Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Муома оройуонун киинин тэрилтэлэрэ араас таһымнаах акцияларга көхтөөх кыттыыны ылаллар. Уонча сылтан бэттэх күһүн аайы ыытыллар оскуолаҕа үөрэнэ барар тиийиммэт-түгэммэт ыал оҕолоругар көмөлөһөр тэрээһин элбэх киһини түмэ тарта диэн "Индигир уоттара" суруйар.

Муома оройуонун киинин тэрилтэлэрэ араас таһымнаах акцияларга көхтөөх кыттыыны ылаллар. Уонча сылтан бэттэх күһүн аайы ыытыллар оскуолаҕа үөрэнэ барар тиийиммэт-түгэммэт ыал оҕолоругар көмөлөһөр тэрээһин элбэх киһини түмэ тарта диэн "Индигир уоттара" суруйар.

Быйыл тэрилтэлэр хаһааҥҥытааҕар да күргүөмнээхтик кытыннылар. Ордук тэрээһиннээхтик оройуоннааҕы балыыһа кэллэктиибэ  акцияҕа кытынна. Тэрийэр кэмитиэт тустаах ыҥырыыны ылынан оҕолорго көмөлөспүт ОДьКХ Муоматааҕы филиалын, авиапорт тустаах салааларын, «Саханефтегаз» ньиэп ыскылаатын, оройуоннааҕы библиотека, дьарыктаах буолуу киинин, аптека, балыыһа, «Дороги Арктики» тэрилтэ, ДЭС, национальнай паарка, социальнай харысхал уонна үлэ управлениетын, оройуон уонна нэһилиэк дьаһалталарын коллективтарыгар истиҥ махталын тириэрдэр. Бу акцияттан киирбит үөрэххэ туттар тээбириннэр тустаах учуокка турар ыаллар оҕолорун тэҥэ, анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон оҕолоругар туттарылыннылар.

Акцияны ис дьыала уорганнарын оройуоннааҕы отделын үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Бу тэрээһини сэргэ оройуон киинин активист дьахталларын ыҥырыыларынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьиэ кэргэннэригэр көмө тириэрдэр инниттэн отон хомуйууга тустаах «Брусника» акция ыытылла турар. Манна оройуон дьаһалтатын коллектива улахан көмөтүн киллэрэн тустаах ыаллар истиҥ махталларын ылар. Ол курдук дьаһалта хас биирдии үлэһитэ 5-тии лиитэрэ отону хомуйан туттаран акцияны улаханнык өйөөтө.

Хас отон киирдэҕин аайы тэрийээччилэр тустаах дьоҥҥо үргүлдьү тиэрдэллэр. Бүгүҥҥү туругунан тэрилтэлэртэн оҕо айар дьиэтин, үөрэҕирии управлениетын, социальнай харысхал уонна үлэ управлениетын коллективтара акцияҕа кытыннылар. Тэрээһин салгыы ыытыллар, онон атын тэрилтэлэр «Брусника» акцияҕа кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит диэн биллэрэллэр.

"Индигир уоттара". 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением