Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дьокуускай куоракка харабылланар байыаннай эбийиэккэ оҕолор бөлөхтөрө киирбит түбэлтэлэринэн сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтэ төрөппүттэри уонна педагогтары сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго сэрэтэр үлэни күүһүрдэргэ ыҥырар.

Дьокуускай куоракка харабылланар байыаннай эбийиэккэ оҕолор бөлөхтөрө киирбит түбэлтэлэринэн сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтэ төрөппүттэри уонна педагогтары сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго сэрэтэр үлэни күүһүрдэргэ ыҥырар.

Оҕолор "сталкерство", "диггерство" диэҥҥэ уонна быраҕыллыбыт тутуулары чинчийиигэ интэриэстэрэ кутталлаах быһыыга-майгыга кубулуйуо суохтаах. Байыаннай, харабылланар уонна да атын бобуулаах эбийиэктэргэ көҥүлэ суох киирии букатын табыллыбат. Маннык дьайыылар оҕо олоҕор уонна доруобуйатыгар улахан кутталы үөскэтиэхтэрин сөп, ону тэҥэ быраабы кэһиигэ тиэрдэр содуллаахтар.

Оҕо интэриниэккэ куттала суох буолуута ураты болҕомтону ирдиир. Социальнай ситимнэр, мессенджэрдэр уонна да атын онлайн-былаһааккалар оҕолору кутталлаах дьайыыларга уонна сокуону кэһэр дьыалаҕа угуйарга туһаныллыахтарын сөп.

Министиэристибэ төрөппүттэргэ сүбэлиир:  

Оҕоҕут дьарыгын, доҕотторун эргимтэтин уонна интэриниэккэ туох дьарыктааҕын интэриэһиргээҥ;

Сэрэхтээх этиилэргэ, суруйсууларга уонна кутталлаах дьайыылары оҥорорго ыҥырыыларга болҕомтолоох буолуҥ;

Оҕолорго тоҕо көҥүлэ суох харабылланар уонна бобуулаах сирдэргэ сылдьыллыа суохтааҕын быһааран биэриҥ;

Оҕо саарбах этиилэр, суруйсуулар эбэтэр кутталлаах быһыылар тустарынан улахан дьоҥҥо кэпсиириттэн куттамматын курдук, итэҕэйсиилээх сыһыаны олохтооҥ.

Педагогтарга үөрэнээччилэргэ сэрэтэр уонна быһаарар үлэни күүһүрдэллэригэр, тус бэйэ куттала суох буолуутугар, быраап өттүнэн билиигэ уонна сыыппара эйгэтигэр эппиэтинэстээх быһыыга-майгыга болҕомтолорун ууралларыгар сүбэлиибит.

Ытыктабыллаах төрөппүттэр! Оҕо оскуолаҕа хайдах үөрэнэрин эрэ буолбакка, иллэҥ кэмигэр тугунан дьарыктанарын, кими кытта бодоруһарын уонна ханнык интэриниэт-өрөсүүрсэлэри киирэн көрөрүн эмиэ интэриэһиргээҥ. Кинилэри кытары кутталлар тустарынан кэпсэтиҥ, кутталлаах этиилэри хайдах араарарга уонна улахан дьонтон көмө көрдүүргэ үөрэтиҥ.

Оҕо куттала суох буолуута болҕомтолоох буолууттан уонна итэҕэйииттэн саҕаланар. Оҕону кытта кэмигэр кэпсэтии кутталлаах быһыыны-майгыны тохтотуон сөп диэн министиэристибэ МАКС ханаалыгар суруйар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0