Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэ кыраҕы харахтаах бэргэн ытааччылара буулдьанан уонна стендэҕэ ытыыга бастыыр иһин күөн күрэстэрэ сотору-сотору ыытыллар. Горнай улууһугар Олимпийскай эрэллэр оскуолаларыгар ыччакка тириэньэринэн үлэлиир Айураана Сыдьаай киэҥ кэскиллээх, дириҥ көрүүлээх спортсмен. Горнай улууһун Күөрэлээҕиттэн төрүттээх кыыс ХИФУ успуорт салаатын магистратуратын бүтэрэн, тириэньэр аатын сүкпүтэ. Кэлин хас да сыл Краснодарга олорон дьарыктаммыт. Икки сыллааҕыта дойдутугар эргиллэн, бу сыл саҕаланыыта буулдьанан уонна стендэҕа ытыыга эрэгийиэн федерациятын арыйан салайааччы буолла. Кини иитиллээччилэрэ Арассыыйаҕа буулдьанан ытыыга номнуо үрдүк ситиһиилэри көрдөрдүлэр.

Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэ кыраҕы харахтаах бэргэн ытааччылара буулдьанан уонна стендэҕэ ытыыга бастыыр иһин күөн күрэстэрэ сотору-сотору ыытыллар. Горнай улууһугар Олимпийскай эрэллэр оскуолаларыгар ыччакка тириэньэринэн үлэлиир Айураана Сыдьаай киэҥ кэскиллээх, дириҥ көрүүлээх спортсмен. Горнай улууһун Күөрэлээҕиттэн төрүттээх кыыс ХИФУ успуорт салаатын магистратуратын бүтэрэн, тириэньэр аатын сүкпүтэ. Кэлин хас да сыл Краснодарга олорон дьарыктаммыт. Икки сыллааҕыта дойдутугар эргиллэн, бу сыл саҕаланыыта буулдьанан уонна стендэҕа ытыыга эрэгийиэн федерациятын арыйан салайааччы буолла. Кини иитиллээччилэрэ Арассыыйаҕа буулдьанан ытыыга номнуо үрдүк ситиһиилэри көрдөрдүлэр.

Буулдьанан ытыы биһиги өрөс­пүүбүлүкэбитигэр кэнники кэмҥэ күүскэ сайдан эрэр диэн Айураана Афанасьевна кэпсиир. Элбэх улууска билигин үчүгэй ытар тэрил кэлэн, оҕолор, улахан дьон күүскэ дьарыктаналлар. Билигин успуорт оскуолаларыгар үчүгэй тиирдэр өссө эбии арылыннахтарына, тириэньэрдэргэ квалификацияны үрдэтэр куурустар ыытылыннахтарына, конкуренция баар буоллаҕына, ытыы салаата өссө күүскэ сайдан иһиэҕэ диэн санаатын үллэстэр.

— Арыйбыт федерацияҥ туһунан кылгастык кэпсииргэр көрдөһөбүн.

— Горнай улууһугар Олимпийскай эрэллэр оскуолаларыгар тириэньэринэн үлэлиибин. Манна буулдьанан ытыыга федерация аккредитацията суох буолан, оҕолор разряд, тириэньэрдэр судейскай категория кыайан ылбаттар этэ, онон успуорт министиэристибэтэ Арассыыйаттан аккредитациялаах федерацията арыныҥ диэн сүбэлээбиттэрэ. Тириэньэрдэр сүбэбитин холбоон үлэлэстибит, сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ ирдэнэр докумуоннары ситэрдибит,  бэлэмнээтибит, сөбүлэҥнэри аастыбыт, уонна дьэ бу ааспыт сыл ахсынньытыгар дойду ытыыга сойууһуттан сөбүлэҥ ылан, аккредитацияны аастыбыт.

— Успуорт бу көрүҥэр чуолаан туох ыарахаттар бааллар эбитий?

— Биһиги, сахалар, кырдьаҕастарбытын, бэтэрээннэрбитин, аатырбыт снайпердарбытын өрүү үөһээ тутабыт, сыаналыыбыт, ыччакка холобур оҥостобут. Бу оҕону, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан оруоллаах. Ытыынан дьарыктанааччы спортсмен үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэригэр куруук эрчиллиэхтээх, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттыахтаах. Ол эрээри, айан төлөбүрэ ыараханыттан, киин куораттарга санаатахпыт аайы көтөр кыах суох. Онон тустаах министиэристибэ, бырабыыталыстыба, Ил Түмэн өттүттэн болҕомто ууруллан, кэлимсэ былаан оҥоһуллара буоллар, сайдыы барыа этэ. Биирдэ-иккитэ сылдьан эрчиллии, күрэхтэргэ баран кыттыы улахан уопуту, идэтийиини аҕалбата чуолкай.

Манна даҕатан эттэххэ, мин санаабар, өрөспүүбүлүкэбитигэр успуорт төрүт көрүҥнэригэр салалта өттүттэн улахан болҕомто ууруллар. Онтон саҥа атын көрүҥнэри сайыннарыы ыарахаттардаах. Маныаха өйөбүл буоларыгар, тэрээһиннэр элбииллэригэр баҕа санаабын тиэрдиэм этэ.

— Айураана Афанасьевна, дьарыктыыр оҕолоруҥ ситиһиилэрин туһунан кэпсээн ааһарыҥ буоллар...

— Мин Олимпийскай эрэллэр оскуолаларыгар успуорт үрдүкү маастарыстыбатын улахан бөлөҕүн эрчийэбин. Хомойуох иһин, оскуола кэнниттэн үөрэнээччилэр успуортан тэйиилэрэ баар көстүү, устуодьуннуур сылларыгар талбыт идэлэригэр ордук кыһаллаллара бааламмат. Онон тарбахха баттанар ураты тулуурдаах, дьоҕурдаах иитиллээччилэрбит эрэ успуорка хаалаллар. Киэн туттар икки кыыстаахпын. Кинилэр РФ успуордун маастардара. Бу соторутааҕыта Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэххэ 21 саастаахтарга диэри Наина Гоголева уонна Алина Готовцева иккис уонна үһүс миэстэни ыллылар. Бу улахан күрэхтэһии буолар. Дойду үрдүнэн 500 кэриҥэ спортсмен кытынна, олортон 211 бэстилиэтинэн ытааччылар. Саха Сирин хамаандатыгар икки ыччаты кытары “Азия оҕолоро” сүүмэрдэммит хамаандатын 10 кыттыылааҕа баран кэлбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу иккис улахан ситиһиибит. Былырыын Арассыыйа кубогар Наина 1 миэстэни ылбыта уонна пааранан ытыыга иккис, үһүс миэстэлэри ылан, финалга тахсыбыппыт.

— Ыраах айаҥҥа оҕолорун күрэхтэһиилэргэ ыытар төрөппүттэр долгуйаллара кистэл буолбатах. Маныаха тириэньэр быһыытынан тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Ол баар суол.Оҕо доруобуйата, үөрэҕэр ситиһиитэ, успуордугар көтүппэккэ дьарыктаныыта, битэмииннээх аһы күннэтэ сиирэ - төрөппүт толкуйа, долгуйуута. Онтон даҕаны элбэх буоллаҕа. Оҕо ситиһиитэ – үксүн төрөппүт ситиһиитэ. Оҕо успуортун бары көрүҥнэрэ үс сибээскэттэн турар. Оҕо – төрөппүт – тириэньэр. Ыраах айаҥҥа барыыга килиимэт уларыйар, маны тэҥэ чаһыы эмиэ уларыйар, онон күрэхтэһии Москубаҕа күнүс буолар буоллаҕына, манна түүн. Онуоха оҕо этэ-сиинэ эмиэ үөрэниэн наада. Онон төрөппүттэргэ тулууру баҕарабын.

Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэххэ үрдүк ситиһилээх Алина Готовцеваны уонна Наина Гоголеваны кытары эмиэ атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Иккиэн устудьуоннар. Олус холку, сэмэй кыргыттар, Арассыыйа успуорка маастардарын уонна Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар резервэҕэ киирбит ыччаттары  кытары кэпсэтэ олоробун дии санаабаккын.

Алина Готовцева Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс үһүс кууруһун устудьуона. Физкультурнай салааҕа үөрэнэр буолан, үөрэҕэр улахан моһоллору көрсүбэтин этэр:

— Ытыыга бастаан эһэм уһуйбута. Маҥнай илиибэр туппут воздушкам аҕам киэнэ этэ. Оҕо сааспар Чурапчыга олорбуппут, онно успуорт үнүстүтүүтүгэр убайбын батыһан дьарыктанарым. Кэлин Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Төрөппүттэрим “Дохсуҥҥа” баар тиир куруһуогар суруйтарбыттара. Ол кэмтэн тиһигин быспакка дьарыктанабын. Успуорт маастарабын, Арассыыйа, Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн, Саха Сирин первенстволарын призерабын.

Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ физкультура учуутала буолуохтаахпын, үөрэнэр тэрилтэм олус күүскэ өйүүр. Сборданар кэммитигэр Бэрдьигэстээххэ ый устата дьарыктанабыт. Эрдэтинэ кэллиэс салалтатын сэрэтэн, сайабылыанньа, докумуон биэрэбин. Учууталларым, доҕотторум хас биирдии ситиһиим үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэллэр, онтон дуоһуйабын. Түгэнинэн туһанан педкэллиэс салалтатыгар улахан махталбын тиэрдэбин.

Оттон Наина Гоголева ХИФУ тас дойдулар филологияларын уонна эрэгийиэннэри үөрэтии салаатын устудьуона, буулдьанан ытыыга 12 сааһыттан дьарыктанар.

— Аймахтарбыттан ким даҕаны ытыынан идэтийэн дьарыктаммат буолан, оҕо сааспар бу көрүҥү  билбэт этим. Ийэм 12 саастаахпар “Дохсуҥҥа” илдьэн куруһуокка суруйтарбыта. Ийэм үлэтигэр үлэһиттэр ортолоругар ытыыга күрэхтэһиилэри ыыталлара, онно сылдьан боруобаламмытым. Ийэм кэллиэгэлэрэ дьоҕурдааххын диэн салгыы дьарыктанарбар сүбэлээбиттэрэ. Куруһуокка тириэньэрим бастаан илиибин, тарбахтарбын, быччыҥмын бэрэбиэркэлээбитэ, бэстилиэти туттаран көрбүтэ уонна холкутук “сөп”, - диэбитэ. Дьарыктаммыт маҥнайгы сылбар миэстэлэспитим, төлөбүрдээх абонеменым кэлин босхо буолбута. Бу курдук, успуорт маастарын нуорматын 2019 сыллаахха толорбутум. Долгутар түгэннэри эттэххэ, күрэхтэһиигэ уу-чуумпу буолара эрэйиллэр. Бэстилиэт, саа сомуогун уонна буулдьа табыллар тыаһа эрэ иһиллиэхтээх. Кыттааччыттан тулуур уонна холку буолуу эрэйиллэр, - диэн кыыс санаатын үллэһиннэ.

Успуорт маастара кыргыттар бэйэлэрин көрүҥнэригэр - буулдьанан ытыыга - кытаанах ньиэрбэ, долгуйбат буолуу ирдэнэрин этэллэр.

Кыргыттарбытыгар уонна кинилэр тириэньэрдэригэр успуорка саҥаттан-саҥа ситиһиилэри баҕарабыт.

САНАА СИТИМЭ: “Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит бултаан-алтаан айахтарын ииттэн кэлбиттэрэ, онон саха оҕото ытыы көрүҥүн барытын түргэнник ылынар. Буулдьанан ытарга холку, тулуурдаах буолуу, күрэхтэһиигэ төбөҥ ыраас, ытыы албастарын уһулуччу билии ирдэнэр. Ытыыга кыра оҕо сылдьан уһуйуллар ордук. Улаатан истэҕиҥ ахсын толкуйуҥ, долгуйууҥ, ыраҥалаан көрүүҥ үксүүр, ол мэһэй буолуон сөп. Онон уйулҕа өттүнэн чэпчэки сылдьан саҕалыыр ордук. Өссө биир кыһалҕа – үбүлээһин. Үксүн харчы боппуруоһун төрөппүттэрбит быһаараллар. Бу ыраах айаҥҥа бырайыас, атын куоракка гостиницаҕа олоруу, күннээҕи аһылык, туттар мал-сал. Оҕо эрдэххэ көмө баар. Холобур, успуорка бэлэмнэнии киинэ өйүүр этэ. Билигин буулдьанан ытыы олохпут суолун биир тутаах көстүүтэ буолла. Ситиһиллибитинэн тохтообокко салгыы үлэлиэхпит”, - диэн Наиналаах Алина кэпсииллэр.

Галина МАТВЕЕВА

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением