Саха норуотун чулуу уола Ньургун Тимофеев төрөөбүтэ 60 сылыгар төрөөбүт дойдутугар Намҥа Өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуола тэлгэһэтигэр кини аатын кэриэстээн, боруонсаттан кутуллубут пааматынньык уонна искибиэр аһыллыыта олунньу 7 күнүгэр буолан ааста.
Пааматынньык аһыллыытыгар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, Ньургун Тимофеев кэргэнэ Сардаана Иванова, аймахтара, бииргэ үөрэммит-үлэлээбит доҕотторо, норуодунай дьокутааттар кытыннылар.
Ньургун Семенович судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан биллэр, Ил Түмэн III ыҥырыылаах мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн III-IV ыҥырыылаах мунньаҕын норуодунай дьокутаата, Сахабыт Сиригэр алмааһы кырыылыыр салааны төрүттэспит чаҕылхай киһи этэ.
Кини «Туймаада Даймонд», техническэй дириэктэринэн, «Саха Даймонд» генеральнай дириэктэринэн, «АЛРОСА» ЯПТА дириэктэринэн, Москваҕа «АЛРОСА» алмаастарын атыыга таһаарыыга генеральнай дириэктэр солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун атыылыыр уустук кэмҥэ олохтоох бүддьүөккэ алмаас атыытыттан барыс киирэрин турууласпыта, норуотун интэриэһин өрө тутар хорсун санаалаах киһи быһыытынан өлбөөдүйбэт өйдөбүлү хаалларбыта.
Бэлэхтээбит тиэхэньикэтэ билигин да үлэлии турар
Биир дойдулаахтарыгар, намнарга илиитин араарбакка өрүү көмөлөһөрө, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо бэлэхтээбит бытовой тиэхэньикэтэ билигин даҕаны үлэлии турар диэн ахтан-санаан аастылар. Оттон киһи барахсан олоҕо түннүк нөҥүө чыычаах көтөн ааспытын курдук.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спортивнай оскуолатын тутуутугар, бырайыагын оҥорууга Ньургун Тимофеев дьоһун кылаатын киллэрбитэ, ол иһин кини аатын оскуолаҕа иҥэрбиттэрэ уонна тиэргэҥҥэ пааматынньыгын туруордулар.
Пааматынньык тула төгүрүччү ыскаамыйалардаах дьон сынньанар искибиэрэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уонна норуодунай дьокутааттар көмөлөрүнэн оҥоһулунна.
Максим Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Ньургун Семенович оҕо сааһыттан олоҕун араас кэмнэригэр алтыспыт дьоно-сэргэтэ кини туһунан истиҥ ахтыы оҥордулар. Мустубут дьон өрөспүүбүлүкэни сайыннарарга былаас уоргана норуокка аһаҕас буоларыгар, парламент үлэтэ киэҥ эйгэҕэ сырдатылларыгар дьоһун олук уурбут новатор быһыытынан умнуллубат суолу-ииһи хаалларбытын эттилэр.
«АЛРОСА» хампаанньаҕа өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскүүргэ сүрүн тирэх буолар сокуону көҕүлээбитэ
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев парламент историятын үөрэтэн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын сүрүн тутула II уонна III ыҥырыылаах мунньах дьокутааттарын күүһүнэн оҥоһуллубутун, оттон кэлиҥҥи сылларга онно көннөрүү киирэрин бэлиэтээтэ.
«Ньургун Тимофеев көҕүлээһининэн парламентскай истии киирбитэ, онно дьүүллэһиллибит боппуруостар пленарнай мунньахха киирэн, нормативнай-правовой аактанан бигэргэнэллэр.
«АЛРОСА» хампаанньаҕа өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскүүргэ сүрүн тирэх буолар сокуон Ньургун Семенович көҕүлээһининэн оҥоһуллубута. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ 90-ус сыллар саҥаларыгар тэрийбит хампаанньата биһигини кытта хаалла диэн киэн тутта этэбит. Биһиги эрэгийиэммит хампаанньа бөдөҥ акционера буолан, Сахабыт Сиригэр олорор араас омук интэриэһин учуоттуур кыахтанныбыт. Итиниэхэ Ньургун Тимофеев үтүө өҥөлөөх.
Төрөөбүт дойдутун, Намын улууһун сайыннарыыга кини сүрэҕин ууран туран кыһанара, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спортивнай оскуолатын тутуутун төрүттэспитэ. Хомойуох иһин, өссө да элбэҕи оҥоруохтааҕа ситэ олоххо киирбэккэ хаалла, билигин үлэлии сылдьар дьокутааттар ону ситиһэргэ дьулуһуохпут. Биир оннук баҕа санаата муниципальнай тэриллии хас биирдии нэһилиэгэр таас оскуола тутуута этэ. Ол туһунан миэхэ тиһэх кэпсэтиитигэр эппитэ.
Ньургун Семенович — киэҥ өрүттээх дьоһун киһи, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, учуонай, өрөспүүбүлүкэҕэ алмааһы кырыылыыр ювелирнай салааны аан бастаан саҕалаан, кини төрүттэспитэ. Биһиги биир дойдулаахпыт, норуот чаҕылхай, чулуу уолун туһунан киэн тутта кэпсиибит, эдэр көлүөнэ кини сырдык аатын өйдүүрүттэн үөрэбит», — диэн эттэ Алексей Еремеев.
Ураһа дьиэлээх аныгы архитектурнай тутуулаах Максим Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы килэрийбит-халарыйбыт дыбарыаһа «АЛРОСА» хампаанньа үбүгэр тутуллан, дьон-сэргэ сөбүлээн мустар, тоҕуоруһар киинигэр кубулуйда.
Худуоһунньук кэргэнэ Сардаана Иванова быыстапка арыйда
Москваттан кэлэ сылдьар худуоһунньук идэлээх кэргэнэ Сардаана Иванова Ньургун Тимофеев хартыыналарын уруһуйдаан аҕалла. Быыстапканы Ил Түмэн фойетын үһүс этээһигэр көрүөххэ сөп. Кинилэр сүүрбэччэ сыл бииргэ олорбуттара, оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит Эргис диэн уоллаахтар. Уол бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада призера, английскай, французкай тылынан холкутук кэпсэтэр, экономика хайысхатынан үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр.
Ньургун Тимофеев кэргэнин, бииргэ алтыспыт дьонун ахтыытын «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр сиһилии ааҕыҥ.
-
Информация о материале
-
Марианна Тыртыкова
Марианна Тыртыкова
-
-
861