Муус суоллары сабыы муус устар 15 күнүттэн саҕалаан түһүмэхтэринэн ыытылынна. Бүгүн саамай сүрүн Өлүөнэ эбэнэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан муус суол үлэтин тохтотто.
Аартыка эргимтэтигэр уонна хотугу улуустарга кыһыҥҥы суол муус устар 25 күнүгэр диэри тохтотуллара былааннанар.
Муус устар 16 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан салгын олбохтоох суудуналар сылдьаллар. Айан иһин төлөбүр — 2500 солк, чэпчэтиилэр көрүллэллэр.
Тырааныспар министиэристибэтэ санаппытынан, көҥүлэ суох мууска тахсыы иһин ыстыраап көрүллэр:
биирдиилээн дьоҥҥо – 3 — 5 тыһ солк.; дуоһунастаах сирэйгэ – 20 — 50 тыһ. солк.; юридическай сирэйгэ – 100 тыһ. солк. — 1 мөл. солк..
Хаартыска: ЯСИА саайта
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0