Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

«Ил Түмэн» издательскай дьиэ Уһук Илиҥҥи федеральнай эрэгийиэҥҥэ суос-соҕотох, икки судаарыстыбаннай тылынан тахсар парламентскай «Ил Түмэн» хаһыат 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, араас дьаһаллары тэрийэр. Олортон биирдэстэрэ – сэтинньи 9 күнүгэр суруналыыстарга ананан ыытыллыбыт "Эбэ бэлэҕэ" диэн күөгүлээһин күрэхтэһиитэ буолар.

«Ил Түмэн» издательскай дьиэ Уһук Илиҥҥи федеральнай эрэгийиэҥҥэ суос-соҕотох, икки судаарыстыбаннай тылынан тахсар парламентскай «Ил Түмэн» хаһыат 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, араас дьаһаллары тэрийэр. Олортон биирдэстэрэ – сэтинньи 9 күнүгэр суруналыыстарга ананан ыытыллыбыт "Эбэ бэлэҕэ" диэн күөгүлээһин күрэхтэһиитэ буолар.

Бастаан тыл баара...

Саха киһитэ айылҕаҕа чугас, дэлэҕэ «сахалар айылҕа оҕотобут» дэниэхпит дуо? Чахчыта даҕаны, былыргы үйэлэр мындааларыттан бу тыйыс, ол эрээри кэрэ айылҕалаах хотугу дойдуга олорор норуот айылҕа эргииринэн олоҕун-дьаһаҕын оҥостон кэллэҕэ. Ол курдук, сайын оттооһун, күһүн хомуур үлэтэ, салгыы кыстыкка киирии түбүгэ буолар, онтон баччаларга муус аннынан балыктааһын күөрэйэр. Инньэ гынан, куорат олохтоохторо дойдуларыгар муҥхалыы бараллар, оттон барар-кэлэр кыаҕа суох дьон салгын сии таарыйа, Өлүөнэ өрүс тас үөһүгэр киирэн күөгүлүүллэр.

Итини бэлиэтии көрөн, «Ил Түмэн» хаһыат сахалыы таһаарыытын эрэдээктэрэ Алексей Матвеев биир уочараттаах планеркаҕа үбүлүөй дьаһалларын былааныгар киллэрэн, күөгүлээһин күрэхтэһиитин тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Эдьигээн хаһыатыгар эрэдээктэрдиир сылларыгар тэрийбит уопутугар олоҕуран, күрэхтэһии хайдах ыытылларын туһунан кэпсээбитэ. Ону тэрилтэ салалтата: генеральнай дириэктэр Мария Христофорова, шеф-эрэдээктэр, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Бочкарева тута өйөөбүттэрэ. Ол түмүгэр, Суруналыыстар сойуустарын кыттыытынан «Эбэ бэлэҕэ» диэн мууһу аннынан балыктааһын (күөгүлээһин) күрэхтэһиитин балаһыанньата оҥоһуллан, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ тэрилтэлэригэр ыҥырыы ыытыллыбыта, спонсордар булуллубуттара, тустаах уорганнартан көҥүл ылыллыбыта.

Күөгү_-_алгыс.jpeg

Сэттэ хамаанда

Субуотаҕа, сэтинньи 9 күнүгэр, сарсыарда 8 чаастан саҕалаан, киин куорат 203-с түөлбэтин аннынааҕы өрүс тас үөһүгэр араас мааркалаах массыыналар кэлитэлээн, күөгүһүттэр мунньустан истилэр.

Барыта сэттэ хамаанда кэлбит: «Саха сирэ», «Арчы-Забота» хаһыаттартан, «Сахабэчээт» холбоһуктан, «Саха» иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньаттан биирдии, «Кыым» хаһыаттан икки. «Ил Түмэнтэн» холонуон баҕалаах балачча баара эрээри, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылларынан дьиэ кэргэн хамаандата тэрилиннэ – суруналыыс Галина Матвеева уолун, 35 №-дээх оскуола 5-с кылааһыгар үөрэнэр Даланы, кэргэнин Константины кытары хаһыат аатын көмүскүүр чиэскэ тигистилэр.

«Саха сирэ» хаһыат хамаандатын чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Иван Ксенофонтов-Силиги аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан айах тутан, үрдүкү айыылартан, Күөх Боллох тойонтон, Эбэ иччититтэн бойум булду көрдөһөн, алгыс эттэ.

күөгү_-_чуум.jpeg

Балыктааһын сахалар төрүт үгэспит. Куоракка олорор дьон Эбэбитигэр киирэн балыктаабаппыт сүрүкэтэ бэрт, онон бу олус сөптөөх дьаһал тэриллэн эрэр. Суруналыыстар диэн көхтөөх дьоннор, сатаабатахтара диэн суох. Мин санаабар, бүгүн балык балачча кэлиэ, күммүт да туран биэрдэ. Ким мындыр, түргэн, бааттаах ол кыайдын. Барыгытыгар ситиһиини баҕарабын, – диэтэ Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков.

Көмүс балыкчаан!

Хамаанда бэриллээтин кытары күрэхтэһии кыттыылаахтара Эбэ тас үөһүгэр киирдилэр. Бары оннуларын буллулар, буурдарынан кыра ойбоннору тэһэн, мэҥиэ кутан, күөгүлэрин уган олороллорун саҕана лоп курдук 9 чаас буолла.

Күөгү-_бастакы_балык.jpeg

Чочумча буолбата, «Кыым-1» хамаанда күөгүһүтэ Анатолий Стручков биир балыгы хаптаран үөрдэ! Кып-кыһын лапчааннара дьэрэкээннэнэн, хатырыга кылабачыйан, балыкчаан чахчы да көмүс хатырыктаах эбит.

Варвара Дьяконова опарышканан мэҥиэлиибин диир. Мин көрөн турдахпына кыыкынай оҕотун хаптарда. Туттарыттан-хаптарыттан бэрт үөрүйэх көрүҥнээҕин иһин ыйыппытым, Намҥа, Тополинайга уонна Усуйаанаҕа, ону ааһан Хара муораҕа (!) тиийэн күөгүлээбит, «кырдьаҕас» балыксыт буолан биэрдэ.

«Ил Түмэн» хамаандата хас да ойбону тэһэн олорор, Далан уолчаан Эбэ көй салгыныгар сылдьарыттан, ийэлээх аҕатын кытары күөгүлүүрүттэн дьоллоох санааҕа куустарбыт.

куйуур_-_үргүттэ_1.jpeg

Чуумсуктар

Кытыл таһыгар «Ил Түмэн» диэн былаахтаах икки балаакка туруорулунна. Биирэ жюри үлэлииригэр ананна.

Иккис балаакка – күөсчүттэр чуумнара буолла. Тэрилтэ кэрэ аҥаардара гааһынан уонна кыраһыынынан үлэлиир оһохтору туруордулар. Бииригэр чэй оргуттулар, иккиһигэр балык миинин буһардылар. Өр-өтөр буолбата, балык миинин хоторо охсоот, таба этин буһара уурдулар. Дьиэлэриттэн аҕалбыт астарын остуолга тардан кэбиспиттэрэ «Эбэ бэлэҕэ» диэн бүлүүдэ быыстапката буолла!

Халлаан былыттаах, кыратык кыраһалыыр буолан сылаас, ол эрээри, таһырдьа уһуннук олордоххо киһи тоҥор. Онон, күөгүһүттэр чуумҥа кэлэн, сылаас чэй уонна итии миин иһэн, иттэн бараллар.

күөгү_-_Влада.jpeg

Маастар-кылаас

Күнүс 12 чааска хамаандалар малларын-салларын хомунан, балааккалар тастарыгар муһуннулар.

Жюри түмүгү таһаарар кэмигэр чуумсуктар хас биирдии киһиэхэ сылаас чэй, итии миин кутан биэрдилэр. «Ил Түмэн» хаһыакка 2000-2003 сс. үлэлээбит, Ил Түмэн И.П. Илларионов аатынан бириэмийэтин, өрөспүүбүлүкэ Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Петр Томскай-Бүөтүр Мохсунуоха чыыр балыгы кыһарга маастар-кылаас көрдөрдө. Күөгүһүттэри тоҥ балыгынан күндүлээтэ. Биллиилээх айанньыт Э.В. Толль уонна кини аргыстарын тустарынан суруйбут «Дьиҥнээх доҕор» арамаанын бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэригэр уонна Галина Матвееваҕа бэлэхтээтэ.

күөгү_-_Томский.jpeg

Кыайыылаах манна баар

«Ил Түмэн» хаһыат шеф-эрэдээктэрэ, Арассыыйа Суруналыыстарын соһууйун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Бочкарева бастакы «Эбэ бэлэҕэ» күрэхтэһии ситиһиилээхтик ааспытынан бары хамаандалары эҕэрдэлээтэ, кыттыбыттарын иһин махтанна. Күрэхтэһии тэриллибит сыалын-соругун билиһиннэрдэ, инникитин даҕаны маннык тэрээһиннэр буолуохтарыгар эрэнэрин биллэрдэ. Кыайыылаахтарга наҕараадалары туттартаата.

Күөшү_-_Далан.jpeg

Анал ааттар маннык бэрилиннилэр: «Саамай эдэр кыттааччы» – Далан Новиков («Ил Түмэн»), «Саамай түргэн балыксыт» – Анатолий Стручков («Кыым-1»), «Сордоҥой» – Сайаана Львова («Саха сирэ»), «Баартаах балыксыт» – Мария Петухова («Кыым-2»), «Балыксыт балыксыта» – Михаил Ноговицын («Кыым-1»), «Балыксыт Кэрэ куо» — Варвара Дьяконова («Кыым-2»), «Саамай бытархай балыктаах» – Виктор Эверстов («Арчы-Забота»). «Балыксыт кыһыҥҥы сүүрүүтэ» диэн 100 миэтэрэҕэ дьааһыктаах уонна буурдаах сүүрүүгэ Ариан Григорьев («Сахабэчээт») бастаата.

Күөгү_-_чемпионы.jpeg

Хамаанданан күрэхтэһиигэ кыайыылаахтар балык уопсай ыйааһынынан быһаарылыннылар. Бастакы миэстэни «Кыым-2» хамаанда, иккис миэстэни «Саха сирэ» хаһыат, үһүс миэстэни «Кыым-1» хамаанда ыллылар.

Күөгү_түмүк.jpeg

Күрэхтэһиигэ кыттыбыттар, "ыалдьыбыттар"  Эбэ көй салгыныгар дуоһуйа дьаарбайан, кыһыл көмүс балыктары хаптаран, бэркэ астынан, үөрэн-көтөн, тэрийээччилэргэ махтанан, сыллата маннык күрэхтэһиини өссө тэрийэргэ баҕа санааларын этэн-тыынан  тарҕастылар. 

Хаартыскаҕа эрэдээксийэ түһэриилэрэ.

  • 9
  • 1
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

“Көмүлүөктэр” көхтөөхтөр

Дьокуускай куорат Октябрьскайдааҕы уокуругар “Көмүлүөк” диэн бэтэрээннэр кулууптара…
21.11.24 12:29