Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, дойдубутугар быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Бэлиэ түгэни туһанан, бүгүн Чечня эйэлээх олоҕун түстээбит, билиҥҥи баһылыктарын төрөппүт аҕата, чеченнэр киэн туттар, аатырбыт киһилэрин – Ахмат Кадыровы – кытары сирэй көрсөн илии тутуспут, ол дойду дьалхааннаах кэмнэригэр үрдүкү дуоһунаска сылдьыбыт саха киһитин туһунан сэһэргиэхпин баҕардым. Кыргызстан аатыттан кыттар, Саха сирин көҥүл тустууга Олимпиадаҕа эрэлин, наука дуоктарын, полиция хапытаанын иитэн таһаарбыт дьоллоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, ис дьыала миниистирин солбуйааччытынан, ыстаап начаалынньыгынан, Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы суутун судьуйатынан үлэлээбит Петр Васильевич Лазарев – бүгүҥҥү ыалдьыппыт.

Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, дойдубутугар быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Бэлиэ түгэни туһанан, бүгүн Чечня эйэлээх олоҕун түстээбит, билиҥҥи баһылыктарын төрөппүт аҕата, чеченнэр киэн туттар, аатырбыт киһилэрин – Ахмат Кадыровы – кытары сирэй көрсөн илии тутуспут, ол дойду дьалхааннаах кэмнэригэр үрдүкү дуоһунаска сылдьыбыт саха киһитин туһунан сэһэргиэхпин баҕардым. Кыргызстан аатыттан кыттар, Саха сирин көҥүл тустууга Олимпиадаҕа эрэлин, наука дуоктарын, полиция хапытаанын иитэн таһаарбыт дьоллоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, ис дьыала миниистирин солбуйааччытынан, ыстаап начаалынньыгынан, Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы суутун судьуйатынан үлэлээбит Петр Васильевич Лазарев – бүгүҥҥү ыалдьыппыт.

– Петр Васильевич, хантан төрүттээххиний?

– 1951 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр Аммаҕа күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт убайдаахпын. Аҕам сэрии кыттыылааҕа этэ, ийэбин кытары тапсыбакка кыра эрдэхпинэ арахсыбыттара, онон аҥаардас ийэҕэ иитиллибитим. Аҕата суох үөскээбит буолан, уулуссаҕа элбэхтэ тэлбистээбитим, онон оччоттон олох дьалхаанын билбитим, хара үлэҕэ мускуллубутум. Үлэлээбит ыырым олус киэҥ, арааһа, мин курдук үлэлээбит киһи суоҕа да буолуо – үс отделга милииссийэ начаалынньыгынан, үс холуонньаҕа начаалынньыгынан, Арассыыйа ИДьМ бөлөҕүн салайааччытын бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитим.

5d2d4520 9950 4fcf b828 de134a26578b

– Милииссийэҕэ хайдах сыстан барбыккыный?

– 1979 сылтан Ис дьыала уорганыгар киирэн үлэлээбитим. 1979 сыллаахха СГУ-ну ньиэмэс тыла учуутала идэлээх бүтэрбитим. Бастаан КГБ-га, омук тылын билиим үчүгэйин эҥин учуоттаан, үлэҕэ ылыах буолбуттара. 4-с кууруска сылдьан кинилэргэ тиийбиппэр, КГБ-лар «баартыйаҕа киир» диэбиттэрэ, ол эрээри университекка баартыйаҕа устудьуону ыла барбатахтара. Онон баартыйата суох буолан, КГБ-га киирбэтэҕим. 1981 сыллаахха Магадааҥҥа Бүтүн Сойуустааҕы юридическай институту «Судебно-следственно-прокурорская специализация» диэн идэлээх кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. 1987 сыллаахха Аммаҕа оперативнай үлэҕэ начаалынньыгы солбуйааччытынан анаабыттара, онтон 1989 с. ИДьМ академиятыгар үөрэттэрэ ыыталлар, ол кэннэ Аллайыахаҕа начаалынньыгынан анаабыттара. Уопсайынан, милииссийэ сулууспатын бары үктэлин туораабытым.

89123b49 acc8 4192 8619 b0885d44ef2f

– Петр Васильевич, эйигин Чечняҕа тиийэн, тойон буолан олорбута диэн кэпсээбиттэрэ ээ...

– 2003-2004 сс. ИДьМ бөлөҕүн бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитим. Сүрдээх эппиэтинэстээх сыл этэ: балаҕан ыйыгар – Ахмад Кадыров, ахсынньыга – Госдума, оттон 2004 сыл кулун тутарыгар Владимир Путин быыбардара буолуталаабыттара. Ол иһин дойдуга улахан бэлитиичэскэй дьаһаллар ыытыллар буоланнар, ити федеральнай бөлөх тэриллэн дьалхааннаах Чечняҕа үлэлиирэ. Мин иннибинэ ити дуоһунаска Волгоград, Ярославль дьоно салайан олорон, ити улахан бэлитиичэскэй дьаһаллартан дьаарханан, дуоһунастарыттан аккаастанан кэбиспиттэр этэ. Эппиэтинэһэ бэрт диэн. Теракт эҥин буолар түгэнигэр, «көтө-көтө барар» буоллахтара. Кинилэр аккаастаммыттарын кэннэ, миигин анаабыттара. Ол иннигэр 2002 сыллаахха Москубаттан ИДьМ улахан иниспиэктэрскэй хамыыһыйатын ааһабын. Онно бэлиэтии көрөн, миниистир Александр Назаровка тахсан, «Лааһарабы алта ыйга, наада буоллаҕына биир сылга, Чечняҕа ыытыҥ» диэбиттэр этэ. Инньэ гынан, ИДьМ бөлөҕүн салайааччытын маҥнайгы солбуйааччытынан тиийэбин. Ити – генерал дуоһунаһа. Сыл аҥаара сулууспалыыр кэммэр ити үөһэ эппит, дойдуга улахан суолталаах быыбардары ыстарбакка, туох да улахан быһылааны таһаарбакка, барыта этэҥҥэ ааһарын толорбутум. Путин талыллыбытын кэннэ, хантараагым бүппүтэ. Миэхэ «Петр Васильевич, өссө сыл аҥаарыгар хаалбаккын дуо?» диэн этии киллэрбиттэрэ. Дойдулаах, дьонноох, оҕолордоох киһи батыммытым. Сахам сиригэр төннөөппүн кытары, ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы параадын кэмигэр улахан теракт буолар. Онно Ахмат оҕонньор өлөр, генерал Баранов атаҕа суох хаалар... ИДьМ бөлөҕө 2,5 тыһ. киһилээх этэ, субъектартан барыларыттан кэлэллэрэ. Алта ый иһигэр 25 араас-араас субъектан командировкаланаллара. Мин үлэлиир кэммэр Саха сириттэн ким да мин курдук дуоһунаска сылдьыбатаҕа. Аны туран, мэлдьи буоларын курдук, салайааччытааҕар ордук солбуйааччыта үлэлиир. Салайааччыҥ сыҥааҕа эрэ хамсыыр, наада буоллаҕына, илии баттыыр. Киэһэ аайы ыстаапка 20-чэ генерал кыттыылаах, байыаннайдары кытары мунньахтыыбыт. Мин ИДьМ систиэмэтинэн оперативнай субуокканы биэрэн дакылааттыырым. Чечня диэн оччолорго иэдээн дойду этэ, этэргэ дылы, сэрии сэбэ өрө күүгүнээн олороро. Онон байыаннайдар соҕотоҕун хаһан да сылдьыбаттар, иннигэр миинэ иитэн, тоһуурдаан да турар түгэннэрэ бааллара. Тыын мананыыта. Оччолорго олохтоох милииссийэ уонна биһиги, федераллар, бэрээдэги көрөн олорбуппут.

db8623c2 8310 4151 9753 0d5c225eb47a

– Олохтоохтор федералларга сыһыаннара хайдах этэй?

– Чеченнэр бэйэлэрин сирдэригэр атын дьон хаардыы хаамарын, баҕар, соччо сөбүлээбэттэрэ да буолуо, истэрэ буһар буолуохтаах. Ким дойдутун тэбистэрэрин уруйдуоҕай? Ылан да көрдөххө, 3 ыйга, сыл аҥаарыгар тиийбит генерал, силовик сыһыана соччо истиҥэ да суох. Блокпоска эҥин турар дьон сорох түгэҥҥэ олохтоохтору хаадьылаан, сорох суобаһа суох бэрик да үктэтэ сатаан кэбилэнэр буоллахтара. Олохтоохтор күнүһүн үөрэ-көтө сылдьар курдуктар, оттон киэһэтин атын маасканы кэтиэхтэрин сөп. Биирдии-иккилии буолан маҕаһыыҥҥа да киирбэккин, уончалыы эрэ буоллахха биирдэ. Ытан кэбиһиэхтэрин сөп буоллаҕа. Олохтоох милииссийэ үлэһиттэрэ эмиэ бэйэ дьонугар соччо интэриэһэ суох буолааччылар, арай улахан боевиктары эҥин уодьуганныырга туора турбаттар.

– Эйигин кытары тойоттор кэккэлэригэр бэйэҥ курдук саха сирэйдээх баара дуу?

– Элбэх омук бэрэстэбиитэлэ сулууспалаабыта. Татаардар, башкирдар эҥин элбэхтэр этэ. Азиат суоҕа.

– Ахмат Кадыровы сирэй көрөн кэпсэттэҕиҥ дии?

– Оннук, олус чугастык да билсибэтэрбин, үлэ сиэринэн хаста да мунньахтарга илии тутуһан турабын. Ахмат Абдулхамидович Чечня бастакы хампаанньатыгар Арассыыйаны утары барбытын билэр буолуохтааххыт. Онтон кэлин бэлиитикэ уларыйбытын өйдөөн, дойдутугар эйэлээх олох түстэнэрин туһугар үлэлээбит киһи. Онон бастаан кинини ФСБ-лар тургутан көрөн, кэтии-маныы сылдьыбыттара. Мин кинини киһи быһыытынан олох сирбэппин. Оннук улаатымсык эҥин буолбатах, бэрт боростуой киһи этэ. Сахалыы судургутук эттэххэ, сопхуос салайааччытын курдук таһымнааҕа. Сатабыллаах салайааччы, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох, бэрт аһаҕас киһи этэ. Федераллары кытары сыһыана оһуобайа. Чечня ыстаабын начаалынньыга полковник Дакаев диэн бэрт өйдөөх, боростуой киһилиин үлэлээбиппит. Кини – олохтоохтору, мин федераллары салайабыт. Дакаев Омскайдааҕы милииссийэ оскуолатын бүтэрбит, бэйэ киһитэ буоллаҕа. Уопсайынан, Чечня оччотооҕу салалтата киһи быһыытынан үчүгэй дьон этилэр.

Сэһэргэһиини сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат 44 №-гэр ааҕаарыҥ. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением