Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

СӨ парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жирков салайааччылаах норуот дьокутааттарын бөлөҕө тохсунньу 18-19 күннэригэр Кэбээйи оройуонугар оробуочай сырыы оҥордо диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.

СӨ парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жирков салайааччылаах норуот дьокутааттарын бөлөҕө тохсунньу 18-19 күннэригэр Кэбээйи оройуонугар оробуочай сырыы оҥордо диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.

Дэлэгээссийэ састаабыгар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Николаев, сис кэмититэттэр бэрэссэдээтэллэрэ Владимир Прокопьев, Елена Голомарева, Андрей Находкин, норуот дьокутаата Александр Сусоев киирдилэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын өттүттэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев, Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Бурнашева, Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Семен Коркин, Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэ Бырамысыланнаска департаменын салайааччытын солбуйааччы Владимир Дьяконов, Экэниэмикэҕэ министиэристибэ Федеральнай бырагыраамалары кытта үлэҕэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Егор Макаров уонна Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ кылаабынай исписэлииһэ Светлана Эверстова кыттыыны ыллылар.

Өрөспүүбүлүкэ парламенын дэлэгээссийэтэ нэһилиэк олохтоохторун кытта көрсүһүүтүгэр тыа сирин уонна улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сыһыаннаах сытыы боппуруостары көрдүлэр. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, өйөөһүн, олохтоох оҥорон таһаарыыны тилиннэрии, племенной үлэни өйөөһүн, тыа сириттэн үүтү туттарар субсидия кээмэйин улаатыннарыы, дьоҕус комплектаах оскуолалары, өрүһү туоруур күргэлэри тутуу, оттуур ходуһалары чөлүгэр түһэрии, мелиорациялааһын, оту таһыыга уматык сыанатын, балыыһаҕа куойка миэстэни элбэтиини, аэропорт өрөмүөнүн ыытыыны, о.д.а.

Александр Жирков этиитигэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха Сирин парламеныгар туһаайан этии хайысхаларынан сүрүн соруктарын, ол иһигэр тыа сирин, бырамыысыланнаһы кэлимник сайыннарыы бырагырааматынан улуус нэһилиэнньэтин олоҕун тупсарыыга олохтоохтор, араас таһымнаах дьокутааттар, муниципалитеттар салайааччылара уонна үлэһиттэрэ, олохтоох урбаан бэрэстэбиитэллэрэ тирээн турар суолталаах боппуруостары быһаарыыга түмсэллэригэр эттэ. Парламентарий бэлиэтииринэн, Саха Сирин салалтата хас биирдии нэһилиэк, дэриэбинэ уонна улуус территорияларын өйүүр сыаллаах хайысхатын халбаҥнаппакка, араас грант куонкурустарыгар көхтөөхтүк кытталларыгар, туһааннаах бырагыраамалары көрдүүргэ уонна барыстаахтык туһанарга, уопсай дьолу буларга ыҥырда.

Көрсүһүү үөрүүлээх түгэнинэн тыа сирин уонна улуус үлэһиттэрин наҕараадалааһына буолла. Кинилэр үлэҕэ уонна уопсастыбаҕа бастыҥ ситиһиилэрин иһин махтал тыллара этилиннилэр. Ил Түмэн грамоталарынан Аксинья Левина, Александра Егорова, Кландра Терехова, Парасковья Максимова, Егор Павлов, Мария Петрова, Татьяна Лепчикова, Агафия Евлева, Аграфена Эверстова наҕаарадаланнылар. Кэбээйи улууһун уонна Кэбээйи нэһилиэгин сайдыытыгар кылааттарын иһин Махтал суруктар Андрей Левиҥҥа, Николай Ивановка, Николай Лугиновка, Гаврил Харлампьевка, Наталья Сметанинаҕа, Эдгар Кулачиковка, Аграфена Афанасьеваҕа, Татьяна Лепчиковаҕа туттарылыннылар.

Александр Жирков салайар оробуочай бөлөҕө Кэбээйи улууһун баһылыга Иван Левины уонна Кэбээйи улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрин кытта Кэбээйи сэлиэнньэтин социальнай суолталаах, култуурунай эбийиэктэрин, тыа хаһаайыстыбатын салаатын тэрилтэлэрин үлэлэрин-хамнастарын сиһилии билистэ, «Ворошилов» бааһынай хаһаайыстыба баазатыгар сырытта.

Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатыгар «Аныгы оскуола» федеральнай үөрэх бырайыагын чэрчитинэн «технология», «информатика», «олоххо-дьаһахха куттала суох буолуу төрдө» биридимиэттэри саҥа технологиянан үөрэтэр сыыппараҕа уонна гуманитарнай хайысхалаах бырагыраамалары  билиһиннэрдилэр. Билиһиннэрии кэмигэр үөрэнээччилэр роботехникаҕа, ракетомоделированиеҕа, интеллектуальнай оонньуулары оҥорууга, тыа сирин олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга ааптарскай бырайыактарын, оскуола пресс-киинин үлэтин көрдөрдүлэр. П.Д. Степанов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ тыа сирин култуурунай уопсастыбаннаһын бэрэстэбиитэллэрин, норуот маастардарын, тойуксуттарын, хомусчуттарын, фольклористарын уонна кыраайы үөрэтээччилэри кытта эмиэ көрсүһүү буолла.

Александр Жирков көрсүһүү кыттыылаахтарыгар төрүт үгэстэри сөргүтэр уонна харыстыыр наадатыгар эдэр ыччакка билиини, дьоҕуру уонна уопуту үллэстэргэ,  киэҥник тарҕатарга болҕомтону ууралларыгар эттэ.

Көрсүһүү кэмигэр хомуска үөрэнэр оҕолор бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр. Александр Жирков хомус муусукатын джаз муусуканы кытта тэҥнээн, ити икки хайысхаларынан кытаанах ирдэбиллэр суохтарын бэлиэтээтэ.

- Муусукаһыттар үнүстүрүмүөннэрин кыаҕын иһинэн үрдүк таһымы ситиһэргэ дьулуһаллар, ити кинилэр маастарыстыбаларын бастыҥ көрдөрүүлэрэ буолар. Бу – талаан, көҥүл импровизация, дууһа көтүүтэ уонна ураты иэйии, – диэтэ Александр Жирков.

Оробуочай сырыы түмүктэрэ Дьокуускай куоракка сокуону оҥорооччулар уонна ситэриилээх былааһын бэрэстэбиитэллэрин кытта «Кэбээйи улууһа (оройуона)» муниципальнай тэриллии салалтата кыттыылаах таһаарыллыахтара.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением