Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Дорогие якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с национальным праздником – Днем Олонхо!

Дорогие якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с национальным праздником – Днем Олонхо!

Героический эпос повествует о любви к родной земле, торжестве справедливости, победе добра над злом. Богатырь из Олонхо воплощает силу духа народа, вселяющую уверенность в светлом будущем. Олонхо просвещает и вдохновляет, учит и помогает преодолеть трудности. Поэтому жизнеутверждающая философия Олонхо передается из поколения в поколение. И сегодня в борьбе за традиционные ценности наш многонациональный народ опирается на многовековое духовное и культурное наследие.

Так, на международной выставке-форуме достижений регионов страны «Россия», инициированной нашим Президентом Владимиром Владимировичем Путиным, республика представлена как уникальная территория, где тесно переплетаются народные традиции и самые передовые технологии, реализуются масштабные проекты. Украшением экспозиции «Якутия – Вселенная Олонхо» стали священное древо жизни «Аал Луук Мас» и Нюргун Боотур из героического эпоса. Свыше 15 тысяч человек посетили экспозицию нашей республики только в первый день выставки, так что сотни тысяч человек познакомятся с якутскими достижениями, культурой и традициями до конца выставки 12 апреля 2024 года.

Одним из запоминающихся культурных мероприятий в этом году стал XVI республиканский Ысыах Олонхо на Полюсе холода - в Оймяконском районе, где была представлена культура коренных малочисленных народов Севера. Ысыах Олонхо в Оймяконском районе, на Полюсе Холода – удивительное событие. Ранее из северных районов Ысыах Олонхо проходил только в Верхоянском районе. На площадках Ысыаха Олонхо прошло более 80 мероприятий. Более 200 олонхосутов участвовали в республиканском конкурсе исполнителей якутского героического эпоса. Горжусь, что самобытный Театр Олонхо Якутии отметил свое 15-летие показом спектакля «Хардааччы Бэргэн» по мотивам олонхо моего деда Андрея Титарова.

В этом году ежегодно проводимая республиканская декада Олонхо традиционно насыщена мероприятиями. Мы уже второй раз вручаем стипендии носителям традиционной культуры - исполнителям эпических произведений, запевалам осуохая и кузнецам, а также впервые - народным мастерам. Завершится декада конкурсом по исполнению олонхо среди детей на благодатной Амгинской земле, где в следующем году состоится XVII Ысыах Олонхо.

Дорогие якутяне! Желаю всем мира и добра, крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, успехов и удачи в созидании, благополучия и счастья! Приобщайтесь к удивительному миру Олонхо!

Глава Республики Саха (Якутия)                                   А.С. Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Олоҥхо төрөөбүт дойдуга тапталы, кырдьык өрөгөйдөөһүнүн, сырдык күүс хара дьайы кыайарын хоһуйар сүдү айымньы. Олоҥхо бухатыырыгар норуот тыына, кэскилгэ эрэлэ түмүллэн сылдьар. Норуот үтүөҕэ сирдиир, кэрэҕэ, үрдүккэ кынаттыыр, ыарахаттары туоруурга үөрэтэр, көмөлөһөр дириҥ билиитин, муудараһын иҥэриммит олоххо көҕүлүүр олоҥхобут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Элбэх омуктаах норуот үгэс буолбут сыаннастарын сүтэрбэт туһугар бүгүн биһиги үйэлэр тухары мунньуммут духуобунай уонна култуурунай үйэлээх баайбытыгар тирэҕирэбит.

Дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн тэриллибит «Россия» эрэгийиэннэр ситиһиилэрин көрдөрөр норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкалаах форумҥа өрөспүүбүлүкэбит киэҥ хабааннаах бырайыактары олоххо киллэрэр ураты сир-уот быһыытынан кытынна. "Саха сирэ – Олоҥхо дойдута" экспозициябытыгар туруоруллубут Аал Луук Маһы уонна Ньургун Боотуру дьон-сэргэ сөҕө-махтайа, кэрэхсии, биһирии көрдө. Быыстапка бастакы күнүгэр 15 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Онон быыстапка бүтүөр диэри, ол аата 2024 сыл муус устар 12 күнүгэр диэри, Сахабыт сирин култууратын, үгэстэрин, ситиһиилэрин сүүһүнэн тыһыынча киһи көрүө-билиэ турдаҕа.

Бу сыл бэлиэ култуурунай тэрээһининэн Тымныы полюһугар – Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт XVI өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа буолбута. Манна Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар култууралара көрдөрүллүбүтэ. Бу иннинэ Олоҥхо Ыһыаҕа хотугу оройуоннартан Верхоянскай улууһугар эрэ ыытыллыбыта. Өймөкөөҥҥө Олоҥхо Ыһыаҕын чэрчитинэн 80-тан тахса тэрээһин буолбута. 200-тэн тахса олоҥхоһут өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска күрэс былдьаспыта. Олоҥхо Тыйаатырын 15 сыллаах үбүлүөйүгэр мин эһэм Андрей Титаров олоҥхотугар олоҕуран «Хардааччы Бэргэн» испэктээги туруорбуттарыгар киэн туттубуппун бар дьоммун кытта үллэстэбин.

Быйыл сыл ахсын ыытыллар Олоҥхо декадатыгар үгэс быһыытынан элбэх тэрээһин буолара былааннанар. Төрүт култуураны илдьэ сылдьааччыларга – олоҥхо толорооччуларга, оһуохай этээччилэргэ уонна уустарга иккис төгүлүн, оттон норуот маастардарыгар – бастакытын стипендия туттарыллыаҕа. Декада Аммаҕа оҕолор ортолоругар олоҥхо толорооччулар куонкурустарынан түмүктэниэҕэ. Оттон эһиил Амма сиригэр-уотугар XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллыаҕа.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Барыгытыгар эйэни уонна үтүөнү, чөл туругу уонна энчирээбэт эрчими, ситиһиилэри уонна табыллыыны, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу баҕарабын! Олоҥхо алыптаах дойдутугар ыалдьыттааҥҥыт кэрэҕэ тиксиҥ, сэргэхсийиҥ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                  А.С. Николаев

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением