Кырдьык даҕаны, бу — сүрэх бааһын таарыйар, дууһаны ытатар туруоруу буолла. Анал байыаннай дьайыы ыар тыынын этинэн-хаанынан билбит дьон эрэ маннык дьиҥнээхтик суруйар, оонньуур кыахтаахтар. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра бу сылларга патриотическай тыыҥҥа олус күүскэ үлэлэһэр, оттон бу испэктээк — кинилэр сүрэхтэрин сылааһын ууран туран оҥорбут сүҥкэн үлэлэрэ.
Арассыыйа таһымыгар билиниллибит айымньы
Тыйаатыр уус-уран салайааччыта, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Прокопьевич Павлов туруоруута "Русские сезоны" куонкуруска кыайан, дойдубут Култуураҕа министиэристибэтин Гранын ылбыта — бу биһиги Сахабыт Сирин бүттүүнүн чиэһэ, кыайыыта буолар.
Сүрүн санаа — Ийэ сүрэҕэ
Бу испэктээк — сэрии уотугар сылдьар буойуттарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, анал байыаннай дьайыы толоонугар көмөлөһөр үтүө көмөһүттэргэ анаммыт бэлэх. Манна Ийэ барахсан муҥура суох долгуйуута, кини кытаанах, булгуруйбат эрэлэ, хараҕын уута көһүннэ.
Суруйааччы Степан Сивцев — Хамалга бу туруорууну "мин сүрэҕим бааһа" диэн ааттыыр. Кини бэйэтэ АБДь волонтера, инники кирбиигэ сылдьар уолаттары кытары алтыспыт, кинилэр кэпсээннэрин сүрэҕэр иҥэриммит буолан, сыанаҕа дьиҥ олох, дьиҥ ыарыы киирдэҕэ.
СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова сүрүн дьоруой Маайа, Кэнчээри ийэтин абатын-сататын, аһыытын-ньулуунун хайдахтаах курдук дириҥник арыйбытый?! Кини оҕото тыыннааҕар итэҕэйэн, дьону түмэн, үтүө санаалаах дьон хамсааһынын тэрийэр. Мария: "Бу оруолга киирэрбэр, хас биирдии саха ийэтин хараҕын уутун, кини тулуурун эппинэн-хааммынан арыйдым", — диэн этэрэ көрөөччү сүрэҕин долгутта.
Харах уута тохтор түгэнэ
Испэктээк ыалдьыттара — Светлана уонна Владислав Диодоров-Лаврентьевтар. Кинилэр — кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубут байыас төрөппүттэрэ. "Хас биирдии инники кирбииттэн кэлбит уолга ийэ дойдутуттан кэлбит кыра да кэһии, амтаннаах ас — ураты күндү. Биһиги уолбут Владимир бааһыран госпитальга сытар кэмигэр ону элбэхтэ этэрэ. 2025 сыл муус устар ыйыгар баара-суоҕа 24 сааһыгар олоҕун толук уурбута...", — диэн ийэ барахсан иэйэн-куойан туран кэпсээтэ.
Кини — Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин бүтэрбит, 2-с №-дээх балыыһаҕа биэлсэринэн үлэлээбит, Дьокуускайга үс оҕону ууттан быыһаан, дьон махталын ылбыт хорсун уол. 2021 сылтан аармыйаҕа, 2023 сылтан АБДь зонатыгар ротатын биэлсэринэн сылдьан, сырдык тыына быстыбыта...
Көрөөччүлэр фойеҕа киирээт, кини сырдык кэриэһигэр анаммыт быыстапканы көрөн, харахтара ууланна. Бу — биһиги бүттүүн хомолтобут, сүтүкпүт.
Тыйаатыр — эмтиир күүс
Алексей Прокопьевич Павлов этэринэн, кинилэр сэриини, өлөрсүүнү көрдөрө сатаабаттар: "Биһиги сүрүн сорукпут — киһи олоҕун сыаналааһын, Ийэ дойдуга таптал, доҕордоһуу диэн тугун диэн көрдөрүү. "Эрэл ситимэ" — бу уолаттарбыт сүрэхтэригэр баар эрэл кыыма. Ол кыымы биһиги улаатыннаран, эһиэхэ тиэртибит. Бу туруоруу сүрүн дьоруойа — тыыннаах ийэ. Кини хараҕын уута — биһиги кыайыыга эрэлбит".
Көрөөччүлэр испэктээги көрөн баран, саалаттан ытаан, ол эрээри дууһалара ырааһыран, чэпчээн таҕыстылар. Бу — тыйаатыр ускуустубатын саамай үрдүк чыпчаала.
Галина Матвеева, ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0








