Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Радоница — православнай итэҕэлгэ өлбүттэри кэриэстиир, кинилэргэ Пасха үөрүүтүн тиэрдэр сүрүн күн.

Радоница — православнай итэҕэлгэ өлбүттэри кэриэстиир, кинилэргэ Пасха үөрүүтүн тиэрдэр сүрүн күн.

Радоница Пасха кэнниттэн 9 күн буолан баран, оптуорунньукка ыытыллар. Бу күн туох да бырааһынньык буолбат, таҥара дьиэтигэр бэргэһэлээһин (венчание) ыытыллыбат. Православнай христианнар өлбүт чугас дьоннорун ааттарын саппыыскаҕа суруйан хааллараллар, ону аҕабыт сарсыардааҥҥы литургияҕа ааҕар диэн Бикипиэдьийэ суруйар. 

Радоница күн туох гынылларый?

Сарсыарда таҥара дьиэтигэр панихидаҕа сылдьан өлбүт дьон туһугар үҥэр, бэлиэ сурук (записка) хааллараллар.
Бу күн кылабыыһаҕа чугас дьон уҥуохтарыгар сылдьаллар,  кырааскалаан, сууйан, чөлүгэр түһэрэн биэрэллэр.
 Өлбүттэри ахтан, пасхальнай ас-үөл (кулич, сымыыт) аһааһын, араас ас хаалларыы баар.
 Үгүс дьон бу күн үлэлээбэттэр, уу баһаллар, уһуннук кэпсэтэллэр. 

Хаартыска: Галина Матвеева 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21