Чаҕылхай күннээх соҕуруу дойду уола 1976 сыллаахха биһиги биир дойдулаахпыт, Таатта кыыһа Зоя Иннокентьевналыын ыал буолан Харбалаахха кэлбиттэрэ.
Зоя Иннокентьевна Алмата куоракка медицинскэй үнүстүүт фармацевтическэй факультетын бүтэрбитэ. Харбалаахтааҕы 108 №-дээх аптекаҕа өр сылларга сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээн, нэһилиэк олохтоохторун ытыктабылларын ылла.
Аман Берли Ныгыметович бастаан “Коммунизм” сопхуоска суоппардаабыта, 1986 сыллаахтан Харбалаахтааҕы чох разреһыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Разрез бэтэрээнэ, иккис, үһүс истиэпэннээх “Шахтёр албан аата” бэлиэ кавалера. Нэһилиэк бастыҥ спортсмена, култуурунай-уобсастыбаннай олох көхтөөх кыттыылааҕа. Таатта түмэлэ Сомоҕолоһуу күнүгэр ыытар тэрээһинигэр куруутун кыттар, бэйэтин омугун национальнай бүлүүдэтин астаан аҕалан, маастар-кылаас ыытар, таҥаһын-сабын быыстапкалыыр, улуу истиэп ырыатын ыллаан иһитиннэрэр.
Зоя Иннокентьевна, Аман Берли Ныгыметович уоллаах кыыс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Оҕолоро, улахан сиэннэрэ үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр, норуот хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Аман Берли Ныгыметович Харбалааҕы иккис төрөөбүт дойдутунан ааҕынар, дьиэ-уот туттан, ньир-бааччы олорор.
- 16
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0