Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мун­ньаҕын (Ил Түмэн) уонна тус бэйэм ааппыттан ­эһигини Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэ­лиибин!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мун­ньаҕын (Ил Түмэн) уонна тус бэйэм ааппыттан ­эһигини Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэ­лиибин!

XVII үйэ саҕаланыытыгар, 1612 сыллаахха, Кузьма Минин уонна кинээс Дмитрий Пожарскай тула түмсэн, Арассыыйа норуота төрөөбүт Ийэ дойдутун туруулаһан, интервеннэргэ утарсан, дойдуга былаас былдьаһыытын тохтотон, Арассыыйа судаарыстыбатын устуоруйатын сүрүн түһүмэхтэриттэн биирдэстэрин – быыһык кэми  (Смутное время) түмүктээбитэ.

Аҕа дойдубут дьылҕата туохтааҕар даҕаны барыбытыгар күндүтүн билиниигэ сирдээбит норуот бу хорсун быһыыта дойдумсах буолууга дьулуһууга түөрт үйэ устата угуйар.

Саха сирэ 390 сыл устата Арассыыйа судаа­рыстыбатын быстыспат сорҕото. Бу аартыгыттан хаһан да халбаҥнаатаҕа. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар киириитэ экэ­ниэмикэтигэр, элбэх омуктаах норуоппут култууратыгар уонна духуобунай сайдыытыгар үтүө өрүттээх хамсааһыны аҕалбыта, биир ньыгыл сомоҕолообута уонна саҥа сайдыылаах уопсастыбаннай сыһыаннаһыыга көһүүгэ төһүү буолбута.

Быйыл биһиги үбүлүөйдээх бэлиэ кэми – Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтээтибит. Саха сирэ Автономнай Өрөспүүбүлүкэ статуһугар бүттүүн ус­­туоруйа кэрдииһин ааһан, бэйэтин судаарыстыбаннаһын институтун тэрийдэ уонна бөҕөргөттө, ин­­дустриальнай уонна духуобунай сайдыы суолугар бигэтик үктэннэ.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыыга эрэллээхтик хардыылыыр уонна омуктар икки ардыларыгар ил-эйэ олохтоммут, тэтимнээх сайдыылаах экэ­ниэмикэлээх уонна социальнай эйгэлээх эрэгийиэнинэн билиниллэр.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Аҕа дойдуну көмүскүүр үтүө үгэстээхпит. Бу элбэх национальнос­таах омукпут ураты сиэрэ-майгыта. Улуу ытык  өбү­гэлэрбит курдук,  глобальнай уларыйыыларга хардарар кыахтаахпыт уонна бары тургутуулары дьоһуннук туоруохпут. Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, сомоҕолоһууну, или-эйэни уонна төрөөбүт улуу дойдубут – Арассыыйа чэчирии сайдарын туһугар үтүө үлэни-хамнаһы баҕарабын!

Алексей Еремеев,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением