Тус сыаллаах үөрэх диэн абитуриент үнүбүрсүөккэ киирэн баран үлэлии барар тэрилтэтин кытта дуогабар түһэрсэр. Бу дуогабар быһыытынан устудьуон босхо үөрэнэр, истипиэндьийэни ылар, ону таһынан, үлэ биэрээччиттэн кэккэ көмөнү ылыан сөп, холобур, айан ороскуотун төлөттөрүөн, дьиэ булан биэриэхтэрин, аһылыгын төлүөхтэрин син.
Дуогабарынан үөрэххэ киирбит устудьуоннар быраактыкаларын үлэлии барар сирдэригэр бараллар, ол тэрилтэҕэ сыһыарыллаллар. Абитуриеннар туһунан куонкурустаһаллар, онон үөрэххэ киирэр кыахтара үрдүүр. Үөрэнэ сылдьан устудьуон үлэлии барыахтаах тэрилтэтигэр харчыга үлэни толорон, эбии дохуот оҥостуон сөп. Оттон үөрэҕин бүтэрдэҕинэ сакаасчыкка үлэ миэстэтинэн хааччыллар.
2026/2027 үөрэх сылыгар ХИФУ-га бакалавриат уонна специалитет бырагырааматынан 351 тус сыаллаах миэстэ көрүлүннэ. Онтон 340 күнүскү үөрэххэ уонна 11 кэтэхтэн бэрилиннэ. Магистратура бырагырааматынан күнүскү үөрэххэ 3 миэстэ баар, ординатураҕа күнүскү үөрэххэ 101 миэстэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















