Билигин массыына сырыыта маннык учаастактарга көҥүллэннэ:
"Аартыка" массыына суола
- Черскэй бөһ. – Чукотскай автономнай уокурук кыраныыссатыгар (Аллараа Халыма улууһа) — 30 туоннаҕа диэри.
"Үөһээ Дьааҥы" массыына суола
- Кустур сэлиэнньэҕэ киирии (Эбээн-Бытантай улууһа) — 10 туоннаҕа диэри;
- Дьарҕаалаах сэлиэнньэҕэ киирии (Эбээн-Бытантай улууһа) — 10 туоннаҕа диэри;
- Верхоянскай куораты эргийэр суола – Боронуук сэлиэнньэ (Дьааҥы улууһа) — 10 туоннаҕа диэри;
- Верхоянскай куораты эргийэр суол – Уйбаан Сирэ учаастак (Дьааҥы улууһа) — 10 туоннаҕа диэри.
"Дьааҥы" массыына суола
- Баатаҕай бөһ. эргийэр суола – Черүмчэ сэлиэнньэ (Дьааҥы улууһа) — 5 туоннаҕа диэри;
- Бөтөнкөс сэлиэнньэ – Улахан Күөл сэлиэнньэ (Дьааҥы улууһа) — 10 туоннаҕа диэри;
- Токума сэлиэнньэ – Томтор сэлиэнньэ (Дьааҥы улууһа) — 10 туоннаҕа диэри;
- Томтор сэлиэнньэ эргийэр суола – Туора Үрэх (Дьааҥы улууһа) — 10 туоннаҕа диэри;
- Баатаҕай бөһ. эргийэр суол – Сайдыы сэлиэнньэ (Дьааҥы улууһа) — 5 туоннаҕа диэри.
"Индигир" массыына суола
- Кумах-Сыһыы – Соболоох сэлиэнньэ (Муома улууһа) — 3 туоннаҕа диэри;
- Хонуу сэлиэнньэҕэ киирии – Буор-Сыһыы сэлиэнньэ (Муома улууһа) — 3 туоннаҕа диэри;
- Хонуу сэлиэнньэ – Кулун-Өлбүт сэлиэнньэ (Муома улууһа) — 3 туоннаҕа диэри.
Үлэ салҕанар учаастактара:
- "Дьааҥы": Баатаҕай бөһ. – Тополиное бөһ.
- "Дьааҥы": Баатаҕай Алыта бөһ. – Уйбаан Сирэ учаастак.
- "Аартыка": Буруустаах учаастак – Саһыыр сэлиэнньэ.
- "Муома": Саһыыр сэлиэнньэ – Хонуу сэлиэнньэ.
Сэрэхтээх буолуу быраабылаларын санатабыт:
Массыыналар икки ардыларыгар 70-тан итэҕэһэ суох миэтэрэ арыттаах айаннааҥ;
Тимир көлө уйугун (грузоподъемность) хааччахтааһынын булгуччу тутуһуҥ;
Оҥоһулла илик учаастактарга тахсымаҥ уонна бобуулаах бэлиэлэри тутуһуҥ;
Ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, булгуччу 112 биир кэлим нүөмэргэ эрийиҥ.
Хаартыска: Галина Матвеева.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
