Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэ турар, ыаллар үһүс, төрдүс оҕолоноллор, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сыаннаһа өрө тутуллара үтүө түмүгү көрдөрөр. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 37 000 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олорор, оҕолоох ыаллары өйүүргэ былырыын бүддьүөттэн 32 млрд. 100 мөл. солк. ыыппыттар. Инникитин даҕаны, судаарыстыба оҕолоох ыаллары өйүүр бэлиитикэтин салҕыаҕа.

Нэһилиэнньэ олоҕун уһуна Саха Сиригэр 75 сааһы куоһаран, Уһук Илин бастакы миэстэҕэ тахсыбыппыт, итиниэхэ мэдиссиинэ хаачыстыбата тупсубута, киин эрэгийиэннэртэн туох даҕаны итэҕэһэ суоҕа сүрүн тирэх буолар. Ил Дархан доруобуйа харыстабылын салаата инники күөҥҥэ тахсан, күүскэ сайдан иһэрин, бу хайысханан улахан үлэ ыытылларын туһунан эттэ. 2023 с. олохтоохтор 48%, 2025 с. түмүгүнэн 77% мэдиссиинэ өҥөтүн биһирииллэрин биллэрбиттэр.

Кэлиҥҥи кэмҥэ доруобуйа харыстабылын инфраструктурата, аныгы оборудованиенан хааччыллыыта тупсан иһэр, телемэдиссиинэ, оҥоһуу өй киирэр, Кардиососудистай, Онкологическай киин аһыллан, ыарыһахтарга үрдүкү технологиялаах көмө оҥоһуллар, саҥа поликлиникалар, балыыһалар тутуллаллар, 2026 с. улуустарга өссө 19 эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх.  

Дьон доруобуйаларыгар болҕомто ууран, күн бүгүн хас үһүс Саха Сирин олохтооҕо физкултууранан уонна успуордунан дьарыктанар.  

Ол туһунан Ил Түмэн уочараттаах уон тохсус пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатын 2025 с. үлэтин түмүгүн отчуотугар иһитиннэрдэ.

Хаартыска ЯСИА. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0