Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна Екатерина Иннокентьевна Новгородова өр сылларга оҕуруот аһын арааһын сыралаһан үүннэрэн, үрдүк үүнүүнү ыланнар, Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аатын ылбыттара.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна Екатерина Иннокентьевна Новгородова өр сылларга оҕуруот аһын арааһын сыралаһан үүннэрэн, үрдүк үүнүүнү ыланнар, Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аатын ылбыттара.

Үтүө үгэс салҕанар

Хаптаҕай дьоно-сэргэтэ кинилэр ситиспит кыайыыларын махталынан ахталлар, кинилэр иҥэрбит үлэҕэ үөрүйэхтэрин күннээҕи олохторугар туһаналлар, хаалларбыт үтүө үгэстэрин чиэстээхтик салгыыллар.

Күн бүгүҥҥү туругунан, биһиги нэһилиэкпитигэр 1081 киһи олорор, 331 ыал баар. Үгүстэрэ хаһаайыстыбалаахтар, сүөһүнү-сылгыны, сибиинньэни, кууруссаны ииттэллэр, сайынын оҕуруот аһын хото олордоллар. Оҕуруот аһыгар идэтийэр «Дириҥ» диэн тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ, хаппыыста үүннэриитинэн дьарыктанар «Сайдыы» агрокластер, сүөһүнү-сылгыны иитэр бааһынай хаһаайыстыбалар бааллар, төрүт салааны сайыннараллар. Кырасдааныскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев аатын сүгэр олохтоох орто оскуола агротехнологическай хайысханан ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр. Урукку сылларга ынах сүөһүнү хото ииппит дьоннор сааһыраннар, хотон көрүүтүн-истиитин кыайбат буолан эрэлэр. Ону учуоттаан, нэһилиэнньэттэн 80-ча ынах сүөһүнү хомуйан көрөр-истэр пиэрмэлээхпит. Ону дьаһалта сүрүн исписэлииһэ Людмила Жиркова дьаһайан үлэлэтэр, нэһилиэнньэҕэ махталлаах дьыаланы оҥорор, – диир олохтоох дьаһалта баһылыга Иван Зыков.

Нэһилиэккэ оҕо саастарыттан тыа хаһаайыстыбатын үлэтин мындырдарыгар үөрэнэн, ону үөрүйэх оҥостубут дьоннор, ыаллар элбэхтэр. Дьиэ ис бараанын, ис-тас үлэтин кэргэнниилэр сүбэнэн үллэстэн, күннээҕи түбүгү иккиэн сүгэллэр. Онно биири эбии бэлиэтиэхпин баҕарабын. Эр киһи сүүрэн- көтөн, булан-талан аҕалара олус бэрт, оттон дьахтар барахсан онно тэҥҥэ үлэлэһэрин таһынан, дьиэни-уоту, оҕону-урууну көрүү-истии, аһы-таҥаһы бэлэмнээһин сүктэриллэр. Онон тыа сирин дьахталларын тулуурдарын, дьулуурдарын, сатабылларын киһи сөҕөр, хайгыыр.

Хаптагай_-_3.jpeg

Түргэнник ситэр салаа

Екатерина Терентьева көтөрү иитиинэн уонна үүнээйи арааһын үүннэриинэн ситиһиилээхтик дьарыктанар. Кини кэргэнин кытары сүбэлэһэн, оҕолорбут салгыҥҥа көҥүл сырыттыннар, сибиэһэй аһынан-үөлүнэн аһаатыннар диэн санааттан, куораттааҕы дьиэлэрин атыылаан баран, Хаптаҕайга тахсан олохсуйбуттара номнуо сүүрбэ сыл буола охсубут. Ол туһунан кини маннык кэпсиир:

Ээ, онтон төрүт кэмсиммэппит, дойдубутун сөбүлээн олоробут. Мин бэйэм учуонай-агроном үөрэхтээхпин, гороскуобум да сир бэлиэтэ -- Оҕус, онон сиргэ төрүт чугаспын. Оҕуруот аhын сөбүлээн олордобун, көтөр бииһин ууһун арааһын иитэбин. Уопсайынан, дьахтар киhи, ыал ийэтэ «тыынын» таhаарар дьарыктаах буолара ордук, бэйэм иискэ төрүт сыстаҕаhым суох, онон буору бэрийэн сынньанабын, уоскулаҥ ылабын. Мин санаабар, соҕотуопкалыыр пууннар тэриллэн, үүтү-эти, атын да бородууксуйаны утары миэстэтигэр уонна сөбүгэр сыанаҕа туталлара олус көмөлөөх буолуо этэ. Холобур, ыраах нэhилиэккэ олорор бэйэтэ тырааныспара суох итиэннэ атыыга үөрүйэҕэ суох дьон (дьиҥинэн, бары да оннук буоллахпыт) бородууксуйабытын сатаан батарбаппыт, үлэлээбит-хамсаабыт сырабытын тилиннэрбэппит, сыанаҕа туруорбаппыт. Ол иһин, дьон элбэҕи ииттибэттэр. Ирдэниллэр докумуоннары эккирэтиhэр эмиэ ыарахаттардаах, онон судургу соҕустук, түргэнник докумуону толорорго сүбэдиир-амалыыр, көмөлөһөр суоллар бааллара буоллар. Аны билигин сүөhүнү иитии ыараан, дьон бу салааттан тэйэн эрэр. Холобур, 200 киилэ эти ылаары, сүөһүнү икки-үс төгүрүк сылы быһа, биир өрөбүлэ суох, көрүөххэ-истиэххэ, түбүгүрүөххэ, сайынын оттуохха, ону тиэйтэриэххэ наада. Онно холоотоххо, көтөрү иитии быдан атын, көрүүтэ-истиитэ судургу, барыыстаах да диэххэ сөп. Итини сыаналааннар, тыа сирин олохтоохторо түргэнник ситэр салааларга көhөн эрэллэр диэн көрөбүн. Ол курдук, ити 200 киилэ эти сыл аҥаарын иhигэр көтөрү ииттэн таhаарар кыах баар, түбүгэ да арыый чэпчэки. Барытын сөпкө тэриннэххэ, күҥҥэ муҥутаан биир эрэ чаас үлэлиэххэ сөп. Биһиги түргэнник ситэр салаанан саас-сайын дьарыктанабыт. Тоҕо диэтэххэ, аҕабыт баахтанан үлэлиир, инньэ гынан, ынах сүөhүнү иитэрбит уустук, оттон көтөрү көрүүнү соҕотох да дьахтар кыайар. Бэйэбитин хааччынары таһынан, атыыга эмиэ иитэбит, саас чоппуусканан дьарыктанабын, таарыйа бэйэм киэннэрин улаатыннарабын. Син элбэх араас көтөрү иитэн боруобалаан баран, үксүн эт хайысхалаахтары талан, ыам ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйыгар диэри кыстыыр эппитин холкутук хааччынабыт. Быйыл сайын өндүүк, цесарка, перепелка, хаас ииттиннибит. Олору идэһэҕэ туттан баран, перепелкалары уонна аҕыйах кууруссаны кыстата хаалларыахпыт. Бэйэ иитэн-аhатан таhаарбыт көтөрүн этин хаачыстыбата быдан үрдүк, иҥэмтиэтинэн баай, амтана ырыынакка, маҕаhыыҥҥа атыыланар көтөр этинээҕэр ордук буолар. Ону таhынан, көтөрү иитэр өссө биир үчүгэй өрүттээх, хаhан баҕар сибиэhэй эттээх буолаҕын. “Күһүҥҥү киhи күлбүтүнэн, сааскы киhи салбаммытынан” диэн өс хоhооно көтөрү иитэр дьоҥҥо сыhыана суох. Араас кэмҥэ ситэр көтөр баар, холобур, перепелка 38 хонугунан, маҥан бройлер 45 хонугунан, өҥнөөх бройлер 90 хонугунан, өндүүк 120-180 хонугунан ситэллэр. Онон сирдэтэн, бэйэҕэр табыгастаах кыраапыгы оҥостон үлэлээтэххинэ, төгүрүк сыл устатыгар сибиэhэй көтөр эттээх буолаҕын.

Екатерина үлэни атахтыыр сүрүн кыһалҕа быһыытынан илин эҥээр улуустарга көтөргө аналлаах, үрдүк хаачыстыбалаах аhылык суоҕа буоларын этэр. Кинилэр көтөрдөрүн аһылыгын барытын кыһын, суолу өрүсүһэн, Дьокуускай куораттан атыылаһан таhаарар эбиттэр, онуоха тута утары ууран биэрэр улахан үп ирдэнэр диир.

Иккиһинэн, инкубацияҕа туттуллар сымыыт барыта дойду тас өттүттэн атыылаhыллан, Москуба нөҥүө кэлэр, онон элбэх буолан кыттыhан, кууhунан ыла сатыыр эбиттэр. Сымыыт инкубаторга киирэр болдьоҕо кылгас буолан, сөмөлүөтүнэн эрэ аҕалтарыллар, ол түмүгэр сымыыт манна кэлэригэр сыаната быдан ыарыыр. Аны кыhыммыт уhун буолан, көтөр хотонун хапытаалынайдык туттарга, оттукка эмиэ үгүөрү үп-харчы ирдээнэр. Итинник ыарахаттары аахсыбатахха, сыал-сорук туруорунан дьарыктанар буоллахха, үчүгэйдик ааҕан-суоттаан, үлэни чэпчэтэр ньымалары тобулан, олоххо киллэрэн истэххэ, киhи кыайар үлэтэ эбит.

Оҕолорбут сиргэ-уокка чугастар, улахан уолбут бултуурун-балыктыырын сөбүлүүр, кыыспыт миигин кытары тэҥҥэ олбуор иhигэр баар үлэни барытын оҥорор, онон бэйэтэ уопуттаах көтөр иитээччи буолла диэхпин сөп. Анаан туохха да үөрэппэппин, миигин батыhа сылдьан көрөн үөрэнэр, арыт бэйэбиттэн да ордук дьаhанар, – диир үлэһит ыал ийэтэ.

Хаптаҕай-_Екатерина_терентьева.jpeg

Холобур буолаллар

Анастасия Кривошапкина нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата, элбэх оҕо ийэтэ, сиэн эбээтэ:

Биһиги, тыа сирин олохтоохторо, төрүт дьарыкпытын ыһыгыннахпытына, онтон тэйдэхпитинэ, эстэр суолга киирэр кутталлаахпыт. Омук тыынын уһатааччылар тыа сирин үлэһит дьоно буолаллар. Онон, ыччаттарбытын үлэттэн тэйитимиэхпитин наада, кинилэр үп-харчы, ас-таҥас хантан кэлэрин өйдүөхтээхтэр, билиэхтээхтэр. Мин тус бэйэм сибиинньэни, хааһы таһынан куруолукка тиийэ дьарыктана сылдьыбытым, саамай астына субан сүөһүнү ииппитим. Дьиэ кэргэнинэн үлэлээн-хамсаан, субан сүөһүлэри сыл иһигэр улаатыннаран, сиир эппитин хааччынарбыт, муоһугар, кутуругар тиийэ атыыга таһаарарбыт. Биһиги уопуппутун батыспыт хаһаайыстыбалар бу дьарык барыыстааҕын дакаастаабыттара.

Тыа сиригэр үлэ суох диир сыыһа. Бу Екатерина Терентьева курдук сүрэхтээх, туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат хоһуун санаалаах дьон үлэни булар, айар кэмнэрэ. Дьэ онуоха сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Урут да, билигин да тыа хаһаайыстыбата өйөбүлгэ, датаассыйаҕа наадыйарын, тыа сирэ саха олоҕун төрдө-силиһэ, уолбат ойбоно буоларын умнумуоххайыҥ.

  • 9
  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04