Кини Кириэстээх хаамыы сиэрин-туомун кэнниттэн тыл этиитигэр бу курдук чөл хаалбыт архитектурнай, сибэтиэй тутуулары сөргүтүү итэҕэли, духуобунаһы эрэ сайыннарыыга туһуламмат, сүрүн соруга - биһиги историябыт өйдөбүнньүгэ буолар диэн бэлиэтээн эттэ.
Бу күн Николаевскай таҥара дьиэтин сөргүтүүнү тэрийбит, хонтуруоллаан ыыппыт Култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстабылыгар департамент салайааччыта Николай Макаровка махтанан туран Владыка Роман епархиальнай мэтээл туттарда.
Оттон сөргүтүү үлэтин ыыппыт "Уран" Дизайн-студия инженерэ Петр Шишигин Архиепископка Николаевскай Таҥара дьиэтин дьоҕус макетын бэлэх уунна.
Хаартыска: “Хаҥалас” хаһыат саайтыттан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0