Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 5 oC

Сахабыт Сирин киэҥ нэлэмэн иэнигэр биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин ылан, дьокутаатытан талыллан, ис дууһаларыттан кыһаллан үлэлиир кэрэ аҥаардар аҕыйаҕа суохтар. Бүгүҥҥү биһиги хаһыаппыт ыалдьыта, Абый улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгуна Айталина Унарова. Кинилиин биһиги үлэ-хамнас, ситиһиилэр, былааннар тустарынан сэһэргэстибит. 

Сахабыт Сирин киэҥ нэлэмэн иэнигэр биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин ылан, дьокутаатытан талыллан, ис дууһаларыттан кыһаллан үлэлиир кэрэ аҥаардар аҕыйаҕа суохтар. Бүгүҥҥү биһиги хаһыаппыт ыалдьыта, Абый улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгуна Айталина Унарова. Кинилиин биһиги үлэ-хамнас, ситиһиилэр, былааннар тустарынан сэһэргэстибит. 

- Айталина Алексеевна, бэрэссэдээтэлинэн хаһан талыллан үлэлии сылдьаргыттан саҕалаан улуустааҕы Сэбиэт үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.

111
- Мин бу дуоһунаска 2023 сыл ахсынньы ыйыгар талыллыбытым. Улуустааҕы Сэбиэккэ 15 дьокутаат  үлэлиир.  Улуус хас биирдии нэһилиэгиттэн араас идэлээх, үлэлээх дьон биир санаанан салайтаран, Абыйбыт сайдарын туһугар диэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ол курдук, култуураттан, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыттан, сибээстэн, үөрэҕирииттэн, мэдиссиинэттэн о.д.а. эйгэттэн бааллар. Ол иһигэр “Биир ньыгыл Арассыыйа”, ЛДПР, КПРФ баартыйалар чилиэннэрэ, бэйэлэрин туруоруммут дьон эмиэ дьокутаакка ааспыттара. Мин «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан киирдим. Дьокутааттар бары даҕаны киэҥ далааһыннаахтык үлэлиибит. Састааппытыгар эдэр дьокутааттар киирбиттэрэ олус үөрдэр. Бу ыччаппыт бэлиитикэҕэ интэриэһэ күүстээҕин, төрөөбүт дойдуларыгар кылааттарын киллэриэн баҕалаахтарын туоһута дии саныыбын.

2

- Бу кылгас кэм иһигэр номнуо үс төгүл сессия ыыппыккыт. Ханнык боппуруостарга ордук болҕомтоҕутун уурдугут?

- Бастакы сессиябыт ахсынньы 27 күнүгэр ыытыллыбыта,  улахан боппуруоспут - бүддьүөтү көрүү этэ. Олунньуга улуус баһылыгын отчуотун, сыллааҕы үлэ былаанын ылыммыппыт, үһүс сессия уочарата суох буолан тыҥаан турар боппуруостары ырыппыппыт.

Бүддьүөтү тыырыыга тохтоотоххо, быйыл олох-дьаһах хомунаалынай өҥөлөрүгэр төлөбүрдэр уонна хамнас толору көрүлүннэ. Тыа хаһаайыстабытын сайдыытыгар болҕомтобутун уурдубут. Маны тэҥэ дьону долгутар түргэн интэриниэт ситимэ киириитигэр үбү көрдүбүт.

- Ил Түмэн 30 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кыттыыны ыллыгыт. Бу туһунан кыратык сырдатаргар көрдөһөбүн.

- Олус үчүгэй, киэҥ хабааннаах үлэ ыытылынна. Улуус дьокутааттарын сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ бэйэ-бэйэбитин кытары билистибит, дьокутааттарбытыныын атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Интэриэһинэй мунньахтар ыытылыннылар, уопут атастыһыыта буолла. Ааспыт ыҥырыылаах мунньах дьокутааттара элбэҕи сэһэргээтилэр, сүбэ-ама биэрдилэр.

Мин РФ сенатора, Халыма-Индигир уокуругуттан дьокутаат Сахамин Афанасьев көмөлөһөөччүтэ буолабын. Нэһилиэнньэттэн олус элбэх этии киирэрин билсэр, өрүү сибээскэ баар.

- Улуускутугар саамай сытыытык турар боппуруостар?

