Парламентарий сир баайын хостооһунтан тутуллар нолуок 100% Арассыыйа бүддьүөтүгэр түһэрин иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ хааһынатыгар соҕотох «АЛРОСА» хампаанньа НДПИ нолуога киирэр эбит. Холобур, Саха Сиригэр айылҕа баайын хостуур «Сургутнефтегаз» атын эрэгийиэҥҥэ эрэгэстэрээссийэлээх, ол иһин нолуога барыта онно барар.
Дьокутаат этэринэн, манна аэропуорт туппуттара, үлэһиттэр 30 күҥҥэ кэлэн үлэлииллэр, онтон дойдуларыгар бараллар. 30 күнтэн тахса үлэлээтэхтэринэ, өрөспүүбүлүкэҕэ регистрацияланан, нолуогу төлүөхтээх этилэр.
Хаартыска ЯСИА.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

