Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Быйыл куорат ыһыаҕар наһаа итиитэ суох, сөрүүн тыаллаах халлаан туран биэрэн, ыһыахха барааччы өссө элбээбит курдук. Дьон үс чаас кэриҥэ айаннаан тиийэн баран массыыналарын суол ортотугар уураат, бэрт өр сатыы хааман тиийэллэр. Тула өттүгүттэн буор, кумах бурҕайар, сырдык мааны таҥаһыҥ тута хараара түһэр.

Быйыл куорат ыһыаҕар наһаа итиитэ суох, сөрүүн тыаллаах халлаан туран биэрэн, ыһыахха барааччы өссө элбээбит курдук. Дьон үс чаас кэриҥэ айаннаан тиийэн баран массыыналарын суол ортотугар уураат, бэрт өр сатыы хааман тиийэллэр. Тула өттүгүттэн буор, кумах бурҕайар, сырдык мааны таҥаһыҥ тута хараара түһэр.

Быйыл атыы-эргиэн эрээттэрэ өссө халыҥаабыттар, киирээккин кытта көмүс, киэргэл, таҥас-сап, оонньуур арааһын атыылыыллар. Бачча өр тиритэ-хорута айаннаан кэлбит дьон көмүс атыылаһа кэлэллэрэ дуу? — диэн ыйытыаххын баҕараҕын. Ас атыылыыр кафелар анараа түгэх диэки хаамтаххына биирдэ бааллар, иһирдьэ киирбитиҥ ханна даҕаны олорор миэстэ суох, туран эрэ аһааҥ диэбит курдук, эбиэт саҕана уочаракка 20-30 киһи халыҥ халҕаһата турар. Үтэһэлээх убаһа, биэ этэ 700-800 солк., биир лиитэрэлээх кымыс 700 солк., быырпах 500 солк., кыра иһиккэ кутуллубут аҕыйах тоорохой харта 350 солк., ис миинэ 350 солк.

17af9265 9751 4ace b76a d1a7c5b90734

Дьиҥэр, көмүс, таҥас-сап, атах таҥаһын атыытын аҕыйатан баран, саха төрүт аһын атыылыыр хорчуоппаны, кафелары элбэтиэххэ баара. Эрдэттэн балаакка аҕалан оҥостубатах буоллаххына, бэс ыйын өҥүрүк куйааһыгар күн сыралҕаныттан ханна даҕаны куотар, хорҕойор сир суох. Биллэн турар, Үс Хатыҥҥа ураһалар элбэхтэр эрээри, барыта улахан тэрилтэлэр киэннэрэ, боростуой дьону онно киллэрбэттэр. Киһи барыта балаакка, зонтик, олоппос, остуол сүгэн-көтөҕөн киирбэт, онон дьон олорон сынньанарыгар бүтэй кырыыһалаах, күнтэн хаххалаах беседкалары оҥороллоро буоллар,  төһө эрэ элбэх киһи үөрүө, махтаныа этэ.

b0193b73 ff75 49ca a28a d372cde0ed01

Ыһыах аһыллыытын, «Дыгын оонньуутун» көрөргө түрүбүүнэ үрдүн күнтэн хаххалыыр курдук бүрүйэллэрэ буоллар диэн эмиэ элбэх киһи күүтэ саныыр. Аны киһи барыта онно кыайан баппат, ол иһин улахан төгүрүк быһыылаах стадион тутуохха баара.    

Оттон дьиэҕэр бараары тыһыынчанан массыына быыһыттан бэйэҥ тиэхиньикэҕин буларыҥ эмиэ туһунан квест, Үс Хатыҥ иннигэр баар былаһаакканы аспааллаан баран тимир көлө тохтобулун оҥорон, массыына турар сирин хас биирдиитин сыыппаранан нүөмэрдиир буоллар, эмиэ табыгастаах буолуо этэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0