Билигин үлэтэ суох гражданин икки сыл иннинэ дьарыктаах буолуу киинин этиитинэн болдьох иннинэ биэнсийэҕэ тахсыан сөп. Маннык быһаарыыны ыларга гражданин усулуобуйаларга сөп түбэһиэхтээх:
Дьарыктаах буолуу киинэ сатаан үлэ булан биэрэр кыаҕа суох.
Болдьох иннинэ биэнсийэ анатааччы страховой ыстааһа дьахталларга 20 сылтан, эр дьоҥҥо 25 сылтан кырата суох буолуохтаах.
Ирдэнэр биэнсийэ баалын мунньубут буолуохтаах (2024 сылга 28,2 баал).
Гражданин тэрилтэ сабыллан, эбэтэр урбаанньыт үлэтэ тохтообутуттан, тэрилтэ үлэһиттэрин ахсаанын аччаппытыттан үлэтэ суох хаалбыт буолуохтаах.
Саҥа быраабыланан, дьарыктаах буолуу киинэ, үлэ министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран, социальнай пуондаттан биэнсийэ анаттарааччы биэнсийэҕэ баалларын, страховой ыстааһын туһунан дааннайдары ирдиир эбээһинэстэннэ. Социальнай пуонда запрос киирбититтэн биэс үлэ күнүн иһигэр дьарыктаах буолуу киинигэр иһитиннэриини толору тиэрдиэхтээх.
Анаттарааччы сөбүлэҥин биэрбитин кэннэ, дьарыктаах буолуу киинэ киһи олорор сиринэн соцпуонда уорганыгар биэнсийэни анааһын туһунан этиини биир үлэ күнүн иһигэр тиэрдиэхтээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0