- Быйыл Абыйга Аартыка сайдыытын министиирэ Владимир Черноградскай салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕө отчуоттаата. Манна дьону саамай долгутар, элбэхтэ этиллибит боппуруостарга тохтуом. Бастатан туран – бары эйэгэҕэ үөрэхтээх үлэһит тиийбэтэ. Доруобуйа харыстабылыгар бу ордук биллэр. Гинеколог курдук хас биирдии дьахтарга наадалаах быраас үлэлээбэтэҕэ иккис сылыгар барда. Онон хат дьахталлары фельдшер көрөр-истэр. Белай Гора оскуолата хаарбах туруктааҕынан, гимназияҕа сыһыара тутуу ыытыллыахтаах. Улууспут киинигэр успуорт саалата суох. Онон ыччат, нэһилиэнньэ успуордунан дьарыктанара атахтанар. Улуустааҕы күрэхтэһиилэри ыытарга кэккэ моһоллор тахсаллар. Бу эмиэ сытыы боппуруос.

- Арассыыйаҕа, Саха Сиригэр национальнай бырайыактарынан элбэх үлэ ыытыллар. Эһиги улуускутугар туох үлэ барда?

- Оннук, элбэх үлэ барда. Бүтэһик сыллары ыллахха, “Үөрэҕирии” национальнай бырайыагынан Уолбут уонна Кэбэргэнэ орто оскуолаларыгар өрөмүөн ыытылынна. Быйыл Ураһалаах орто оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыа, 2025 сылга оҕо ускуустубатын оскуолатыгар былааннанар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан быйыл 13 кыбартыыралаах таас дьиэ улуус киинигэр дьэндэйдэ. Бу бастакы элбэх кыбартыыралаах таас дьиэ буолар. Бу иннинэ тутуллубут дьиэлэр барыта мастан тутуулар. Онон олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.

8
- Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Туһаайан этиитин дойду олохтоохторо бары даҕаны сэҥээрэн иһиттибит. Эн ордук тугу сэҥээрдиҥ?

- Олус киэҥ хабааннаах, туох баар эйгэни таарыйар улахан Туһаайан этии буолла. Эбии биэс национальнай бырайыак олоххо киирэрин олус сэҥээрдим. Култуура үлэһитэ буоларым быһыытынан, “Култуура земскай үлэһитэ” барыгыраама киирэриттэн үөрдүм. Бу саҥа өйөбүл 2025 сылтан үлэлиэ. Этэн аһарбытым курдук, биһиэхэ каадырдар тиийбэттэр. Холобурдаан эттэххэ, оҕо ускуустубатын оскуолатыгар интрументалистар, кулууптарга режиссердар суохтар.

- Айталина Алексеевна, эн Абый улууһугар Анал байыаннай дьайыы ыстаабын салайааччыта буолаҕын. Туох, хайдах үлэ ыытыллар?

- Оннук. Ыстааппыт 2022 сыл алтынньы 3 күнүгэр арыллыбыта. Билигин кыһалҕаларбытынан, боппуруостарбытынан ханна тахсарбытын, кимниин кэпсэтэрбитин билэбит. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ ыытар араас акцияларыгар кыттабыт.

3
Холобурдаан эттэххэ, былырыын «Илии сылааһа» иис сыаҕын тэрийиитинэн, бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн «Эр хоһуун» таҥас кэмпилиэгин тигиитигэр иистэнньэҥнэр куонкурустара социальнай ситиминэн ыытыллыбыта. Таатта, Чурапчы, Томпо, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Кэбээйи, Өлөөн, Абый улуустарын, Жатай бөһүөлэгин хамаандалара түөрт күн устата киирсибиттэрэ. Уопсайа 13 устуука, 10 көрүҥ таҥаһы тикпиттэрэ. Биһиги улууспутуттан иистээнньэҥнэр Дария Антонова, Айталина Тарабукина, Вера Стручкова, Екатерина Горохова, Вера Слепцова, Клара Черемкина уонна Александра Заровняева кыттыыны ылбыттара.

6
«Вы не одни» Бүтүн Арассыыйатааҕы акцияҕа кыттыһан, Белай Гораҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ анаммыт «Аһымал дьаарбаҥката» ыытыллыбыта. Бүддьүөт бары тэрилтэлэрэ, урбаанньыттар, биирдиилээн дьон көхтөөхтүк кыттыбыттара. Дьаарбаҥкаттан киирбит үбү, аһынан көмөнү буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр туттарбыппыт. Сыалбыт биир - уолаттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн.

