Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

НАМ. Сэтинньи 19 күнэ /Ил Тумэн пресс-сулууспата/. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев кыттыылаах мунньахха Нам улууһун кэскиллээх бырайыактарын иһиттилэр, кыһалҕалаах боппуруостарын ырыттылар уонна инники үлэни торумнаатылар. Көрсүһүүгэ нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, үлэһиттэрэ, уопсастыбаннас кытынна.

НАМ. Сэтинньи 19 күнэ /Ил Тумэн пресс-сулууспата/. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев кыттыылаах мунньахха Нам улууһун кэскиллээх бырайыактарын иһиттилэр, кыһалҕалаах боппуруостарын ырыттылар уонна инники үлэни торумнаатылар. Көрсүһүүгэ нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, үлэһиттэрэ, уопсастыбаннас кытынна.

Алексей Еремеев федеральнай сокуоҥҥа соторутааҕыта киирбит уларыйыылары ырытан кэпсээтэ. Кини этэринэн, Россия Уу кодексыгар уларытыылар киирбиттэр. Докумуон ууга барар кутталлаах сирдэргэ тутууну бобор хааччахтааһыны киллэрэр.
«Хомойуох иһин, Нам, Хаҥалас, Таатта, Чурапчы, Үөһээ Дьааҥы, ону таһынан Сунтаар улуустарын сирдэрэ уу ылар (подтопление) зонатыгар киирэр түгэнигэр, манна тутуу бобуллар», — диэн Алексей Еремеев бэлиэтээтэ.
Баар хааччахтааһыннар саха дьоно былыр-былыргыттан олохсуйан олорбут төрүт сирдэригэр-уоттарыгар дьайарын парламент спикерэ тоһоҕолоон эттэ. Ол иһин, быыбардааччылар уонна улуус салалтата сокуон ирдэбилин сымнатар туһунан көрдөһүүлэрэ киирбит.
«Ил Түмэн сокуон барылын оҥорон, көҕүлээн саха норуотун төрүт сиригэр-уотугар бу нуормалары сымнатарга федеральнай киини кытта үлэлэһиэҕэ», — диэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ эбэн эттэ.

Мунньах кыттыылаахтара Ил Түмэн спикэригэр ыччат аныгы кэми кытары тэҥҥэ хаамсан сайдарыгар туһуланар сонун бырайыактарын сырдаттылар. Ол курдук, уһулуччу талааннаах оҕолорго гуманитарнай-үөрэтэр киини арыйыахха диэн Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын кэпсээтэ. Итини сэргэ Хатырык сэлиэнньэтигэр политологическай киини олоххо киллэрии туһунан улуустааҕы үөрэх салалтатын салайааччыта Мария Игнатьева иһитиннэрдэ.
Көрсүһүүгэ улуус кэнэҕэски сайдыытын эрэ буолбакка, история чахчыта буолар түгэннэри, сыллата уу ылар кыһалҕатын уо. д. а. боппуруостары ырыттылар. Петр Бекетов дьаһалынан Дьокуускай (Ленскэй) остуруок бастакы түөрэҕэ түспүт сирин чопчулуур туһунан улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Семен Ядрихинскай эттэ. Итиэннэ Арассыыйатааҕы сокуоҥҥа уларыйыы киирбитинэн халааҥҥа хаарыйтарар сирдэр кыһалҕаларын Нам улууһун дьаһалтатын үлэһитэ Александра Маркова дакылааттаата.

Нам2

Ил Түмэн пресс-сулууспата

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0