Социальнай хантараак РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар. Итиннэ гынан, инбэлииттэри өйүүр анал бырагырааманан Сахабыт Сиригэр 74 киһи хабылынна.
Биэс сыл устата араас хайысхалаах социальнай хантараагы 15 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн туһаммыт, хас биирдиилэригэр испэсэлиистэр көмө буолаллар, сүбэ-ама биэрэллэр.
Быйыл, сэтинньи 17 күнүнээҕи туругунан, 5 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн бэйэ дьыалатын тэриммит, кэтэх хаһаайыстыбатын хаҥаппыт. Бу сыыппара ааспыт сыллааҕар 1,5 тыһыынчанан үрдүк көрдөрүү.
2023 сыл балаҕан ыйыгар бэйэ дьыалатын арыйыыга уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга көмө харчыны 500 тыһыынча солкуобайга диэри үрдэппиттэрэ. Үлэ көрдөөһүнүгэр уонна бэйэ дьыалатын арыныыга үөрэнэргэ 30 тыһыынча солкуобайга диэри көмө ылыахха сөп.
Ил Дархан Айсен Николаев социальнай хантараагынан көмөнү ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит биирдиилээн дьиэ кэргэҥҥэ саамай көдьүүстээҕинэн ааҕар. Өрөспүүбүлүкэҕэ алта бэлэм “социальнай пакет” үлэлиир.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0