Хамсаабат баайга-дуолга, сиргэ-уокка, тырааныспарка ааҕыллыбыт төлөбүр туһунан иһитиннэрии Саха Сирин олохтоохторугар электроннай, итиэннэ суругунан тиксэриллэр. Өскөтүн кимиэхэ эмит нолуок туһунан иһитиннэрии кэлбэтэҕинэ, тустаах дьон бэйэни туоһулуур докумуоннаах олорор сиргит нолуокка инспекциятыгар тиийэн билсиэххитин сөп.
Былырыын Ил Түмэн быһаарыытынан, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, итиэннэ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ биир тимир көлө нолуогуттан босхоломмуттара. Ити дьаһал көдьүүһэ быйыл көһүннэ.
Маны сэргэ, үгүс нолуогу төлөөччү анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан, бу чааһыгар эмиэ кэккэ уларытыы киирдэ. Ол курдук, хамсаабат баайдарыгар нолуок төлөбүрэ уһатыллан биэрдэ. Быстах хомууртан уһуллубут күннэриттэн, үс ый иһигэр төлүөхтээхтэр. Ол суумаларын кинилэр тутатына буолбакка, алта гыммыттан биирин төлүөхтэрин сөп.
Үгүс киһи тырааныспар нолуогун ааҕыллыыта үрдээбитин бэлиэтиир. Ол курдук, быйыл 200-тэн үөһээ ат күүстээх тимир көлөҕө ааҕыллар нолуок ыстаапката икки төгүл улааппытын туһунан нолуок сулууспатын үлэһиттэрэ биллэрбиттэрэ.
2021 сыл түмүгүнэн Саха Сирин олохтоохторугар баай-дуол иһин уопсайа 1 млрд. 200 мөл. солкуобай ааҕыллыбыт. Итинтэн 68% тырааныспар нолуога, 18 % хамсаабат баай нолуога, 13% сир нолуога. Мантан 40% номнуо төлөммүт.
Ол эрээри, дьон барыта бириэмэтигэр төлүүр буолбатах. Эрдэтээҥҥи сылга ааҕыллыбыт түһээни төлөөбөккө Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 490 мөл. солкуобай кэриҥэ иэс салгыҥҥа ыйанан турар. Маныаха нолуок сулууспатын үлэһиттэрэ сэтинньи 17 күнүгэр "аһаҕас аан күннэрин" биллэрэн, баайга-дуолга ааҕыллар нолуок туһунан сиһилии кэпсиэхтэрэ, ыытыллар үлэни билиһиннэриэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0