Билигин социальнай урбааҥҥа биэнсийэҕэ тахсар саастара чугаһаабыт, эбэтэр номнуо бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьон кэлиэхтэрин сөбүн, дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарарга үрүҥ көмүс саастаах дьону федеральнай киин ирдэбилинэн былырыыҥҥыттан болҕомтоҕо ылар буолбуттарын туһунан эттэ.
«Үрүҥ көмүс саҕалааһын» бырагыраама иитинэн интэриэстээх дьону урбаан сүрүн өйдөбүллэригэр, биисинэс-былааны суруйарга, үбү-харчыны ааҕарга, юридическай боппуруостарга билиилээх буоларга биир нэдиэлэ устата үөрэтэллэр.
Максим Карбушев аҕа саастаах дьон сибиэһэй салгыҥҥа сылдьалларыгар, чэбдигирэллэригэр олохтоох туризмы сайыннарыы, Өлүөнэ остуолбаларыгар, Чочур Мырааҥҥа, Табаҕа, Кангалаас тоҕойугар тиийэ сатыы хаамар ыллыктары оҥоруу туһунан кэпсээтэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















