут. Соҕурууттан аҕыйах киһи кэлэн, былаан туолбакка, хоргуйаары гыммыт Чурапчы улууһун 41 холкуоһуттан 5 тыһыынча киһини Эдьигээн, Булуҥ, Кэбээйи оройуоннарыгар балыктата ыыталлар. Онтуката да тыһыынча кэриҥэ оҕо, ону кытта дьахтар аймах, сэриигэ барбатах саастаах дьон. Айаҥҥа да, антах да киһилии усулуобуйаны да сатаан тэрийбэккэ, аҥаара суорума суолланар. Ордук элбэх сүтүк Кэбээйигэ тахсар. Олохтоохторго сэрэппэтэхтэр даҕаны эбит. Онно тэҥнээтэххэ, Булуҥ уонна Эдьигээн кэм син көрсөргө бэлэмнэммиттэр. Ол да буоллар, 1942-43 сс. балыгы туттарыы 300 бырыһыан улааппыт. Ол аата бу күһэлэҥ көһөрүллүү көдьүүһэ суох таах мээнэ буолбатах эбит.

 калинана1

1 сыл 9 ый уһуллубут киинэҕэ уопсайа 4000 киһи кытынна.

калина2

Егор Борисов, РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин чилиэнэ:

--Бу хаһан да бырастыы гыныллыбат дьаһал. 17 тыһыынча нэһилиэнньэлээх улуустан 5 тыһ. киһитэ хоту көһөрүллэн, икки тыһыынча курдуга сэриигэ ыҥырыллан, сорохтор хоргуйан өлөн, 1943 сыллаах биэрэпискэ Чурапчы оройуонугар 8 тыһыынчаны кыайбат ахсааннаах киһи хаалбыт. Сирбит иэнэ эмиэ кыччаабыта. Чаачыгый холкуоспутун Мэҥэ Хаҥаласка биэрбиттэрэ. Райком I сэкирэтээринэн үлэлээбит Г.М. Сысолятин уонна А.С. Птицына обком 1942 с. «О мероприятиях по колхозам Чурапчинского района» уураҕын сыыһанан аахтарарга туруулаһан туруорсаннар, 1990 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаев өйөөн, ити уураах 1991 с. көтүрүллүбүтэ.

Екатерина Михайловна Ефремова, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Хатылы нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина:

d6f82a8f 2407 4fd5 a410 6968234f6320 1

-- Сир кууран-хатан, хайыта барарын ол сут дьыл көрбүтүм. Аны солко өрөөччү диэн түүлээх үөн ыһан кэбиһэн, тыа куруҥҥа кубулуйбута. Ийэм көһөрүллүүгэ барарбытыгар оһоҕостоох этэ. “Ханна тиийэн оҕолонобун, киһи буолабыт?” – диэн ытыырын өйдүүбүн. Аллараа Бэстээххэ баарсабытын 20 күн кэтэспиппит. Аҕам өрүс талаҕын баайан, отуу оҥорбута. Устан  иһэн өлбүттэри  таҥаска суулаан, өрүскэ ыыталлара, биитэр тохтообут биэрэкпитигэр хааллараллара. Олор эрэйдээхтэр күн бүгүнүгэр диэри уҥуохтара хараллыбакка сыттаҕа... Булуҥҥа тиийбиппит, эрэннэриллибит дьиэлэрэ-уоттара суоҕа. Үөһэ хантайдахха -- сымара таас хайалар, аллара көрдөххө – өрүс баалыра сытар. Курдат үрэр тымныы тыал. Алаас дьоно куттанан бөҕө. Кытылга устан кэлбит мастары үөһэ соһон таһааран, эр дьоммут хахха туппуттара. Тоҕус саастарыттан улахаттары биригээдэҕэ ылаллара. Оччоҕо эрэ нуорма аскын аахсарын. Дьоммут барахсаттар балыктыыллара. Ону мас буочукаларга тууһаан уураллара эбэтэр буруоҕа ыһаараллара. Ол хочуол маһын сайыннары оҕолор таһан сордоноохтуурбут. Дойдубутугар кэлбиппит, дьиэбит-уоппут өтөх буолбут этэ, онон оройуон киинигэр олохсуйбуппут. Ол эрээри көһөрүүгэ түбэһэн эстибит-быстыбыт курдук өйдөбүл биһиэхэ суоҕа. Хомуньуус баартыйа дьаһалын толордохпут дии.

Анастасия Петровна Филиппова, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Хоптоҕо нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина:

682151a2 920b 4b76 81c2 e3d5fba75ebf 1

--Аҕабын кытта көһөрүү мунньаҕар сылдьыбытым. 13 саастаах кыыс этим. Боломуочуйалаах наар: “Үөһэттэн былаан түстэ. Фроҥҥа барар курдук бараҕыт”, -- диирэ. Ол иһин мин ньиэмэстэри кытта охсуһа баран эрэр курдук санаабытым. Сыарҕаҕа кыамматтар-кыаллыбаттар олороллоро. Атахтаахтар сатыы хааман, Бэстээххэ тиийбиппит. Ынахтардаах этибит. Онтукабытын ыан, ыалынан үүт үллэстэн иһэрбит. Баран иһэн, биир сүөһүнү уоран сиэппиттэрэ. Сүрдээҕин сэниэлэнэн, биэрэги булбуппут. Балаакка хайабытыгар да суоҕа. Хаарга-силбиккэ, түүҥҥү тоҥорууларга талах быыһыгар киирэн сытарбыт. Хоту устан истэххэ, араас түбэлтэ буолара. Биир дьахтар икки баарса баайыллыбыт сиригэр оҕотун чохчотоору, ууга түһэрэн кэбиспитэ. Оҕото көрдөрбүтүнэн кыбыллан өлбүт. Аны биир кэргэнниилэр оҕолорун өлүгүн тэллэхтэрин анныгар кистээн сытыарбыттара сытыйан, сыт-сымар бөҕө буолбута. Эдьигээҥҥэ тиийбиппит, биэрэккэ 3 ураһа, 10 балаакка туруорбуттар этэ. Уонна кыһыл таҥаска, киһи сонньуйа күлүөх, “Добро пожаловать” диэн суругу ыйаабыттар. Дойдубутугар киһи өллөҕүнэ, дьааһык киэһэ таһырдьа тахсарбытыгар иэммит кэдэриҥниирэ. Оттон манна кыстанан сытар өлүктэртэн куттаммат буолбуппут. Дьэ, киһини кыһалҕа уларытара сүрдээх буолар эбит. Биһиги онно оскуолаҕа үөрэммиппит. Хата, муҥа-тэҥэ суох кэнсиэргэ эҥин кыттарбыт. Өссө хомсомуолга киирбиппит, онон сайынын балык тууһуурга көмөлөһөрбүт. Өй-санаа барыта өстөөҕү кыайыы туһунан этэ. Күн аайы учууталбыт хаартаҕа ханнык куорат босхоломмутун кыһыл былаахтарынан бэлиэтээн иһэрэ. Ону киэһэ дьоммутугар тиийэн кэпсээн, “ураа” дэһэрбит. Сэрии иннинэ мэниктиир бэйэбит аҕыйах сыл иһигэр улахан дьон курдук боччумурбуппут. Тиийэн, хоту өлөн-сүтэн эрэ тахсыбыт курдук кэпсииллэрин сөбүлээбэппин. Үлэ бөҕөтүн үлэлээбиппит. Оччолорго “бу күһэйэн сиэтэхтэрин” диэн өйдөбүл суоҕа. Кыайыыны уһанса сылдьар курдук бигэ санаалаах этибит.

Борис Пахомович Баишев, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Чурпчы улууһун, Чылаҥ нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, СӨ Ытык кырдьаҕаһа:

Без названия 2 15

--Үйэ-саас олохсуйан олорбут сиргиттэн, 2-3 күнүнэн хомунан, ханна бараргын билбэккэ айанныыр, кырдьыга, ыарахан буоллаҕа. Кэбээйигэ Бакыр биэрэгэр сүөкээбиттэрэ. Ол хоннохпут түүн кыстык хаар түспүтэ. Саатар, 12 холкуос диэн баран, онто суох бэйэлэрэ кыһалҕалаахтык салҕанан олорор дьоҥҥо, эбии таһаҕас буолан, 18 холкуос дьоно тиийэн кэлбиппит. Сэп-сэбиргэл диэн суох. Олохтоохтор муҥха тэрийэн, собонон аһаан өрүттүбүппүт. Билигин да кэбээйилэр үтүө санааларыгар махтана саныыбын.

Петр Прокопьевич Дьячковскай, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун, Мугудай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:

9cbcf7b6 dd5d 4a41 a76d 1609988659c0

-- Хоту көһөрөллөрүгэр: “Биир ынахха антах икки табаны биэриэхтэрэ”, -- диэн, сүөһүбүтүн илдьэ хаалбыттара. Хантан, таба буолуохтааҕар балык да суоҕа. Ыксаан, Эдьигээнтэн Булуҥҥа киирэн бултаабыппыт. Муксуҥҥа, уомулга аналлаах улахан баҕайы харахтардаах илимнэри биэрбиттэрэ. Онтукабытынан бастакы симиэнэ күнүс, киэһээҥҥилэр түүн балыктыыллара.

Дмитрий Шахурдин, өр кэм Булуҥ улууһун баһылыгынан үлэлээбитэ:

-- Киинэни уйадыйа көрдүм. Онно тиийэн, дьоллорун эмиэ көрсүбүттэр бааллар. Чурапчы 44 кыыһа кийиит буолан хаалбыта. Олор истэригэр мин ийэм А.И. Митрофанова баар.