Бу курдук үлэ тиһигин быспакка ыытыллар. Маныаха нэһилиэнньэбит күүс-көмө өйөбүл буоларыгар махтанабын.

13

4
- Эн улуус култууратын начаалынньыга буолаҕын. Бу күннэргэ Норуот маастарын күнүгэр кытынныгыт. Ол туһунан кыратык кэпсээ эрэ...

- Култуура салаатынан элбэх үлэ ыытыллар. Бу күннэргэ “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа уонна сахалыы таҥастаах сэлэлии хаамыыга кытынныбыт. Араас дьыалабыай былаһааккаларга, маастар кылаастарга уопут атастастыбыт. Улууспутуттан икки норуот маастара - Василий Спиридонов уонна Татьяна Макарова - үлэлэрин көрдөрдүлэр. Бэһис сылын кыттар уопуттаах иистэнньэҥнэр тигиилэрэ, эдэр саҕалааччыларбыт, актыбыыстарбыт үлэлэрин көрдөрүүгэ аҕаллыбыт. Холобур, Альбина Шкулева бастакытын улахан көрдөрүүгэ оҥоһуктарын туруорда.

Өрөспүүбүлүкэ маннык улахан тэрээһиннэригэр улууспутун билиһиннэрэ сатыыбыт. Былырыын Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар кыттыбыппыт. Саха Сириттэн аан бастакытын сэлии муоһуттан оҥоһуллубут дьахтар киэргэлин: бастыҥаны уонна илин кэбиһэри кэппитим. Киэргэлим дизайынын Мария Каракалова оҥорбута, муоһу Владимир Барашков кыспыта.

- Сахабыт Сиригэр Оҕо саас, дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сыла биллэриллэн турар. Маныаха туох былааннааххытый?

- Бу сыл олунньу ыйыгар Саха Сиригэр Оҕо саас, дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылларын улууспутугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт. Сыллааҕы былаан бигэргэнэн, үп көрүллэн турар.

Быйыл Белай Гора бөһүөлэк 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Ытыктыыр киһибит Прокопий Егорович Слепцов – Ойуун Борокуоппай 105 сылын ылыахпыт. Биллэн турар, бу тэрээһиннэр эмиэ Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылыгар ананыахтара. Араас өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуус күрэхтэһиилэрэ ыытыллыа. Оҕолорго элбэх тэрээһини былааннаатыбыт.

Эһиил улууспут 95 сылын бэлиэтиэхпит, маныаха номнуо былаан торумнанан үлэ саҕаланна.

- Унаровтар актыбыыс, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолаҕыт. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кыратык сырдатаргар көрдөһөбүн.

- Кэргэним Прокопий Валерьевич Белай Гора орто оскуолатын дириэктэрэ, оскуола иһинэн үлэлиир аҕалар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ. Үс оҕолооохпут. Улахан кыыспыт Вероника үөрэҕин бүтэрэн куоракка олорор. Уолбут Владислав ХИФУ устудьуона, тутааччы идэтигэр маҥнайгы кууруска үөрэнэр. Кыра кыыс Белай Гора гимназиятын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ. Дьиэ кэргэммитигэр бары актыбыыспыт, ырыа куттаахпыт. Кэргэним аймахтара Унаровтар бары даҕаны ыллыыллар. Уолбут Владислав устудьуоннар икки ардыларыгар кэнсиэргэ гитаранан ыллаан сэҥээриини ылбыта. Кыра кыыспыт оскуола иһинээҕи тэрээһиннэргэ эмиэ көхтөөхтүк кыттар.

- Биир идэлээхтэргэр, дьокутааттарга, баҕа санааҥ?

- Барыларыгар, бастатан туран, кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Доруобай ис туругу, дьоллоох дьиэ кэргэни, үтүө сыһыаны. Оччотугар ис эйгэҕэ уоскулаҥ, нус-хас быһыы үөскээн, үлэҕэ-хамнаска барыта табыллыа дии саныыбын.
1




5

11


12

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Асчыттар түмүстүлэр

Балаҕан ыйын 25-29 күннэригэр Дьокуускай куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар тыа…
04.10.24 16:01