Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Эрэгийиэммитигэр бу күннэргэ салгын температурата климатическэй нуорматтан 16-20 кыраадыһынан сылаас буолуо. Бу туһунан РФ гидрометкиинин салайааччыта Роман Вильфанд кэпсээбитин ТАСС иһитиннэрэр.

Эрэгийиэммитигэр бу күннэргэ салгын температурата климатическэй нуорматтан 16-20 кыраадыһынан сылаас буолуо. Бу туһунан РФ гидрометкиинин салайааччыта Роман Вильфанд кэпсээбитин ТАСС иһитиннэрэр.

Халлаан сылыйыыта дойдубутугар үксүн бэлиэтэниэ. “Ол эрээри, маннык сылаас күннэр туруулара биирдэ эмит буолар көстүүлээх эрэгийиэннэрэ бааллар – бу Красноярскай кыраай уонна Саха Сирэ”,  - диэн кини этэр.

Ол курдук, Дьокуускайга сэтинньи 15-19 күннэригэр түүнүн -17, - 20 кыраадыс, оттон күнүһүн 8-12 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Ону Вильфанд эрэгийиэҥҥэ өтөрүнэн көстүбэтэх сылыйыы диир.

Маны тэҥэ, учуонай Урал уонна Арҕаа Сибиир соҕуруутугар үс күн устата салгын кыраадыһа 8-12 кыраадыһынан нуорматтан үрдүк туруо диэн эттэ.

Хаартыска: NewsYkt

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21