Варвара Дмитриевна Софронова, Эдьигээн бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:

7034cdaf b5ce 4f83 9395 fe2927720bb8

--Эдэр ыччат бу тиэмэни ылсан үлэлээбитэ хайҕаллаах. Ол эрээри хоту олорор дьонтон ахтыы эмиэ ылыа эбиттэр. Холобура, эбэҥки эр бэрдэ Николай Васильевич Шемяков чурапчылары наһаа үчүгэйдик салайан бултатара, дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан көмөлөһөрө. Көһөрүллүү сиэртибэлэригэр обелиск оҥорторон туруорбуппут, улуустааҕы мусуойга хос тэрийбиппит.

Ульяна Винокурова, социология билимин дуоктара:

--  Хаһан баҕарар алдьархайы көрсүбүт көлүөнэ кутталтан тугу да эппэккэ, баары кытта сөпсөһөн олорор. Онтон кэлэр көлүөнэ дьон, дьэ, ол иэдээни ырытан, иҥэн-тоҥон үөрэтэн саҕалыыр. Сэбиэскэй былаас субу алҕаһын өр кистээбиттэрэ. А.Птицына, А.Маёда, Д.Чечебутов көмөлөрүнэн 80-с сыллар бүтүүлэригэр киэҥ эйгэҕэ биллэн барбыта. Айар бөлөх бэркэ үлэлээбит. Ааспыт устуоруйабытын киинэ көмөтүнэн ыччакка өйдөнүмтүө гына сэһэргиирбит кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри чурапчылары 1944 сыллаахха дойдубутугар төттөрү аҕалар туһунан уурааҕы туруорсубут А.Д.Богатырёв, И.Е. Винокуров туһунан киирбэтэх. Киинэ эдэр поэт Дорҕоон Дохсун "Кэхтиэхпин -- кэтэҕим кэннигэр өбүгэм күлүгэ, охтуохпун -- олоҕум иннигэр омугум кэскилэ" диэн тылларынан бүппүтэ, чурапчылар олоххо тардыһыыларын күүһүн бигэргэтэн биэрэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (11)

This comment was minimized by the moderator on the site

Ханна керуеххэ себуй?

This comment was minimized by the moderator on the site

Свободнай доступка хаьан кестер буолар?

This comment was minimized by the moderator on the site

Киьи уйадыйа корор, тоьолоох эрэйи корсон олох иьин охсуспуттара киьи согор

This comment was minimized by the moderator on the site

Бу киинэни көрө иликпин да буоллар биһи норуоппутугар ыарахан кэмнэр кэлэн аастахтара,маладьыастар билигин кырдьаҕастар этэллэринэн кинилэр бэйэлэрин жетва курдук санаммакка геройдуу кыайыы иһин турууласпыттара буолар.Аара баран айаннаан иһэн ыарахан айаны тулуйбакка элбэх киһи,оҕо олоҕо быһыннаҕа хараастылаах.Сүгүрүйэбин!

This comment was minimized by the moderator on the site

Көһөрүллүү, алаастарыттан ырааппатах саха дьонугар, кырдьык да иэдээннээх уураах. Киһи сааһырдаҕына өйдүүр эбит, дьиэҕи- уоккун, дойдугун хаалларан барыы ыараханын.

This comment was minimized by the moderator on the site

Биһиги оҕо эрдэхпитинэ хоту көһөрүү туһунан кэпсиир, кэпсэтэр бобуулаах этэ. Кырдьаҕастарбыт барахсаттар чып кистээн кэпсэтэллэрэ, ол сирдэргэ суорума суолламмыт оҕолорун, төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүт дьоннорун аһыйаннар саҥата суох ытаһаахтыыллара. Ол саҕана тугу кэпсэтэллэрин, тоҕо ытыылларын өйдөөбөт этибит, биһиэхэ ким да быһаарбат этэ. Кэлин, борбуйбутун көтөхпүппүт кэннэ биирдэ кэпсиир буолбуттара

This comment was minimized by the moderator on the site

Чурапчыга кеьуу иэдээнин ийэлэрбит а5пларбыт барахсаттар керсубут ыар олохторун туьунан ейдетер улэ куускэ ыытыллар, ыытыллыа да турда5а. Ити биьиги ытык иэспит!
Киинэ онорооччуларга бар5а махтал!!

This comment was minimized by the moderator on the site

Кулун тутар 2-кис кунугэр
"Лена" кинотеатырга 1-тэн буолбут "Вечная память
народа" диэн документальнай киинэгэ, Халыматтан сылдьар бииргэ улэлээбит коллегам уонна кини 3 балтылара буоламмыт, харах уулаах олорон кордубут.
Евдокия Федоровна, Сардаана Михайловна Захароваларга торообут улуустарын куьэлэн коьуруллуутун киинэ онорон уйэ саас тухары уйэдиппиттэригэр уонна киинэни устубут коллективка махтал.

This comment was minimized by the moderator on the site

Киһи ахтыылары ааҕа олорон уйадыйар, ытыыр ди, итинник сыыһа быһыы хаһан да хатыламматын

This comment was minimized by the moderator on the site

Хата бу бэрт киинэ

This comment was minimized by the moderator on the site

Барахсаттар олох до буруйдаабат эбиттэр дии сэбиэскэй былааьы, дьэ партия5а дьиннээх бэриниилээх дьон

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением