Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Сэтинньи 13 күнүгэр Таатта улууһун дьаһалтата Амма өрүһү кыйа сытар нэһилиэктэринэн сылдьан,  «Манчаары оонньууларын» тэрийэн ыытыы боппуруостарынан нэһилиэнньэни кытары көрүстэ. 

Сэтинньи 13 күнүгэр Таатта улууһун дьаһалтата Амма өрүһү кыйа сытар нэһилиэктэринэн сылдьан,  «Манчаары оонньууларын» тэрийэн ыытыы боппуруостарынан нэһилиэнньэни кытары көрүстэ. 

Чычымахха

Саха народнай поэта С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан орто оскуола дьиэтигэр тэриллибит көрсүһүүгэ туох үлэлэр бара туралларын, пуонданы хаҥатыы уо.д.а. тула кэпсэтии барда. Улуус дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, баһылык э.т. Руслан Захаров, дириэксийэ салайааччыта Петр Захаров, Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин, улуус успуордун салайааччы Андрей Сидоров уонна үөрэх салаатын исписэлииһэ Зинаида Охлопкова сүрүн үлэни сырдаттылар.

Мо_-_1.jpeg

От ыйыттан саҕалаан, Бырабыыталыстыбаҕа тиийэ туруорсуулар, кэпсэтиилэр күүскэ бара тураллар, ол тэҥинэн үлэ бары эйгэни хабан, тэтимнээхтик ыытыллар эбит. Күн бүгүҥҥү сорук – «Манчаары оонньууларын» пуондатын хаҥатыы буолар. Тутуулар, улуус киинин уулуссаларын оҥоруу үбүлэммит буоллаҕына, пуонда үбэ ипподрому салгыы тутууга, ааркалары көһөрүүгэ уо.д.а. тэрээһиннэргэ туттуллуохтаах. Бүгүҥҥү туругунан, пуондаҕа 9 мөл. 109 тыһ. солк. киирбититтэн, 8 мөл. 475 тыһ. солк. тутуу матырыйаалларыгар, маскоттарга, паарка ааркатын көһөрүүгэ, тиэйиигэ уо.д.а. ороскуоттаммыт. Улуус дьаһалтата тыа хаһаайыстыбатын тус сыаллаах бырагыраамматыгар 3 мөл. солк. уган, «Таатта» кэпэрэтиип бадыбаала өрөмүөннэммит, онно Оонньууларга туһаныллар ас-үөл ууруллуохтаах. Ытык Күөлгэ палисадниктар «Градо» тэрилтэ эскиистэринэн лофт истиилинэн оҥоһуллан, түмүктэнэн эрэллэр.

Чычымах олохтоохторо биир өрөбүл күҥҥэ субуотунньук тэрийэн, сүүрбэттэн тахса киһи түмсэн, ипподромҥа анаан 175 баҕананы хатырыктаабыттара, ат баайааччынан Семен Васильев үлэлии-хамсыы сылдьара, Эллэй аатынан орто оскуола иитэр-үөрэтэр кэлэктиибэ пуондаҕа үбү көтүппэккэ уган иһэрэ махталынан ахтылынна.
Көрсүһүүгэ барыта 25 киһи кыттыыны ылла. Ордук федеральнай суол, улуус киинин уулуссаларын боппуруоһа долгутарын туһунан эттилэр. Түмүккэ, кэрэ айылҕалаах Амма нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, буолаары турар сүдү суолталаах Оонньуулар ыытыллалларыгар көхтөөхтүк кыттар баҕаларын эттилэр, маннык сиһилии кэпсиир көрсүһүүнү тэрийбиттэригэр махтаннылар.

Мо_-_1_1.jpeg

Орто Аммаҕа

Көрсүһүү саха народнай суруйааччыта Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар, онтон нэһилиэк дьаһалтатын дьиэтигэр буолла. Оскуолаҕа 30 киһи, дьаһалтаҕа 16 киһи кыттыыны ылла. Бастакы көрсүһүүнү, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Валентина Кривошапкина үөрэнээччилэрэ, Дьөгүөр Түбэ «Талба Таатталыы» дириҥ ис хоһоонноох хоһоонунан астылар. Онон кэпсэтии ити хоһооҥҥо уйдаран, олус сэргэхтик ааста. Нэһилиэк олохтоохторо бастакынан суол боппуруоһун таарыйдылар, ону сэргэ аһылык хайдах тэриллэригэр, улуус кыраныыссатыттан саҕалаан, тутуулар дизайнердара ким буоларыгар, хамаанда састаабыгар, сөтүөлүүр сири оҥорууга, көҥүллээһиҥҥэ тиийэ ыйыттылар. Пуондаҕа куоттарбыты эккирэтиһэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэргэ, Валентина Кривошапкина улуус хас биирдии оскуолатын кылаастара муус устар 1 күнүгэр диэри дьаарбаҥкалары тэрийэн ыыталларыгар ыҥырда. Кырдьыга даҕаны, оҕо саастан төрөөбүт дойдуну таптыы, киниэхэ сүгүрүйэ, олохтоохторунан киэн туттууну маннык көҕүлээһиннэри иҥэриэххэ, тэрийиэххэ сөп.
Нэһилиэк олохтоохторо дойдулуур суолларыгар Амгинскай уулуссата ШПС-нан, муоста икки балаһанан аасыһар суоллаах оҥоһулларын, Ытык Күөлгэ киирии суол Аммалыыр аартыкка холбоһор суолга тиийэ 2 километры Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн үбүлэнэн оҥоһулларын үөрэ иһиттилэр. Пуондаҕа олохтоох уһуйаан (сэбиэдиссэй Х.С. Кривошапкина) кэлэктиибэ пуондаҕа үбү көтүппэккэ уга олороро бэлиэтэннэ. Бу нэһилиэк бары тэрилтэлэрин үлэлээн иитиллээччилэригэр, атын да араҥа, эйгэ олохтоохторугар үтүө холобур буолуохтун.
Диана Соломонова Оонньуулар тэрээһиннэригэр кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри туһанарга, күүскэ үлэлииргэ ыҥырда.

«Манчаары оонньууларыгар» Харбалаахтан гиирэҕэ Татьяна Слепцова, тустууга Александр Халыев, Юрий Васильев, Дмитрий Рахлеев, төрүт ох саанан ытыыга Нюргуяна Макарова улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн дойдуларын туһугар күрэхтэһиэхтэрэ.

Мо_-_3.jpeg

Чымынаайыга

Үс Амма нэһилиэктэрин түмүктүүр көрсүһүү, Чымынаайыга, киэһэ 17:30 чаастан, «Айтал» норуот айымньытын дьиэтигэр буолла. Көрсүһүүнү нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Егор Васильев сүрүннээтэ. Барыта отучча киһи, олохтоох дьаһалта, орто оскуола, уһуйаан, ОДьХ, култуура, балыыһа үлэһиттэрэ кытыннылар.
Бу нэһилиэктэн улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэргэ Галина Саввина, Галина Варламова, Мария Васильева (мас тардыһыыта), Павел Саввин (бэтэрээннэргэ мас тардыһыыга), Эдуард Куприянов (буулдьа саанан ытыыга) бэлэмнэнэ сылдьаллар. Путевканы ылыы улахан бэлэми эрэйэр.

Култуурунай тэрээһиҥҥэ ыччаттар, олохтоохтор кыттыахтара. Дьаһалта үлэһиттэрэ пуонда харчытын үс кыбаарталга түһэрэн олоробут, ахсынньыга төрдүспүтүн ыытыахпыт. «Манчаарынан» Тааттабыт иккис тыынын ылыаҕа. Улууспут киинэ Оонньууларга бэлэмнэнэн, күнтэн күн тупсан иһэрэ, көрүөххэ олус үчүгэй. Онон, чымынаайылар, туох ирдэбил туруорулларынан, барытыгар кыттарга бэлэммит. Улуус салалтатыгар, дириэксийэҕэ сүрдээх эппиэттээх кэмҥэ нэһилиэктэринэн сылдьан, үлэни-хамнаһы бу курдук сырдатаргытыгар махтанабыт. Тааттабыт былааҕын күөрэччи тутуоҕуҥ! – диэтэ баһылык Егор Васильев итиэннэ нэһилиэк сытыы боппуруоһун туруорсан, оскуоланы туттарыы бырайыагын түргэтэтэргэ улуус баһылыгын э.т. Руслан Захаровка Көрдөһүү суругу туттардар.
Олохтоохтор легионердар, палаточнай городок, олбохтору тигии о.д.а. тустарынан ыйытыылары биэрэн, толору хоруйдары ылан, Оонньуулары тэрийиигэ көхтөөхтүк кытталларын көрдөрөн, аны да салгыы кыттарга бэлэмнэрин биллэрэн тарҕастылар.

мо_-_2.jpeg

Онон, «Манчаары оонньуулара» инники сайдыыбытын түстүүр, улахан түһүлгэ буолара саарбахтаммат.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04