Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 5 oC

Горнай улууһугар олох хайысхаларынан туох-ханнык үлэлэр ыытыллыбыттарын бэлиэтээн таһаардылар. Инникитин ханнык соруктар туралларын салгыы ааҕыҥ.

Горнай улууһугар олох хайысхаларынан туох-ханнык үлэлэр ыытыллыбыттарын бэлиэтээн таһаардылар. Инникитин ханнык соруктар туралларын салгыы ааҕыҥ.

«Биир ньыгыл Арассыыйа» – оҥоһулунна

Тыа хаһаайыстыбата

50 төбө ынах сүөһү киирэр 3 хотоноБэс Күөлүгэр 120 сүөһү турар хотоноДьиикимдэҕэ арыы сыаҕа уонна сүөһү өлөрөр былаһаакка10 төбө сүөһүнү биирдэ өлөрөр кыамталаах эти эттиир сыахМаҕараска сууккаҕа 500 л астаан таһаарар үүт сыаҕаБэрдьигэстээххэ үүт араас көрүҥүн астаан таһаарар сыахКэнсиэрбэни оҥорон таһаарыы үлэтэ саҕаланна (ынах этэ)Пастеризацияламмыт үүтү оҥорон таһаарыы саҕаланнаҮлэлэрин саҥа саҕалаан эрэр 6 фермергэ «Агростартап» граннара ананныларДьиэ кэргэнинэн сүөһү иитэр фермалары өйүүр сыаллаах бырагырааманан 3 грант ананна517,83 гаа бааһына чөлүгэр түһэрилиннэ, 266,63 км күрүө тутулунна

Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба тутуу

Саахалланар туруктаах 772 дьиэттэн 1375 киһи көһөрүлүннэ
56,78 тыһ. кв.м. иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киллэрилиннэ
Чэпчэтиинэн туһанар 100-тэн тахса киһиэхэ олорор усулуобуйалара тупсарылынна
Бөһүөлэк иһинээҕи электроннай ситимнэргэ (31,61 км) хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна

Суол/транспорт

Бүлүү федеральнай суолугар 200 км суол өрөмүөннэннэ, аспаалланна
20,46 км олохтоох суолталаах суол тутулунна уонна өрөмүөннэннэ
«Орто Сурт – Кэптин» муниципальнай массыына суолун тутуу бүтэрилиннэ
Бэрдьигэстээххэ сэлиэнньэ иһинээҕи 6,99 км уһуннаах суолларга хапытаалынай өрөмүөн (аспааллааһын) үлэтэ ыытылынна
1 муоста, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суолларга, ходуһаларга 12 туоруур муоста өрөмүөннэннэ
«Бэрдьигэстээх – Өрт» муниципальнай массыына суолугар Улуу үрэҕи туоруур муоста тутулунна

Социальнай эйгэ

98 миэстэлээх биир оҕо уһуйаана
Бэрдьигэстээххэ 550 миэстэлээх саҥа оскуола

Култуура

Дьиикимдэ сэлиэнньэтигэр тыа сиринээҕи култуура дьиэтэ

Спорт

Сүүрэр дорожкалаах, 4000 миэстэлээх «Чыпчаал» стадион
50 миэстэлээх интэринээттээх, «Бэргэн» саанан ытар комплекс
Элбэх функциялаах спортивнай киин
Маҕараска «ER-KHAN» спорт национальнай көрүҥнэринэн дьарыктанарга аналлаах спортивнай былаһаакка
ГТО киинэ, былаһаакката

Тупсаран оҥоруу

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан 3 мини-паарка туттарылынна
Нэһилиэктэргэ 3 общественнай сир
Бэрдьигэстээххэ «Эйэ» скверэ

Промышленность

4 нэһилиэк гаас ситимигэр холбонно
1379 олорор дьиэ, 79 тэрилтэлэр, маҕаһыыннар объектара гааска холбоннулар, о.и. 906 ыал социальнай гаастааһын бырагырааманан

Промышленность

Үлэ миэстэтин таһаарарга, урбаанньыттарга үлэлиир усулуобуйа тэрийэргэ муниципальнай промышленнай паарка былааннанар

Тыа хаһаайыстыбата

Солоҕоҥҥо, Күөрэлээххэ, Бэс Күөлгэ, Орто Сурка, Кэптиҥҥэ, Бэрдьигэстээххэ үүтү оҥорон таһаарар сыахтары тутуу, саҥардыы
Бары нэһилиэктэргэ 100 төбө турар комплекстара
Бэрдьигэстээххэ саҥа ветеринарнай учаастагы тутуу
Солоҕоҥҥо Эбэ ходуһатын ньүөлсүтэр систиэмэтин реконструкцията
Маҥаныга «Бордуолаах», Одунуга «Чакыя» шлюз-регуляторын реконструкцията
Нэһилиэктэргэ сайылыктары тутуу
100 төбөҕө аналлаах 4 сылгы баазатын тутуу
100 төбөҕө аналлаах эти оҥорон таһаарыыга хайысхаламмыт идэтийбит хаһаайыстыбаны тэрийии
50 тн итэҕэһэ суох оҕуруот аһын харайар баазаны тутуу
Теплицалаах хаһаайыстыбалары тэрийии.

Дьиэ-уот, коммунаалынай хаһаайыстыба, тутуу эйгэтэ

Кэптиҥҥэ, Маҕараска ититэр ситимнээх 3 хочуолунайы тутуу, Бэрдьигэстээх хочуолунайдарын реконструкциялааһын, нэһилиэктэргэ капитальнай өрөмүөннээһин
Бэрдьигэстээххэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ
Орто Сурка придорожнай комплекс
Маҕараска микрополис
Бэрдьигэстээххэ, Кэптиҥҥэ, Күөрэлээххэ, Маҕараска, Орто Сурка, Бэс Күөлүгэр, Өркө уунан хааччыйыы ситимэ
Бэрдьигэстээххэ кииннэммит канализация ситимэ
Кытаанах бөҕү сортировкалыыр, тиэйэр-таһар станция
Социальнай гаастааһын үлэтэ салҕанар
Социальнай көмүскэл киинин тутуу
Аһымаҕа «Аргыс», «Ааһыма» придорожнай комплекстары реконструкциялааһын

Суол/транспорт

«Орто Сурт – Кэптин» айан суолун тутуу
«Бэрдьигэстээх – Өрт» муниципальнай массыына суолун өрөмүөннээһин
Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суол муосталарын тутуу
Бэрдьигэстээх – Маай – Дьиикимдэ айан суолун аспааллааһын

Социальнай эйгэ

570 миэстэлээх 3 оскуола
70 миэстэлээх оҕо эстетическэй киинэ
290 миэстэлээх 4 оҕо уһуйаана
Нэһилиэктэргэ оҕо уһуйаанын, Бэрдьигэстээххэ А.Осипов аатынан оскуола, Кировскай орто оскуолатын капитальнай өрөмүөнэ
Бэрдьигэстээххэ сылы мэлдьи үлэлиир лааҕыры тэрийии
Мытаахха «Солнышко», Кировскайга «Сокол» лааҕыр дьиэлэрин капитальнай өрөмүөнэ
Туристическай сынньалаҥ баазалара

Култуура

Бэрдьигэстээххэ, Кэптиҥҥэ Култуура дьиэтэ тутуллуо
Аһымаҕа, Орто Сурка уонна Маҕараска элбэх функциялаах кииннэр
Бэрдьигэстээххэ Олоҥхо дьиэтэ, Өркө МКДЦ, Дьиикимдэ модельнай библиотека капитальнай өрөмүөннэрэ

Спорт

Маҕараска, Кэптиҥҥэ спортивнай саала
Маҕараска хайыһар спордун баазатын комплекса
Бэрдьигэстээххэ бассейн, муус аренатын тутуу

Тупсаран оҥоруу

Бэрдьигэстээххэ Кыайыы болуоссатын уларытыы, тупсарыы

«Үлэ күүһэ» хаһыат

Хаартыска: Үлэ күүһэ хаһыат

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Асчыттар түмүстүлэр

Балаҕан ыйын 25-29 күннэригэр Дьокуускай куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар тыа…
04.10.24 16:01