Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Муус устар 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка  Ю.А.Гагарин аатынан култуура киинигэр “Үлэ киһитэ” бириэмийэни туттарыы ыытылынна. Үөрүүлээх быһыыга – майгыга өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит 50 киһиэхэ 300 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ туттарылынна.

Санатан эттэххэ, ааспыт сыл үлэ кэллэктииптэриттэн уопсайа 194 сайаапка киирбит эбит буоллаҕына, быйыл -  273.

Муус устар 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка  Ю.А.Гагарин аатынан култуура киинигэр “Үлэ киһитэ” бириэмийэни туттарыы ыытылынна. Үөрүүлээх быһыыга – майгыга өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит 50 киһиэхэ 300 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ туттарылынна.

Санатан эттэххэ, ааспыт сыл үлэ кэллэктииптэриттэн уопсайа 194 сайаапка киирбит эбит буоллаҕына, быйыл -  273.

Үлэҕэ таптал, бэриниилээх буолуу – биһиги үтүө үгэспит

Үрдүк таһаарыылаах үлэ дьонун Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ, үлэҕэ бэриниилэригэр, кыһамньыларыгар махтанна.

“Бу бириэмийэ ааспыт сыл – Үлэ сылыгар олохтоммута. Лауреттартан, үлэ кэллэктиптэриттэн үтүө тыллары, биһирэбили истэн, “Үлэ киһитэ” бириэмийэни сылын ахсын ыытарга санаммытым.

Бириэмийэ тутааччылар араас эйгэҕэ үлэлииллэр - сыбаарсыктар, массыныыстар, тыа хаһаайыстыбатын, социальнай эйгэ, мэдиссиинэ  үлэһиттэрэ о.д.а.  Хас биирдиилэрэ тэрилтэлэригэр улахан аптарытыаттаах, киэҥ билиилээх, уопуттаах дьон. Кинилэр күннээҕи, өр сыллааҕы  үлэлэринэн хас биирдиибитигэр холобур буолаллар. Бастыҥ үлэһит дьону чиэстиэхтээхпит, бочуоттуохтаахпыт”,  - диэтэ Ил Дархан.

Айсен Сергеевич сайаапка сыл ахсын ахсаана улаатара үөрдэрин этэн туран, Сахабыт Сирин устуоруйатыгар, туруутугар, үлэһит киһи киллэрбит кылаата ураты суолталааҕын ыйда: “Биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ – үгэс, биһиги ураты күүспүт. Ханнык даҕаны кэмҥэ саха үлэни кыайара уонна таптыыра. Маннык улахан сири-уоту баһылааһын, туһаҕа таһаарыы, саамай хоту сытар тыа хаһаайыстыбата, гуманитарнай көмө, бырамыысаланнас сайдыыта – бу биһиги хас даҕаны көлүөнэ өбүгэлэрбит үлэлэринэн, сыраларынан ылбыт, турууласпыт ситиһиилэрэ. Үтүө үгэстэр ситимнэрэ быстыбат. Ол курдук, билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар социальнай эбийиэктэр тутуллаллар, сир баайын хостооһуҥҥа көрдөрүү ханнык да кэмтэн үрдүк. Арассыыйа үрдүнэн демографияҕа сэттис миэстэҕэ таҕыстыбыт, олох олоруу  уһунунан дойду үрдүнэн орто көрдөрүүнү куоһарда. Олох хаачыстыбата тупсар, олохтоохтор сарсыҥҥҥы күнү эрэллээхтик көрсөллөр.

Бүгүн мин, Сахабыт Сирин бары олохтоохторун курдук, субуотунньукка кытынным. Олус элбэх киһи кыттыбытын көрөн үөрдүм. Бу биһиги төрөөбүт, улааппыт, олорор сирбит тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар кыһамньыбыт бэлиэтэ диэн сыаналыыбын”,  - диэтэ. Маны этэн туран, Айсен Сергеевич соторутааҕыта Саха Сирин бастыҥ үлэ династияларын Бочуот кинигэтигэр киллэрбиттэрин эттэ. 10 дьиэ кэргэн уопсай үлэлэрин ыстааһа 163 — 337 диэри сылга халбаҥныыр. Үөрэх, култуура, социальнай хааччыйыы, бырамыысаланнас, тыа хаһаайыстыбатын династиялара бааллар.

Саҥа судаарыстыбаннай наҕараадалар олохтоннулар

Айсен Сергеевич Сахабыт Сиригэр үлэҕэ ытыктабыллаах сыһыан өссө үрдүүрүгэр туһуламмыт саҥа судаарыстыбаннай наҕараадалар олохтоноллорун туһунан иһитиннэрдэ.

Ол курдук, “Во славу и пользу Якутии” Бочуоттаах бэлиэ маҥнайгы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев аатын үйэтитэргэ, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар уһулуччулаах кылааттарын уонна үрдүк көрдөрүүлээх үлэлэрин  түмүгүнэн туттарыллар буолуо. М.Д.Нартахова аатынан бириэмийэ социальнай көмүскэл бастыҥ үлэһиттэригэр ананыа. Маны тэҥэ, бастыҥ настаабынньыктарга “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах настаабынньыга” бэлиэ баар буолуо.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31