Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр  биир кэмнээх  эрэгийиэннээҕи көмө оҥоһулларын туһунан Ыйаахха илии баттаата.

Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр  биир кэмнээх  эрэгийиэннээҕи көмө оҥоһулларын туһунан Ыйаахха илии баттаата.

Ол курдук, анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр халымыр эчэйиини ылбыттарга 500 тыһ. солкуобай, ыараханнык бааһырбыттарга 750 тыһ. солкуобай, байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр өлбүттэргэ, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр,  1 мөл.солкуобай көрүллүөҕэ.

Ыйаахха этиллэринэн, анал эпэрээссийэҕэ сылдьыбыт киһи эмтэнэ сытар сиригэр кини дьиэ кэргэниттэн биир чилиэнэ, эбэтэр чугас киһитэ тиийэр ороскуота эмиэ уйунуллар.

Санатан эттэххэ, быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр кэккэ чэпчэтиилэр киирэн тураллар. Ол иһигэр, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр 200 тыһ. солкуобай биир кэмнээх көмө төлөбүр, оҕолоругар оскуолаларга босхо итии аһылыгынан хааччыйыы, оҕо уһуйааннарыгар төлөбүртэн босхолооһун, устудьуоннарга эбии истипиэндьийэ көрүүтэ киирбиттэрэ, үөрэххэ сыаллаах миэстэнэн киирии, сынньалаҥ, чэбдирии лааҕырдарыгар сынньатыы. Маны сэргэ, байыаннай сулууспалаахтар дьиэлэрин гаастааһыҥҥа 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх үбүнэн көмө оҥоруу туһунан быһаарыы ылыллыбыта.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением