Елена Христофоровна Голомарева, Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
Күндү биир дойдулаахтарым!
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр биһиги дойдубутугар бэлиэ уонна суолталаах бырааһынньык — Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн барыбытын сомоҕолуур, норуот кутун-сүрүн көрдөрөр, кини киэн туттуулаах ааспыт кэмин, билиҥҥи кэмин уонна кэскилин кэрэһилиир.
Биһиги судаарыстыбабыт былааҕа көлүөнэлэр утумнаһыыларын бигэргэтэр, төрөөбүт дойдубутугар — Арассыыйаҕа — биир ньыгыл, күүстээх, сайдыылаах судаарыстыба буолар туһугар олорор дьоммутун-сэргэбитин түмэр.
Күндү биир дойдулаахтарым, эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, эйэни уонна дьолу, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли, дьиэ кэргэҥҥитигэр уйгуну-быйаҥы баҕарабын. Бу күн эһиэхэ барыгытыгар үлэҕитигэр-хамнаскытыгар күүһү-уоҕу уонна сатабылы эптин. Уонна Арассыыйа былааҕа иллээх-эйэлээх, дьоллоох уонна күүстээх дойду үрдүнэн тэлимнии турдун!
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0





















