Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Хатас-Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суолу сэтинньи 26 күнүгэр арыйары былаанныыллар диэн сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибилэр саайтарыгар таһаардылар.

Хатас-Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суолу сэтинньи 26 күнүгэр арыйары былаанныыллар диэн сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибилэр саайтарыгар таһаардылар.

Хатас-Аллараа Бэстээх  кыһыҥҥы суолунан сырыыны сэтинньи 26 күнүттэн көҥүллүөхтэрин сөп. Суол арыллыыта хамыыһыйа быһаарыытынан ылыллыаҕа. Бу туһунан Саха Сиринээҕи Управтодор иһитиннэрэр.

«Хамыыһыйа кыһыҥҥы суол куттал суох буолуутун ирдэбиллэригэр эппиэттиирин, муус халыҥын туругуттан көрөн сырыыны арыйыан сөп», — диэн бэлиэтэнэр. Биллибитинэн, билигин бу хайысхаҕа суолу оҥорооччулар кыһыҥҥы туорааһын суолугар  6 км устатыгар кыдьымаҕы ыраастаабыттар, ууну кутан тэҥнээбиттэр, халыҥатыы оҥорбуттар.  

Кыһыҥҥы суол арыллыар диэри куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан төгүрүк суукка устата тырааныспар уйугун хонтуруоллуур пуун үлэлиир.

Саха сиринээҕи Управтодор дьон олоҕун, доруобуйатын туһугар суол арыллыар диэри сырыыны тохтотору ирдиир.

ххх

Билигин Дьокуускай -Аллараа Бэстээх «Хивус» салгын олбохтоох суудуналар күн аайы дьону таһаллар. Билиҥҥи кэмҥэ бу хайысхаҕа уонча кэриҥэ тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Суудуналар күннэтэ 07:00 чаастан 20:00 чааска диэри үлэлииллэр.

Тарыып – 2500 солкуобай. «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа пуойаһын пассажирдарыгар трансфер сыаната 2200 солкуобайга тэҥ.

Салгын олбохтоох суудуналар «Хатас – Павловскай» хайысханан кыһыҥҥы массыына суола аһыллыар диэри дьону таһыахтара

Суотту – Кангаласс эриэйдэлэр

Суотту-Кангаласс туһаайыытынан сырыы бобуллан турар. Билигин бу диэки эриэйдэлэр ыытыллаллар.

 дьону таһыыга анал болдьоҕунан Ирбис сылдьар. Онуоха көҥүллэммэт кэмҥэ массыыналар уоран мууска тахсыылара бэлиэтэнэр, ол иһигэр сатыы дьон эмиэ.

ГИМС үлэһиттэрэ сэрэтэллэринэн, муус билигин да чараас. Онон дьон олоҕун, доруобуйатын туьугар суол арыллыар диэри сырыыны тохтотору ирдииллэр. Тустаах үлэһиттэр этэллэринэн, эриэйдэлэр күннэтэ ыытыллыахтарын сөп.

Хаартыска https://gtrksakha.ru/news/2025/11/29/otkryta-ledovaya-pereprava-hatassy--pavlovsk/

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Сарсын пленарнай мунньах

Сарсын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) уочараттаах XXI…
24.11.26 15:48
Уопсастыба

9 саха мадьыныта кыттыаҕа

Казань куоракка ыытыллар мас-рестлинг аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ кыттааччыларын…
24.11.26 14:12