Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 5 oC

Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин өйөөһүн кэҥиир. Ааспыт сыл от ыйыттан СВО 157 кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин 114 чилиэннэрэ реабилитация куурустарын ааспыттар. Бу туһунан алтынньы 12 күнүгэр Реабилитациялыыр киин дириэктэрэ Асида Алексеева иһитиннэрдэ.

Асида Алексеева култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин кытары ыкса үлэлииллэрин эттэ. Холобурдаатахха, кииҥҥэ национальнай киэргэллэри оҥорууга, кыбытык ньыматынан иистэниигэ уонна оҕуруо анньыыга маастар-кылаастар ыытыллыбыттар.

Арчы дьиэтигэр алгыс сиэрэ -туома буойуттар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин уйулҕаларын уоскутар, күүстэригэр күүс эбэр.

“Сулус” бассейн салалтатын кытары ситимнээх үлэ түмүгэр гидрокинезотерапия методикатынан дьарыктар ыытыллаллар, Полежаевтар Аһымал пуондаларын нөҥүө СВО кыттыылаахтара атынан дарыктаналлар. Дьарыктар босхо оҥоһуллаллар.

 Асида Алексеева санаппытынан, быстах байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии реабилитациятын бырагыраамматынан социальнай-психологическай, социальнай-мэдиссиинискэй көмөнү ылаллар. Реабилитацияны ааһааччылар биирдиилээн психологическай уонна психотерапевтическай өйөбүлүнэн, эбии үөрэхтээһин боппуруостарыгар, квалификация үрдэтиигэ уонна идэни уларытыыга консультацияларынан туһаналлар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Асчыттар түмүстүлэр

Балаҕан ыйын 25-29 күннэригэр Дьокуускай куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар тыа…
04.10.24 16:01